Степан Андреев: «Дойдубут инники кэскилэ барыбытын долгутар»

Степан Андреев, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Майа, Мэҥэ Хаҥалас:

‒ Бүгүн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сыл бүтэһигэр быһа эпииргэ тахсыытын тэлэбиидэнньэнэн көрдүбүт.

Кылгастык бэлиэтээтэххэ, дойдубутугар тыҥааһыннаах балаһыанньа барыбытын долгутар, ол тула Бэрэсидьиэн тугу этэрин кэтээн көрөбүт. Арассыыйа уонна Кытай сыһыаннаһыытыгар сиһилии тохтоото. Израиль, Сирия, Палестина боппуруостара уустуктара этилиннэ.

Үлэтэ суох дьон ахсаана муҥутуур намыһах көрдөрүүлэммит — 2,3 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит.

Дойду баһылыга байыаннай дьайыыга сыһыаннаах ыйытыыларга хоруйдаата.