Балыктаахха «Доруобуйа», «Арчы» түмсүүлэр уонна кулууп үлэһиттэрэ улуус иһинэн ыытыллыбыт «Сылаас суорҕан» аахсыйаҕа кыттыһарга бөһүөлэк олохтоохторугар биллэрэн, олохтоохтортон суорҕан, харчы хомуйбуттарын тохсунньу 25 күнүгэр Майаҕа «Түмэннэргэ» киллэрэн туттардыбыт.
Мэҥэ нэһилиэгин баһылыга Александр Куприянов тырааныспарынан көмөлөстө. Балыктаах олохтоохторо буола турар балаһыанньаны өйдөөннөр наһаа көхтөөхтүк кытыннылар. Ыраах баар биир дойдулаахтарбыт Анаабыр Үрүҥ Хайатыттан, Амматтан, Дьокуускай куораттан көмөлөрүн ыытан өйөөтүлэр.
Майаҕа «Дьол түһүлгэтэ» – бары түмсүүлэр мустар сирдэрэ эбит. Элбэх үлэ бара турарын илэ харахпытынан көрдүбүт. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутугар анаан араас таҥаһы тигэллэр, харыстыыр сиэккэ баайа сылдьаллар, бааҥка хомуйан блиндаж чүмэчилэрин бэлэмнииллэр эбит. Ийэлэр-эбээлэр, үлэ чааһын кэнниттэн тэрилтэлэр кэлэн көмөлөһөллөр. Ыҥырыыны ылынан атын нэһилиэктэр эмиэ кэлэн көмөлөрүн туттарбыттар.
«Арчы» түмсүү салайааччыта Надежда Рожина «Өбүгэ ситимигэр» үөрэнэн, көҥүллээх буолан, үлэлии сылдьар эбээлэри илбийэн, сылааларын таһааралларыгар көмөлөстө, сүбэ-ама биэрдэ.
Ити курдук, аахсыйаны өйөөммүт Мэҥэ нэһилиэгин олохтоохторо бэйэбит көмөбүтүн тиэртибит.
Мария Захарова.