Ытык ыал аҕата кээнчэни тигиигэ сүбэлэрин биэрдэ 

Майаҕа “Дьол түһүлгэтигэр “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук иһинэн үлэлиир Федора Наумова салайааччылаах иис сыаҕар Лоомтука олохтооҕо, “Ытык ыал” аҕата Николай Яковлев анаан кэлэ сырытта. Кини кэргэнэ Зоя Васильевналыын 10-тан тахса сиэн, 3 хос сиэн тапталлаах эһэтэ, эбэтэ  буолаллар. анал байыаннай дьайыыга 2 сиэннэрэ сылдьаллар.  

Николай Николаевич ийэтэ баҕа кээнчэ диэни тигэр эбит. Ол кээнчэ икки өттүнэн эргитэ сылдьан кэтиллэр буолан киһи атаҕа мэлдьи кураанах сылдьарынан уратылаах. Ытык ыал аҕата кээнчэ тигиитигэр сүбэтин биэрдэ. Кини сүбэтин ылынан иистэнньэҥнэр махталы кытары  туһаныах буоллулар.  Ытык кырдьаҕас сукуна матырыйаал уонна 5000 солкуобайы харчынан көмөтүн  туттарда. 

Н.Н. Яковлев таайа Алексей Афанасьевич Яковлев 1941 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 4 сыл сэриилэспит. Таайын быраата Белоруссияҕа бара сылдьан убайын көмүс уҥуоҕа ханна харалла сытарын, пааматынньыкка аата суруллан турарын көрөн сүгүрүйэн кэлбит. 

— Аҕа дойду сэриитигэр кыайыы туһугар норуот тыылга көмөлөспүтэ, бу биһиги көмөлөһүөхтээх ытык иэспит буолар. Анал байыаннай дьайыы түргэнник бүтэн, дьоммут чөл-чэгиэн эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын, — диир ытык киһи. 

Марелла Баишева.