Улууспут ытыктабыллаах олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!

Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит уонна төрүт сокуоммут күүһүгэр киирбит икки бүк бэлиэ күнүнэн

Мэҥэ Хаҥалас улууһун үтүө үлэһит дьонун, салалтатын, дьокутааттарын Сэбиэтин ааттарыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

 

Сахабыт сирин инникитин быһаарбыт муус устар 27 күнэ хас биирдиибитигэр улахан суолталаах.

 

Бу күн улуу убайдарбытын Максим Аммосовы, Былатыан Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову, биир дойдулаахпытын Кузьма Гавриловы уонна да атын үтүөкэннээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэри,

Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспит чулуу дьоммутун киэн тутта, махтана ахтан-санаан ааһабыт.

 

Саха норуота — кэскиллээх норуот. Үгүс күчүмэҕэй, дьалхааннаах кэмнэри этэҥҥэ туораан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэллэхпит.

 

Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортолоругар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы өттүнэн инники күөҥҥэ сылдьааччылартан биирдэстэрэ буолар.

 

Маннык үрдүк таһымҥа сылдьарбытыгар улууспут дьоно-сэргэтэ тус кылааккытын киллэрэн, тэтимнээх сайдыы суолун тобулан, норуот хаһаайыстыбатын бары салаатыгар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргыт үтүө холобур буолар.

 

Инникитин даҕаны бу курдук Сахабыт сирэ чэчирии сайдарыгар биир санаанан салайтаран, сомоҕолоһон барҕарыы суолунан барыахпыт диэн энчирээбэт эрэллээхпит.

 

Бу бэлиэ күн биир дойдулаахтарбытыгар барыгытыгар чэгиэн туругу, дьолу, бары үтүөнү уонна эйэни баҕарабыт.

Чөл өйдөөх-санаалаах, бигэ тирэхтээх, сарсыҥҥыны саргылыыр, дойдубутун сайыннарар ситиһиилээх, үлэһит, чулуу норуот буолуоҕуҥ!

 

Тапталлаах Сахабыт сирэ үүнэ, сайда, чэчирии туруохтун!

 

Истиҥ эҕэрдэни кытта,

улуус баһылыга Дмитрий Тихонов

оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов