Сэрэбиэйдьит Сэмэн дьоҥҥо элбэхтэ көмөлөспүт

Айылҕаттан бэрсиһиннэрбит дьон нэһилиэк аайы бааллар. Сэбиэскэй кэмҥэ сэриигэ сылдьыбыт Киргиэлэйэп Сэмэн Ыстапаанабыс, төһө да элбэх оҕолоннор, кыаммат—түгэммэт олохтоннор, нэһилиэгин олохтоохторугар, дьоҥҥо туһалыы сылдьыбыт.

Кини ааттаах сэрэбиэйдьит эбит. Дьиҥинэн, кинини кытта алтыспыт, туһаммыт дьон нэһилиэккэ элбэх эрээри, өлөн-сүтэн бүттүлэр. Арай кинилэр оҕолоро, билигин 70 саастарын ааспыттар, онон-манан өйдүүллэр эрээри, онно суолта биэрэн сурукка-бичиккэ киллэрэр киһи суох. Нэһилиэкпит кинигэтигэр аата-суола киирбит, бу сэдэх идэтэ толору сырдатыллыбатах.

Онон өйдүүр дьонтон, кыыһыттан ону-маны ыйытан билбиппиттэн биири кэпсиим.

Ньукулай Туустаахха бостууктуура эбитэ үһү. Арай биир кыһын көлүнэр оҕуһа сүтэн хаалбыт. Онон-манан көрдөөн көрбүт, булбатах. Биригэдьиир туран хаар түспүтүн кэннэ, оҕуһун булбатаҕын иһин, төлөтөөрү аах суруйан киирэн барбыт. Оччолорго оҕус сыаната балачча, эбэтэр ыанар ынахтарын тутан ылаары гыммыттар. Дьэ, ыалга ыксал тирээбит. Ити 1960-с сылларга. Хайыахтарай, Сэмэҥҥэ тиийэн көрдөспүттэр. «Сэрэбиэйдээн кулу, оҕуспут ханна баарын», – диэбиттэр.

Сэмэн хаартытын ылан сэрэбиэйдээн барбыт уонна эппит:

— Оҕускут баар. Бэстээх нууччата илдьэ барбыт. Саха Бэстээҕэр маннык дьүһүннээх, бу аадырыска, дьиэтэ-уота маннык, сарайын иһигэр кистээн аһатан туруорар, – диэбит.

Ньукулай Бэстээххэ тиийэн, оруобуна дьүһүннээбит нуучча оҕонньоруттан оҕуһун булан ылбыт.

Киһитэ: «Оттон эйиэнэ буоллаҕына, илдьэ бар ээ…», – диэн эппиэттээх үһү.

Инньэ гынан, оҕуһун кэбиһиилээх оттон тардан ылан, аһата-аһата Туустааҕар кэлбит. Ыстарааптан куоппут.

Дьэ ити курдук Сэмэҥкэ нэһилиэгин дьонугар элбэхтэ көмөлөспүт эбит да, бу үтүө дьыалата, хомойуох иһин, сөптөөхтүк үйэтитиллибэтэх.

 

Федот Харитонов.