Сюцай: Дьылҕа Хааммыт ыйааҕа хайдах түстэнэр эбитий?

Хас биирдии киһи Орто дойдуга кэлбит оҥоһуута, анала-чааһа, олоҕун суола, үлэтин эйгэтэ, хайысхата төрөөбүт күнүттэн, ыйыттан,
сылыттан — сыыппара кистэлэҥ күүһүнэн салаллар эбит.
Билигин аан дойдуга киэҥник тарҕанан эрэр СЮЦАЙ сыыппара билимэ киһи табыллар бааттаах күнүн-сылын, биисинэскэ сөп түбэһэр сыыппараларын, тус бэйэтин туһунан араас билиини ‒ тапталга, дьоннуун алтыһарга, идэҕэ таба тайанарга, удьуор дьоҕуру арыйарга , үлэҕэ сыһыаҥҥа, бэл, таҥнар таҥаһыҥ дьүһүнүгэр тиийэ сыччах төрөөбүт күнүҥ сыыппараларынан сирдэтэн, сайдар-салаллар , кыһалҕаттан тахсар суолларгын ааҕан таһаарар уонна да атын кистэлэҥ билиилэри арыйар.
Быйыл сайын уйулҕаһыт идэлээх Виктория Егоровна Бурнашева бу саҥа билимҥэ сюцай төрүттээччитигэр, аан дойдуга «Уоттаах Цигун» ньыматын (киһи психоэмоциональнай өрүтүн ыраастааһын, ньиэрбэ систиэмэтин чөлүгэр түһэрии) 9 киһиттэн биирдэстэрэ, философия билимин дуоктора, Оксфорд үөрэхтээһин ситимин дуоктора, «Посол Мира» бочуоттаах аат сүгээччитэ о. д.а элбэх ааттаах-суоллаах академик Жанат Кожамжаровка Иссык Күөлгэ баран үөрэнэн дипломнаах маастар буолан кэллэ.
Атырдьах ыйын 3 күнүгэр улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар бастакы маастар кылаас кэрэхсэбиллээхтик ааста.
Киһи Орто дойдуга кэлиэҕиттэн тус бэйэтин сиргэ түспүт сэрэбиэйин, аналын толоруохтаах, кут быһыытынан үүнэр-сайдар соруктаах. Үөрэҕи төрүттээччи Жанат Кожамжаров идэни муҥутуурдук баһылыырдааҕар киһи буолар ордук уустугун этэр. Сюцай ‒ нумерология, Ба Цзы да буолбатах. Бу киһи уйулҕатын туһунан саҥа билим айылҕа дириҥ билиитигэр олоҕурар. Сахалар киһи буолуу туһунан өйдөбүллэригэр олус сөп түбэһэр.

Евдокия Решетникова.