Национальнай бырайыак: «Доруобуйа харыстабыла»

Нэһилиэнньэ ортотугар өлүү көрдөрүүтүн аччатар инниттэн 2006 сыллаахтан дойду үрдүнэн «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак олоххо киллэриллиэҕиттэн киэҥ далааһыннаах үлэ-хамнас ыытыллар. Бырайыак аҕыс сүрүн хайысхатыгар бастакы сүһүөх медицинскэй көмөнү оҥорууну тупсарыы, сүрэх-тымыр, искэн ыарыыларын кытары охсуһуу, оҕоҕо аналлаах медицинскэй көмөнү сайыннарыы, каадырдары бэлэмнээһин; доруобуйа харыстабылын сыыппараҕа көһөрүү, национальнай медицинскэй кииннэри сайыннарыы, медицинскэй туризмы сайыннарыы киирсэллэр.

Ити бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр, ол иһигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар нэһилиэнньэ доруобуйатын араҥаччылааһыҥҥа, бөҕөргөтүүгэ, ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ үлэ ис хоһоонугар үгүс саҥа сүүрээн олохтонно, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин материальнай-тэхиньиичэскэй баазалара лаппа тупсарылынна, эмчиттэр хамнастара үрдээтэ.

Ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр инниттэн медицинскэй чинчийэн көрүүгэ, ол эбэтэр  үгүстүк туттар тылбытынан  диспансеризацияҕа, кэлин сылларга болҕомто ордук күүһүрдэ. Оннооҕор Федеральнай сокуонунан Үлэ Кодексыгар саҥа ыстатыйа олохтонон 40 саастаах киһи диспансеризацияны ааһарыгар өрөбүл ылар бырааптанна. Бу күнү сылга биирдэ туһаныахха сөп уонна РФ Үлэҕэ Кодексынан хамнас төлөнөр. 40-тан үөһэ саастаах дьон диспансеризацияны сыл аайы ааһаллара олохтонно.

Улууспутугар быйылгы сылга диспансеризация хаамыытын билсэ сырыттыбыт.

‒ Улууспутугар национальнай бырайыагынан 2022 сыллаахха КамАЗ-43118 баазатыгар «Диагностика» көһө сылдьан үлэлиир мобильнай комплекс кэлбитэ. Быйылгы сылга бу комплексынан улууспут бары нэһилиэктэрин кэриэтэ хаптыбыт. Бу комплекс толору хааччыллыылаах. Дьахтар кабинета,  анаалыстары ыларга процедурнай, терапевт быраас көрөрүгэр толору усулуобуйа баар. Экг аппараата, акушерка көрөр остуола, эмп-томп барыта итиннэ баар, ‒ диэн улуустааҕы киин балыыһа медицинскэй профилактикаҕа бырааһа Ирина Маркова.

Кини иһитиннэрбитинэн, мобильнай комплекс нөҥүө улахан дьоҥҥо 2829 киһи чинчийиини ааспыт. Ол түмүгүнэн 106 киһи бу иннинэ туруорулла илик ыарыылаахтара биллибит. Итинтэн баһыйар үгүс өртө ‒ сүрэх-тымыр ыарыылара, саахар диабетыгар 10, тыҥа ыарыытыгар 31, искэннээх 9 киһи. Бу иннинээҕи чахчылары кытары тэҥнээтэхэ, искэн ыарыытыгар көрдөрүү улааппыт.

Быйылгы сылтан доруобуйа харыстабылын салаатыгар «Демография» национальнай бырайыагынан нэһилиэнньэ төрүүр-ууһуур саастаах  дьоҥҥо, 18 ‒ 49 саастаах дьахталларга уонна эр дьоҥҥо, диспансеризация саҥа көрүҥэ киирдэ. Онно гинеколог,  хирург-уролог көрүүтэ киирэр. Бу чинчийии икки түһүмэхтэн турар. Бастакыта ‒ анкетаны толоруу уонна быраастарга көрдөрүү.  Өскөтүн ыарыы булуллубут буоллаҕына, иккис түһүмэххэ ыҥырыллан толору чинчийиини ааһан эмтэнии ананар.

Бу күннэргэ диспансеризацияҕа көһө сылдьан үлэлиир эмчиттэр биригээдэлэрэ орто анал үөрэх тэрилтэлэринэн Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун Төҥүлүтээҕи филиалын уонна Р.И.Брызгалов аатынан Тырааныспар тиэхиньикумун устудьуоннарын уонна үлэһиттэрин көрдө-иһиттэ. Улуустааҕы поликлиника хирург-уролога бырааһа Иннокентий Семенов, Төҥүлүтээҕи уонна Аллараа Бэстээхтээҕи быраас амбулаториятын акушеркалара Лидия Ноговицына,  Светлана Пинигина, миэдсиэстэрэ Алина Кривошапкина тиэхиньикумнар үөрэнээччилэригэр уонна үлэһиттэригэр диспансеризация бастакы түһүмэҕин ыыттылар.

Ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр инниттэн хас биирдии киһи сааһыттан тутулуга суох доруобуйатын кэмиттэн кэмигэр көрдөрүнэ сылдьыахтааҕын умнуо суохтаахпыт. Доруобуйабыт ‒ бэйэбит илиибитигэр.

Алена ДОКТОРОВА.