Саха киһитин булгуруйбат дьулуура эрэйиллэр

От үлэтэ араастаах. Киин улуус дьоно тиэхиньикэлэрэ элбээн түргэнник элбэҕи, чэпчэкитик оттууллар. Тиэхиньикэни эрэ билиэхтэрин, сатаан оҥостуохтарын наада.

Оттон хоту улуустарга оттооһун букатын атын. Саха киһитин булгуруйбат дьулуура эрэйиллэр. Өймөкөөҥҥө куруук илии үлэтэ. Ардах аннынан, уулаах сири оттууллар. Охсубут отторун хомуйан, аллараанан салгын сылдьар мас үрдүгэр куурдаллар. Соһон аҕалан. Аны кууран абыраабыт буоллаҕына, үрдүк, уу ылбат сиригэр соһон илдьэн кэбиһэллэр. Эр киһи моонньо суон буоллаҕына соһон эрдэҕэ.

Саха тэлэбиидэнньэтэ онно тиийэн дьон хайдах курдук сатабыллаахтарын устан, дьиҥнээх үлэ дьоруойдарын көрдөрүө эбиттэр. Ол киин сир отчуттарыгар үтүө холобур буолуох этэ. Саатар ууларын отун оттуу үөрэниэхтэрэ. Саха киһитин дьулуурун-тулуурун көрдөрөр бэртээхэй теле-уочарка тахсыах этэ.

 

Федот Харитонов.