Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын 2023 сыллааҕы үлэлэрин кылгас отчуота

2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын үлэтэ-хамнаһа арҕааҥы дойдулар өтөрүнэн кимиэхэ да туттубатах санкцияларын туоратыыга уонна экэниэмикэни бөҕөргөтүүгэ туһаайыллыбыта. Бу тургутууга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Россия эрэллээх эркинэ, экэниэмикэтин бөҕө-таҕа тирэҕэ буолар.

2023 сыл ахсынньыга Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Федеральнай мунньахха сылын ахсын оҥорор Анал этиитигэр анал байыаннай дьайыыны элбэх омуктаах норуоппут өйөөбүтүн бэлиэтээбитэ. Бу дьиҥ патриотизмы кэрэһилиир. Дойдуга кыһалҕалаах кэм-дьыл бүрүүкээбит кэмигэр патриотическай өй-санаа күүһүрүүтэ, биир санааланыыга дьулуһуу, былаас уонна уопсастыба сомоҕолоһуута хомуурга барбыт Саха сирин олохтоохторун уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин өйөөһүҥҥэ дьэҥкэтик көстүбүтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар эйэлээх олоҕу чөлгө түһэрэр, куорат инфраструктуратын, олох-дьаһах, култуура эбийиэктэрин өрөмүөннүүр үлэни-хамнаһы салгыы ыытта.

Судаарыстыба сиэр-майгы, духуобунай төрүттэрин бөҕөргөтүү боппуруостарыгар нэһилиэнньэ, бизнес уонна судаарыстыбаны салайар күүстэр сомоҕолоһуулара ураты суолталааҕын бүгүн тулабытыгар буола турар уларыйыылар көрдөрөллөр. 2023 сыл – бу дьоруойдар сыллара. Биһиги дойдубут, төрүт сирбит-уоппут, экэниэмикэбит, култуурабыт көмүскэлигэр хорсуннарын-хоодуоттарын, үтүө майгыларын-сигилилэрин көрдөрбүт дьоммут сыллара. Россия Дьоруойун үрдүк аатын быйыл ылбыт биир дойдулаахтарбытынан – Александр Колесовынан, Алексей Неустроевынан, Филипп Евсеевинэн уонна Дмитрий Егоровынан киэн туттабыт.

2023 сылы Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Россия Федерациятыгар Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэрбитэ.

Педагог уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 2 тыһыынчаттан тахса тэрээһин ыытыллыбыта, педагогтары өйөөһүҥҥэ, педагог аатын үрдэтэргэ, үтүө суобастаах үлэҕэ көҕүлүүргэ туһаайыллыбыт кэккэ дьаһаллар ылыллыбыттара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын дьаһалынан 36 бастыҥ педагог-уһуйааччыга 100-түү тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ туттарыллыбыта. Куонкуруһунан сүүмэрдээһиҥҥэ 36 муниципальнай тэриллииттэн 174 педагог-уһуйааччы кыттыыны ылбыта.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондата” кэмиэрчэскэй буолбатах тэрилтэни кытта 100 бастыҥ педагогка 100 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх анал бириэмийэ туттарыллыбыта.

Саха сирин хотугу норуоттарын төрөөбүт тылларын, литератураларын уонна култуураларын үөрэтиигэ төһүү буолар сыаллаах тэриллибит төрөөбүт тыл, литература уонна Саха сирин хотугу норуоттарын култуураларын учууталларын бастакы съеһэ Педагог уонна уһуйааччы сылын бэлиэ түгэнинэн буолбута. 30 тыһыынчалаах педагогтар уопсастыбаларын түмэ тардан педагогическай декада ыытыллыбыта.

Педагогическай идэҕэ тардар сыалтан өрөспүүбүлүкэ 32 улууһугар 72 психологическай-педагогическай кылаас уонна бөлөх арыллыбыта, онно 900-тэн тахса үрдүкү кылаас оҕолоро үөрэнэллэр.

Кэлэр кэм педагогар үтүө сыһыаны үөскэтэр, “учуутал” идэ умсугутуутун күүһүрдэр инниттэн устудьуоннарга, педагогическай идэлэри баһылааччыларга “Педагогика кынаттара” бастакы идэтийбит куонкурус ыытыллыбыта.

Бары оскуолаларга, орто профессиональнай үөрэх тэрилтэлэригэр, эбии үөрэх тэрилтэлэригэр уһуйааччы тиһигэ киллэриллибитэ, онно араас бырагыраамаларынан уонна идэҕэ уһуйуу көрүҥүнэн 9 096 педагог, ол иһигэр 35 сааһын туола илик 4 087 эдэр педагог уонна 3 сылга диэри ыстаастаах 1 859 эдэр учуутал уонна педагог хабыллыбыта.

Саха сирэ педагогическай династияларынан киэн туттуоҕун туттар. “Учуутал — мин аналым” Саха Өрөспүүбүлүкэтин педагогическай династияларын туһунан кинигэ тахсыбыта, онно 35 улуустан 192 педагогическай династия туһунан матырыйаал киирбитэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан Үлэ сылынан биллэриллибит сылга өрөспүүбүлүкэҕэ оҥорон таһаарыы бастыҥ үлэһиттэрин, үлэ династияларын, үлэһит дьону чиэстээһиҥҥэ туһаайыллыбыт киэҥ далааһыннаах хамсааһын тахсыбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын «Үлэ киһитэ» 300 тыһ. солкуобай кээмэйдээх бириэмийэтэ олохтоммута. Бу бириэмйиэ кыайыылаахтарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар суолталаах кылааттарын киллэрбит, оҥорон таһаарыыга уонна үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит 50 бастыҥ үлэһит буолла. Саха сирин бастыҥ үлэ династияларын кинигэтигэр 2023 сылга 159-тан 644 сылга диэри уопсай үлэ ыстаастаах дьиэ кэргэннэр киирдилэр.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын сорудаҕынан 2023 сылга үлэ бэтэрээннэригэр санаторий-куруорт эмтэниитин усулуобуйалара тупсарылыннылар. 2023 сылтан Ийэҕэ Үрдүкү махтал бэлиэтигэр 100 тыһ. солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан наҕараадалааһын олохтонно.

Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ позициятын күүһүрдэр. 2023 сылга эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта 2 трлн 301 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ 3,5 бырыһыан улаатта. Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы индексэ 2022 сылга тэҥнээтэххэ 100,8 бырыһыан буолла. Инвестиция кээмэйэ 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ 5 бырыһыан элбээн 715 млрд солкуобайга тэҥнэстэ.

Бөдөҥ инвестиционнай бырайыактарга Элгээтээҕи чох баайдаах сири баһылааһын буолар. Сылга 24,5 мөл. туонна чоҕу хостуур кыахтаах 5 байытар фабрика, олортон 4 фабрика 2023 сылга үлэҕэ киирдэ. 2024 сылга хас биирдиилэрэ 7 мөлүйүөн туоннаны хостуур кыахтаах 2 байытар фабриканы үлэҕэ киллэрии былааннанар. Чуумпу акыйааннааҕы тимир суол 290 км уонна Элгээтээҕи былаһааккалаах 2,2 км уһуннаах түһэр-көтөн тахсар балаһа тутулуннулар.

“Саха сирин соҕуруу өттө” урутаан сайыннарыы сирин-уотун резиденэ (“Мечел” Публичнай Аахсыйалаах Уопсастыба) Нерюнгри оройуонугар Сиваглинскайдааҕы тимир рудалаах сири туһаҕа таһаарыыны саҕалааһына 2023 сыл бэлиэ түгэнинэн буолла. Верхоянскай оройуонугар “Прогноз” үрүҥ көмүс баайдаах сири туһаҕа таһаарыы саҕаланна (“Полиметалл” Аахсыйалаах Уопсастыба). Томпо оройуонугар “Үөһээ Мөҥкөчө” полиметаал рудалара баайдаах сири үлэҕэ киллэрии (“ГеоПроМайнинг” Хааччахтаммыт Эппиэтинэстээх Уопсастыба). Алдан оройуонугар “Хвойнай” баайдаах сиргэ көмүһү ылҕыыр фабриканы тутуу саҕаланна (“Селигдар” Публичнай Аахсыйалаах Уопсастыба). Мииринэй оройуонугар “Мир глубокий” сир аннынааҕы рудникка тутуу былаһааккатын бэлэмниир үлэ саҕаламмыта.

Бырабыыталыстыба уонна бөдөҥ хампаанньалар икки ардыларыгар 41 сөбүлэһии, ону тэҥэ оройуон дьаһалталарын уонна сир баайын туһанааччылар икки ардыларыгар – 97 сөбүлэһии, “Олохтоох каадыры бырамыысылыннаска” бырайыак сүнньүнэн 47 сөбүлэһии үлэлиир, “Навахту14” бырайыак сүнньүнэн 4 сөбүлэһиигэ илии баттаммыта. 2016 сылтан сир баайын туһанааччылар 46,5 млрд солкуобайтан тахса суумалаах үбүнэн көмөнү оҥорбуттара.

Бүддьүөт дохуотун сүрүннүүр өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин баазавай сиэктэрэ эрэллээхтик улаатар уонна Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун тупсарыыга бөҕө тирэх оҥорор.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2023 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуота 352,4 млрд солкуобайга тэҥнэстэ (былааҥҥа 109,1 бырыһыан, 2022 сылга тэҥнээтэххэ 110,2 бырыһыан). Ааспыт сыл бу кэмнээҕи көрдөрүүтүн кытта тэҥнээтэххэ киирии 32,7 млрд солкуобайынан эбэтэр 10,2 бырыһыан элбээбит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн ороскуота 355,5 млрд солкуобай (2022 сыл таһымыгар тэҥнээтэххэ 107,7 бырыһыан).

Биһиги сүрүн сорукпут – Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун-дьаһаҕын таһымын үрдэтии. Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнин көҕүлээһининэн онуоха туһуламмыт национальнай бырайыактар олоххо киирэллэр. 2023 сылга 70 млрд солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 54 млрд солкуобай ыытылынна.

2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 57 социальнай эбийиэк, ол иһигэр национальнай бырайыактар сүнньүлэринэн 30 эбийиэк тутулунна. 2024 сыл – национальнай бырайыактары түмүктүүр сыл. Социальнай инфраструктура муҥутуур элбэх эбийиэгин – барыта холбоон 76 эбийиэги, олортон национальнай бырайыак чэрчитинэн 36 эбийиэги үлэҕэ киллэрии былааннанар.

Өрөспүүбүлүкэ Россия Федерациятын уонна Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортотугар демографическай көрдөрүүлэринэн инники күөҥҥэ сылдьара оннунан хаалар. 2023 сыл сүрүн ситиһиитэ – Саха сирин мөлүйүөннээх олохтооҕо күн сирин көрдө.

Демографическай уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин олоххо киллэрии чэрчитинэн өйөбүл дьаһалларын тупсарыыга ураты болҕомто ууруллар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыалга 118 тыһыынчаттан тахса оҕо иитиллэр.

2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 11282 оҕо төрөөтө. 2023 сылга “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал бэриллэрин туһунан 10803 быһаарыы ылылынна. 2023 сылга тус сыаллаах хапытаал харчытын, ол иһигэр 2022 сылга бэриллибит 702,1 мөлүйүөн солкуобай уопсай суумалаах сертификаттары 13 814 сайабылыанньалаах туһаммыт. Индексацияны учуоттаан, 2023 сылга төлөбүр кээмэйэ 105 000 солкуобайга тэҥнэспит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана тус сыаллаах хапытаалы олоххо киллэриини 2027 сыл түмүктэниэр диэри уһатта.

2011 сылтан үһүс уонна онтон салгыы төрүүр оҕоҕо “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала олоххо киллэриллэр, 2023 сылга хапытаал кээмэйэ 151 690 солкуобайга тэҥнэстэ.

2023 сылга “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын 2130 сертификата оҥоһулунна. Онуоха бэйэлэрин бырааптарынан 2 187 ыал, ол иһигэр 2023 сыл иннинэ бэриллибит сертификаттарынан туһанна. 2023 сылга “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын төлөбүрүгэр уопсайа 257,3 мөл. солкуобай ыытылынна.

Иккис оҕо төрөөһүнүгэр эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала 2023 сылга 2 837 ыалга ананна, оҕо төрөөбүт сылыттан көрөн хапытаал кээмэйэ 232 688,5 солкуобайга тэҥнэстэ. Уопсайа 385,47 мөлүйүөн солкуобай суумалаах хапытаалы 2 099 дьиэ кэргэн ылла.

2023 сылга олорор усулуобуйаны тупсарарга 5 уонна онтон элбэх оҕолоох 98 ыал 337,3 мөлүйүөн солкуобай уопсай суумалаах төлөбүрү ылла.

10 уонна онтон элбэх оҕолоох, ол иһигэр иитэ ылбыт оҕолоох 5 дьиэ кэргэҥҥэ 4,2 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа тырааныспар сириэстибэтин атыылаһарга 837,4 тыһ. солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр бэрилиннэ.

10 уонна онтон элбэх оҕолоох 3 ыал уопсайа 28 мөл. солкуобай суумалаах төлөбүрү олорор дьиэ атыылаһарга (туттарга) ылла. Социальнай төлөбүр ортотунан 9,3 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ.

4 ыалга үс оҕо тэҥинэн төрөөбүтүнэн уопсайа 22 мөл. солкуобай суумалаах төлөбүрү олорор усулуобуйаны тупсарыыга ылла. Биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ ортотунан 5,5 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ.

2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар 200 тыһ. солкуобайга диэри кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан төлөбүр бэриллэр буолла. 2023 сыл түмүгүнэн уопсайа 391 мөл солкуобай суумалаах үбү 2 тыһыынча дьиэ кэргэн туһанна.

Сыл аайы ыытыллар “Сыл дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска 29 муниципальнай тэриллииттэн 108 ыал кытынна. Онуоха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 300 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх бириэмийэтэ 7 номинациянан туттарылынна.

Саха сирин элбэх оҕолоох ийэлэригэр биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ “Ийэҕэ албан аат III истиэпэнэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга 50 тыһ. солкуобайтан 100 тыһ. солкуобайга диэри; “Ийэҕэ албан аат II истиэпэнэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга 75 тыһ. солкуобайтан 200 тыһ. солкуобайга диэри; “Ийэҕэ албан аат I истиэпэнэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга 100 тыһ. солкуобайтан 300 тыһ. солкуобайга диэри улаатыннарыллыбыта.

Дьиэ кэргэн олоҕун биһириир, дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна үгэстэрин пропагандалыыр сыалтан, 50-тан тахса сыл бииргэ олорбут ыаллар тустарынан “Саха сирин көмүс ыаллара” диэн кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. 100 тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүрү биэрэн туран, “Үйэ саас” Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык кырдьаҕаһын бочуоттаах бэлиэтэ 7 киһиэхэ туттарылынна.

Өрөспүүбүлүкэҕэ олоҕу олоруу уһуна Россия таһымын кытта тэҥнэһэн 73,67 сыл буолла. Нэһилиэнньэ ахсаана уонна элбэх оҕолоох ыал ахсаана элбиир. Бу барыта Россия Бэрэсидьиэнин Уһук Илини сайыннарар бэлиитикэтэ үтүө түмүктэри аҕаларын көрдөрөр.

2023 сылга нэһилиэнньэ харчынан дохуотун үрдээһинэ 2022 сылга тэҥнээтэххэ 104,7 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэҕэ. Саха сиригэр үлэтэ суох буолуу таһыма 0,9 бырыһыан түһэн 5,6 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.

Өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолуу киинигэр үлэ көрдөөн 16,1 тыһыынча киһи сырытта, олортон 9 тыһ. киһи (үлэ көрдүүр киһи уопсай ахсаанын 55,7 бырыһыана), ол иһигэр бастайааннай үлэ миэстэтигэр – 5,5 тыһыынча киһи үлэ булла.

Дьарыктаах буолуу көхтөөх бэлиитикэтин тэрээһиннэринэн 34,0 тыһ. киһи хабылынна. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ 3,7 тыһ. үлэтэ уонна дьарыга суох гражданнары идэ ылар уонна эбии үөрэххэ ыытта.

«Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска» бырайыагы олоххо киллэрии салҕанар. Ол чэрчитинэн 47 хампаанньаҕа («АЛРОСА» Аахсыйалаах Хампаанньа (Публичнай Аахсыйалаах Уопсастыба), «Колмар» Чох хостуур хампаанньа» Хааччахтаммыт Эппиэтинэстээх Уопсастыба, «Анаабыр алмаастара» Аахсыйалаах Хампаанньа, ону тэҥэ бырайыак саҥа кыттыылаахтара – «Сахаэнерго» Аахсыйалаах Хампаанньа, «Арктика суоллара» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Хааһына Тэрилтэтэ) өрөспүүбүлүкэ 11,3 тыһыынча олохтооҕо, ол иһигэр 6,4 тыһ. тахса 35 диэри саастаах эдэр дьон уонна 3,5 тыһ. тыа сирин олохтооҕо үлэҕэ киирдэ.

Хамнас таһымын үрдэтиини хааччыйар, ону тэҥэ квалифициялаах үлэһиттэр үлэлэрин төлөбүрүн дифференциациялааһыны чөлгө түһэрэр сыалтан 2023 сыл муус устар 1 күнүттэн кыра дохуоттаах 24 тыһыынча квалификациялаах үлэһит хамнаһа үрдэтилиннэ, ону тэҥэ 2023 сыл муус устар 1 күнүттэн бүддьүөт эйгэтин «атын» үлэһиттэрин хамнастара 6,3 бырыһыан индексацияланна.

Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнин 2012 сыл «ыам ыйынааҕы» Ыйаахтарын толорон бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин кэккэ категорияларын хамнастара 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн (иккис түһүмэҕи учуоттаан) үлэһит категориятыттан көрөн 3-тэн 10 бырыһыаҥҥа диэри улаатта.

2023 сыл сыанабылынан нэһилиэнньэ дохуота биир киһиэхэ ортотунан 12,5 бырыһыан үрдээн 64 950 солкуобайга тэҥнэстэ, дьиҥ үрдээһинин кытта 4,5 бырыһыан.

Өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһыма 15,5 бырыһыантан (2022 сылга 153,6 тыһ. киһи) 14,8 бырыһыаҥҥа (2023 сылга 148 тыһ. киһиэхэ тиийэ) кыччыаҕа. Инники сылы кытта тэҥнээтэххэ дьадаҥы ахсаана 5,6 тыһ. киһинэн кыччыаҕа.

Дьадайыы таһымын кыччатарга национальнай сыалы ситиһэргэ 2023 сыл балаҕан ыйын 28 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьадайыыны утары охсуһуу дьаһалларын туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын стратегическай Ыйааҕа баттаммыта уонна кэлэр биэс сылга, 2029 сылга, дьадайыы таһымын 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ 2 төгүл, эбэтэр 7,8 бырыһыан кыччатар, ол эбэтэр 70 тыһыынча кэриҥэ киһини дьадайыы таһымыттан таһаарар былааннанар.

Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак сүнньүнэн Таатта улууһун Ытык-Күөл сэлиэнньэтигэр сменаҕа 200 ыарыһаҕы көрөр поликлиника “кыһамньылаах поликлиника” («бережливая поликлиника») бэрээдэгинэн үлэҕэ киллэриллибитэ. Үөрүүлээхтик арыйыы сиэригэр-туомугар видеосибээһинэн Россия Бэрисидьиэнэ В.В. Путин кыттыбыта. Поликлиника компьютернай томограбы, бронховидеоскобу, видеоколоноскобу, о.д.а. киллэрэн туран, аныгы тэрилинэн хааччылынна.

25 эбийиэк хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланна, ол иһигэр 13 эбийиэккэ өрөмүөн түмүктэннэ.

11 биэлсэр-акушер пуунугар уонна 7 быраас амбулаториятыгар түргэнник таҥыллар 18 модульнай конструкция туруоруллубута, 43 медицинскэй тэрил, ол иһигэр 12 “ыарахан” тэрил үлэҕэ киллэриллибитэ.

2023 сылга 71 массыына уонна икки мобильнай комплекс атыылаһыллыбыта, олортон 64 массыына уонна икки мобильнай комплекс 20 оройуоҥҥа тыа сирин балыыһаларыгар ыытыллыбыта.

Медицинскэй көмө үрдүк технологиялаах көрүҥнэрин кэрискэтэ кэҥэтиллибитэ, өрөспүүбүлүкэ эмтиир тэрилтэлэригэр үрдүк технологиялаах медицинскэй көмө 70% оҥоһуллубута.

Саҥа үлэлээн эрэр Кардиососудистай кииҥҥэ 3000 тахса ыарыһахха үрдүк технологиялаах медицинскэй көмө оҥоһуллубута, олортон 500 киһи сүрэххэ аһаҕас эпэрээссийэни барбыта. Сүрэххэ, тымырга, ону сэргэ инсуллаабыт дьоҥҥо саҥа технологиялары туттан уустук эпэрээссийэлэри оҥорор буоллулар.

“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак сүнньүнэн Уһук Илиҥҥэ биир саамай бөдөҥ, сменаҕа 210 киһини көрөр кыахтаах, диагноһы туруорарга уонна эпэрээссийэлииргэ аныгы оборудованиелаах өрөспүүбүлүкэтээҕи онкокиини тутуу түмүктэнэр.

Гражданнары чэпчэтиилээх эминэн-томунан хааччыйарга эбэһээтэлистибэ толору кээмэйинэн кэмигэр туолла, чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыны үбүлээһин 3,8 млрд солкуобайга диэри улаатта (2022 с. – 3,7 млрд солкуобай).

“Земскэй доктор/Земскэй биэлсэр” бырагырааманан 166 специалист (117 быраас уонна 49 биэлсэр), ол иһигэр Арктика зонатыгар 19 быраас уонна 8 биэлсэр ыытыллыбыта.

Нерюнгри к. үлэлии кэлбит 10 бырааска 1 мөл. солкуобай кээмэйдээх эрэгийиэннээҕи биир кэмнээх толуйуу төлөбүрэ оҥоһуллубута. Өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ каадырынан хааччыллыы туһунан этэр буоллахха, быраастарынан 78,5%, мэдиссиинэ үлэһиттэринэн 92% хааччыллан олоробут.

2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кырдьаҕас уонна инбэлиит дьону уһун кэмнээх болдьоххо көрөр-истэр тиһик федеральнай бырайыагар киллэриллибитэ. Бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ федеральнай бүддьүөттэн 27,58 мөл. солкуобай анаммыта. Бырайыак Горнай, Нам, Таатта уонна Чурапчы оройуоннарыгар уопсайа 148 көмөлөһөөччүлээх үлэлиир, 200 киһи социальнай өҥөнү ылар.

Көхтөөх уһун үйэлэнии уонна чөл олоҕу уһатыы эрэгийиэннээҕи бырагырааматын тэрээһиннэринэн 6 773 аҕа саастаах киһи хабылынна.

Чороҥ соҕотох хаалбыт аҕам саастаах гражданнарга уонна инбэлииттэргэ иитиэх дьиэ кэргэни тэрийии бырайыагынан 268 гражданин хабылынна.

65 саастарыттан үөһэ саастаах гражданнары өйүүргэ тыа сиригэр мобильнай биригээдэлэр үлэлииллэр. Бу биригээдэлэр саастаах дьону профилактическай көрдөрүүгэ уонна диспансеризацияҕа медицинскэй тэрилтэлэргэ илдьэллэр, ону тэҥэ медицинэ үлэһиттэрин дьиэҕэ көмө оҥороллоругар илдьэн биэрэллэр.

2495 бэтэрээҥҥэ Кыайыы 78 сылыгар анаммыт 12,8 мөл солкуобай суумалаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһулунна. 2024 сылтан Кыайыы Күнүгэр «Сэрии оҕолоро» категориялаах гражданнарга 3 000 солкуобай кээмэйдээх төлөбүр олохтонно.

41688 үлэлээбэт биэнсийэлээх биэнсийэтигэр эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүр уопсай кээмэйэ 2 753,7 мөл. солкуобайга тэҥнэстэ.

2023 сылга олорор дьиэҕэ гааһы киллэриигэ уопсайа 212,1 мөл. солкуобай суумалаах биир кэмнээх аадырыстаммыт матырыйаалынай көмө 1464 ыалга оҥоһулунна (2022 сылга – 1 206); ититиигэ (киин уонна уотунан ититии) холбонуутугар уопсайа 70,6 мөл. солкуобай суумалаах көмө 585 ыалга оҥоһулунна.

Инбэлиит дьоҥҥо социальнай өйөбүл эбии дьаһаллара ананан, 1 545 киһи 72,6 мөл. сокуобай суумаҕа реабилитация эбии техническэй тэрилинэн хааччылынна; 1 947 инбэлиит уонна инбэлиит-оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитациялыыр кииннэргэ уонна анал үөрэтэр тэрилтэлэргэ баралларыгар уопсайа 52 мөл. солкуобай көрүлүннэ.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нам оройуонун Нам сэлиэнньэтигэр 65 куойка-миэстэлээх кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ» эбийиэк үлэҕэ киирдэ.

“Анал байыаннай дьайыы ыытыллар кэмигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрин өйүүр дьаһаллар тустарынан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2023 сыл алтынньы 23 күнүнээҕи 80 №-дээх Ыйааҕынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин өйүүр эрэгийиэннээҕи тутаах дьаһаллар олохтоннулар.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэригэр олорор дьиэлэригэр гааһы киллэриигэ тумус тутуллар бэрээдэгинэн уонна ураты усулуобуйаҕа 150 тыһыынча солкуобайга диэри кээмэйдээх биир кэмнээх аадырыстаммыт матырыйаалынай көмө, социальнай хантараакка олоҕуран судаарыстыбаннай социальнай көмө оҥоһуллар, идэҕэ үөрэнэр эбэтэр үөрэхтэрин таһымын үрдэтэр, үлэ көрдөнөр түбэлтэлэригэр үлэлээх буолуу сулууспата көмөлөһөр.

“Анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт (кытта сылдьар), ол иһигэр бааһырбыт (контузияламмыт, оһолломмут, эмсэҕэлээбит) гражданнары уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кэлим чөлгө түһэрии уонна социализациялааһын туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2023 сыл атырдьах ыйын 24 күнүнээҕи 451 №-дээх уурааҕа ылылынна. 2023 сыл устатыгар 600-тэн тахса анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэригэр чөлгө түһэрии өҥөтө оҥоһулунна.

2023 сыл ыам ыйын 30 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Защитники Отечества” Судаарыстыбаннай пуонда филиала үлэтин саҕалаата. Пуонда анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрин социальнай өттүнэн кэлим арыаллааһын үлэтин ыытар, ону тэҥэ өйөбүл бары дьаһалларын ылалларыгар көмөлөһөр. Филиал үлэлээбит кэмин устатыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрин ахсааныттан уопсайа 3 718 гражданин араас боппуруоһу быһаарарга көмө көрдөөбүтэ бэлиэтэннэ.

«Байыаннай сулууспалаахтарга, Россия Федерациятын Сэбилэниилээх күүстэригэр сүктэриллибит соруктары толорорго көмөлөһөр баҕа өттүнэн тэриллибит чаастарга киирэргэ хантараак түһэрсибит сирэйдэргэ, Россия Федерациятын национальнай гвардиятын сэриилэригэр сулууспалыыр сирэйдэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэригэр социальнай өйөбүл эбии дьаһалларын туһунан» Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнин дьаһалын толорон, анал байыаннай дьайыы ыытылларынан сибээстээн гражданнар кэккэ категорияларыгар сир учаастагын бас билиигэ босхо биэрэр түбэлтэри олохтуур Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона ылылынна.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин түһээнин бэлиитикэтин туһунан» 2013 сыл сэтинньи 7 күнүнээҕи 1231-С 17-V №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонугар сөп түбэһиннэрэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара 2022-2023 сылларга тырааныспар түһээнин төлүүртэн босхоломмуттара. Бу чэпчэтии гражданнар ыйыллыбыт категориялара бас билэр бары тырааныспардарыгар туһаайыллар итиэннэ тырааныспар көрүҥүттэн уонна кыамтатыттан тутулуга суох.

Экология өттүнэн куттал суох буолуута уонна айылҕа хабааннаах ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскэнии. 2023 сыл баһаартан кутталлаах кэмигэр бэлэмнэнии чэрчитинэн ойуур баһаарын чаастарын ахсаана 84-нэн элбээн 1 203 штатнай единицэҕэ тэҥнэстэ, ойуур баһаарыттан ураты харыстанар сир иэнэ 1,4 төгүл улаатан 71,7 мөл гаҕа тэҥнэстэ.

2023 сылга 13 оройуон сиригэр-уотугар 33 нэһилиэнньэлээх пуун халаан уутуттан эмсэҕэлээтэ. 1,91 мөл. солкуобай суумалаах биир кэмнээх матырыйаалынай көмө 314 киһиэхэ оҥоһулунна, туттар маллара алдьаммытынан сибээстээн 147 киһиэхэ 2,12 мөл. солкуобай суумаҕа үбүнэн көмө оҥоһулунна.

Өрөспүүбүлүкэ ойуурдарын чөлгө түһэрии кэлим бырагырааматын олоххо киллэрии чэрчитинэн 4,4 тыһ. га сиргэ мас олордулунна, 2023 сылга чөлгө түһэриллибит сир-уот иэнэ 198,5 тыһ. гаҕа тэҥнэстэ.

Бөрө тириитин атыылаһыы субсидиятын ыстаапката 10 тыһ. солкуобайынан үрдээн 30 тыһ. солкуобайга тэҥнэстэ, бөрө оҕотугар 5 тыһ. солкуобайтан 10 тыһ. солкуобайга диэри улаатта.  «Гостех» платформаҕа 2024 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри таһаарыллар «Булт ресурсаларын электроннай көрүҥүнэн биэрии» пилотнай бырайыагы олоххо киллэрии саҕаланна.

2023 сылга «Хоту дойдуга таһаҕаһы тириэрдии туһунан» 411-ФС №-дээх Федеральнай сокуон ылылынна. Бу Сокуон таһаҕаһы тириэрдии эрэллээх уонна дьэҥкэ буолуутун таһымын үрдэтэр, Хоту дойдуга таһаҕаһы тириэрдиини салайар кэлим тиһиги оҥорор кыаҕы биэриэҕэ.

Уу суола арыллыаҕыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин наадыйыытыгар анаан 2 мөл. туонна кэриҥэ таһаҕас , ол иһигэр олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар суолталаах 1 мөл 287 тыһ. туонна таһаҕас уу тырааныспарынан анаммыт пууннарыгар тириэрдилиннэ. Былаан туолла.

Массыына суолунан олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар таһаҕаһы тириэрдиини хааччыйар соруктары толордубут, тиийиэхтээх сиригэр диэри 881,3 тыһ. туонна таһаҕас тиэйилиннэ.

Арктика оройуоннарын сайыннарыы. 2023 сылга Арктика нэһилиэнньэтин олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар туһуламмыт дьаһаллар олоххо киирдилэр.

Саха сирэ дойду арктическай эрэгийиэннэриттэн бастакынан арктическай медицинэ саҥа моделын таһаарда. Мобильнай биригээдэлэр эрэгийиэннээҕи кииннэрэ тэрилиннэ. 33,5 тыһ. киһи көрдөрүммүтүттэн үс гыммыттан биирин кэриэтэ – оҕолор (11,8 тыһ.).

«Арктика оҕолоро» федеральнай бырайыак чэрчитинэн 292 оҕо босхо сынньанан уонна доруобуйатын тупсаран кэллэ.

«Арктика оҕолоро» эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн 52 оҕо өрөспүүбүлүкэ таһыгар ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ уонна айар куонкурустарга кыттан кэллэ.

Өлөөн уонна Анаабыр оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннара сибээс оптоволоконнай ситимигэр холбоннулар. «Синергия Арктики» бырайыагынан Эдьигээн оройуонугар оптоволоконнай сибээһи киллэриигэ үлэ ыытыллар.

7 социальнай эбийиэк тутулунна: Эбээн Бытантай оройуонун Баатаҕай Алыытыгар 220 миэстэлээх оскуола, Аллайыаха оройуонун Чокурдааҕар 275 миэстэлээх оскуола, Муома оройуонун Сааһыырыгар, Аллараа Халыма Андрюшкинатыгар быраас амбулаториялара, Верхоянскай оройуонун Боронугар, Хайыһардааҕар, Эдьигээн оройуонун Бэстээҕэр биэлсэр-акушер пууннара арылыннылар. Эдьигээн оройуонун Эдьигээнигэр этнокултуурунай киини уонна Муома оройуонун Хонуутугар балыыһа комплексын тутуу түмүктэнэн эрэр.

Арктическай оройуоннарга «2019-2025 сылларга саахалланар туруктаах дьиэ пуондатыттан гражданнары көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаммыт бырагырааманы олоххо киллэрии саҕаланыаҕыттан 6 арктическай оройуоҥҥа 25 элбэх кыбартыыралаах дьиэ (422 кыбартыыра) үлэҕэ киирдэ, 9 оройуоҥҥа 15 элбэх кыбартыыралаах дьиэ (323 кыбартыыра) тутулла турар. 11 арктическай оройуону хабан өссө 26 олорор дьиэ (461 кыбартыыра) тутуллара былааннанар.

Биир сыл иһигэр Арктикаҕа 5 эргиэн-логистика киинэ Черскэйгэ, Орто Халымаҕа, Зырянкаҕа, Эдьигээҥҥэ, Тиксиигэ үлэҕэ киирдэ.

Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарга судаарыстыбаннай өйөбүл оҥоһуллар. 38 кэмиэрчэскэй буолбатах тэрилтэ 9 бырайыагы олоххо киллэрэригэр уонна 28 көс ууһунан общиналар матырыйаалынай-техническэй баазаларын бөҕөргөтүүгэ грант ылла. Табаны иитэр хаһаайыстыбаларга 40 көһө сылдьар дьиэни, 14 квадрокоптеры, күн уотунан үлэлиир 30 панелы атыылаһарга, 4 хараалы уонна 6 бүтэйи тутарга субсидия бэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ 7 көс оскуолата интэриниэт ситиминэн хааччылынна, Эбээн Бытанай оройуонун И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатыгар хаарынан айанныыр массыына ылылынна.

2023 сылга Саха сиригэр «Ыраас дойду» федеральнай бырайыагынан Кулаардааҕы көмүһү ылҕыыр фабрика хвостохранилищетын суох оҥорор үлэ түмүктэннэ. «Ыраас Арктика» федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 200 туонна кэриҥэ хаарбах тимир хомулунна, Эдьигээн оройуонун Эдьигээн с., Булуҥ оройуонун Тиксии б., Анаабыр оройуонун Тиксии б. 14 га сир ыраастанна.

Россия Федерациятын Бырабыыталыстыбата «Тиксии-Наайба» агломерацияны Россия Федерациятын Арктическай зонатын тирэх нэһилиэнньэлээх пуунунан быһаарда. Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин сорудаҕынан гражданнар олохторун усулуобуйатын тупсарыыга уонна социальнай өҥө тиксимтиэ буоларыгар «Тиксии-Наайба» агломерация 2035 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уһун болдьохтоох маастар-былаана ырытыллан оҥоһуллар.

Тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын кээмэйинэн Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук субъектарын ортотугар 3-с миэстэлээх. 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын кээмэйэ 2022 сыл тэҥнэммит сыаналарынан 0,2% улаатан, 33,0 млрд солкуобайынан сыаналанар. Эт бородууксуйатынан бэйэни хааччыныы 27, үүтүнэн 55, хортуоппуйунан 62, оҕуруот аһынан 37, сымыытынан хааччыныы 65 бырыһыаҥҥа тэҥнэспитэ.

Тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһиҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп – 15,8 млрд солкуобай көрүлүннэ. 1 л үүккэ субсидия ыстаапката 50-тан 60 солкуобайга диэри үрдээтэ, сылгыны үөрдээн иитиигэ биэ биир төбөтүгэр 3-тэн 5 тыһыынча солкуобайга диэри, хотугу табаны иитиигэ 1 таба төбөтүгэр 4 995 солкуобайтан 5 335 солкуобайга диэри, нэһилиэнньэ тус көмөлтө хаһаайыстыбатыгар ынах сүөһүнү иитиигэ ынах 1 төбөтүгэр 35 тыһыынча солкуобайтан 37 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээтэ.

Дьиэ кэргэн дьыалатын кэҥэтэргэ 17 фермер хаһаайыстыбатыгар 156,5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах судаарыстыба өйөбүлэ оҥоһуллубута. Саҥа үлэлээн эрэр 22 фермер 101,8 мөлүйүөн солкуобай суумалаах “Агростартап” гранын ылбыта, 40 үлэ саҥа миэстэтэ тэриллибитэ.

Амма, Үөһээ Бүлүү, Верхоянскай, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Нам, Өймөкөөн, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннарын уонна Дьокуускай к. сылгыны үөрдээн иитэр хаһаайыстыбаларын сайыннарыыга 1900 төбөнү көрөр сылгы 19 баазатын тутуутугар 57 мөлүйүөн солкуобай суумалаах судаарыстыба көмөтө көрүллүбүтэ. Эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии 2024 сылга күүтүллэр.

Табаны иитэр хаһаайыстыбалар пилота суох көтөр 20 аппарааты, күн уотунан үлэлиир 30 электростанцияны, 51 көһө сылдьар дьиэни атыыласпыттара, 5 км уһуннаах күрүөнү туппуттара.

Балык хаһаайыстыбатын комплексын матырыйаалынай-техническэй баазатын бөҕөргөтүү салгыы ыытыллыбыта, тымнытар (хам тоҥорор) 7 оборудованиены, 11 оҥочо мотуорун, туохтан да иҥнибэккэ сылдьар 3 техникэни,  балыгы бултуур баазаны атыылаһарга, Аллайыаха, Булуҥ, Эдьигээн, Усуйаана оройуоннарын хаһаайыстыбаларыгар тымнытар тэрили чөлгө түһэриигэ 35,0 мөлүйүөн солкуобай ыытыллыбыта.

Тыа сирин-уотун кэлимник сайыннарыы чэрчитинэн 2023 сылга Бүлүү улууһун Сатаҕай с. уонна Үөһээ Бүлүү улууһун Липпэ Атах с. эдэр специалистарга аналлаах түөрт кыбартыыралаах олорор дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ, Нам улууһун Партизан с. «Мыымах» кыбартаалыгар 50 биирдиилээн олорор дьиэни кэлим тутуу түмүктэннэ, Нам улууһун Кириэс Кытыл с. инженернэй ситимнэрдээх 66 учаастактаах “Элбэх оҕолоох ыаллар” кыбартаалларын кэлим тутуу, Сунтаар улууһун Сунтаар с. “Өтөөкү” микрооройуону тутар үлэ саҕаланна.

«Дьоҕус уонна орто урбаан уонна биирдиилээн урбаан көҕүлээһиннэрин өйөөһүн» Национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн дьоҕус уонна орто урбаан 64 субъега субсидия көрүҥүнэн 31,65 мөлүйүөн солкуобай суумалаах граны ылбыта.

«Мин бизнеһим» киин дьоҕус уонна орто урбаан субъектарыгар 25,1 тыһыынчаттан тахса консультациялыыр өҥөнү оҥордо, 436 дьаһалы, ол иһигэр 5766 киһини хабан үөрэтэр тэрээһиннэри ыытта. 2023 сылга Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма уонна Кэбээйи оройуоннарыгар 4 түннүк эбии арыллыбыта.

17 муниципальнай тэриллиигэ бизнес–инкубатордар тэриллэн үлэлииллэр, резиденнэрин ахсаана 297-ҕэ тэҥнэһэр, кинилэр 359 үлэ саҥа миэстэтин таһаардылар, тэрилтэлэрин барыстара 402 мөл. солкуобайга тиийэр.

Урбааны сайыннарыы пуондата 2023 сылга дьоҕус уонна орто урбаан 424 субъегар 1,7 млрд солкуобай суумалаах өйөбүлү оҥорбута.

Дьоҕус уонна орто урбаан 288 субъега федеральнай өйөбүл дьаһалларынан көрүллүбүт чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһанна.

«Туризм уонна ыалдьыттааһын индустрията» национальнай бырайыак «Туризм инфраструктуратын сайыннарыы» эрэгийиэннээҕи бырайыагын олоххо киллэрии сүнньүнэн урбаан 57 көҕүлээһинигэр туризм инфраструктуратын сайыннарыыны өйөөһүҥҥэ 67,7 мөл. солкуобайдаах, хапытаалтан атын модульнай сириэстибэни аттаран туруорууга урбаан 19 көҕүлээһинигэр 130,4 мөл. солкуобай суумалаах көмө оҥоһуллубута.

Дойдуну уонна уопсастыбаны сайыннарыыга дьоһун суолталаах соруктары быһаарыыга наука уонна технология оруолун күүһүрдэр сыалтан Россия Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2022–2031 сыллары Наука уонна технология уон сылларынан биллэрбитэ.

Эдэр учуонайдары өйүүр инниттэн 10 эдэр учуонайга бырайыактарын олоххо киллэрэргэ граннар ананнылар. 40 эдэр учуонай диссертацияларын, ыстатыйаларын бэчээккэ таһаарар, научнай-практическай конференцияларга кыттар ороскуоттара Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукаҕа-үөрэххэ пуондатыттан төлөммүтэ.

«Хоту дойду: бигэ сайдыы сирэ-уота» научнай үөрэх киинэ дьоһун суолталаах технологияларынан 2023 сылга криолитозонаҕа ууга турар тутууну көмүскүүр ньыманы, криолитозона усулуобуйатыгар бырамыысылыннаска туһаныллыбыт кирдээх уу утилизациятын уонна уу киирбит руднигын уларыта тутуу уонна чөлгө түһэрии ньыматын олоххо киллэрии буолла.

«Якутия» технопаарка» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэҕэ уонна ИТ-пааркаҕа 162 инновация хампаанньата 2023 сылга 283 саҥа үлэ миэстэтин тэрийбиттэрэ. 179,3 мөл. солкуобай кээмэйдээх инвестиция тардыллыбыта.

2023 сылга Өлүөхүмэ оройуонугар уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар 2 ИТ-киин арыллыбыта. Үлэлии турар 12 ИТ-киин баазатыгар 10 ИТ-туһаайыынан дистанционнай үөрэх кууруһа тэриллибитэ.

2023 сылга Уһук Илиҥҥэ бастакы «Оскуола 21» кампуһу үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы сиэрэ-туома буолбута, манна 18 сааһын туолбут баҕалаах киһиэхэ үөрэх ураты методикатынан программированиеҕа босхо үөрэнэр уонна ИТ-эйгэҕэ идэни баһылыыр кыах бэриллэр.

2022 сыл бүтүүтүгэр үлэҕэ киирбит «Үлэ кыбартаала» креативнай кластерга резиденин ахсаана 70-ҥа тиийбитэ, 527 үлэ миэстэтэ, айар индустрия араас эйгэтин хабар 13 сервис тэрилтэтэ тэриллибитэ.

Аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир үөрэх эйгэтин тэрийэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх тэрилтэлэрин тутуу салҕанна – 360 миэстэлээх 6 оҕо уһуйаана үлэҕэ киирдэ, 2 981 миэстэлээх 13 оскуола тутулунна.

«Үөрэх оскуола тиһигин саҥардыы» федеральнай бырагырааманан 26 оройуон уонна Дьокуускай куорат 57 оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн уонна тэрилинэн хааччыйыы ыытылынна, онтон 15 эбийиэк арктикатааҕы оройуоннарга баар.

«Үөрэх» национальнай бырайыак  чэрчитинэн «Үүнүү точката» 66 Үөрэх киинэ арылынна, 5 коррекционнай оскуола тэрилинэн хааччылынна, 41 оскуолаҕа үөрэнэр сыыппара эйгэтэ тэрилиннэ, тыа сирин оскуолаларын 52 успуорт саалата успуорт тэрилинэн хааччылынна, Дьокуускай к. Саха политехническай лицейын баазатыгар «Кванториум» бастакы оскуола технопаарката арылынна.

24 оскуоланы бүтэрээччи биир кэлим эксээмэни (салгыы – БКЭ) 100 баалга туттарбыта, олортон үһэ 2-лии предмеккэ 100-түү баалы ылбыта. БКЭ-ни 100 баалга туттарбыт үөрэнээччилэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 100 тыһ. солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх бириэмийэтэ төлөммүтэ. 448 оҕо оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ.

Ураты дьоҕурдаах үөрэнээччилэри биһириир сыалтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана 2023 сылтан оскуола оҕолорун Бүтүн Россиятааҕы олимпиадатын кыайыылаахтарыгар 500 тыһ. солкуобай, бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэргэ 100 тыһ. солкуобай кээмэйдээх бириэмийэни олохтоото. 2023 сылга 6 үөрэнээччи бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ.

«Земскэй учуутал» бырагырааманан 22 педагог 2 мөл. солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү ылла, олорор дьиэнэн хааччыйыы бырайыагынан 11 учуутал дуогабар түһэрсэн хотугу уонна арктикатааҕы оройуоннарга үлэлии барда.

Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук субъектарын экэнэмиичэскэй үүнүүлэрин социальнай сайыннарыы былаанын тэрээһиннэрин олоххо киллэрии чэрчитинэн орто анал үөрэх тэрилтэлэрин баазатыгар экэниэмикэ сүрүн хайысхаларынан каадырдары бэлэмнииргэ 54,23 мөл солкуобай кээмэйдээх федеральнай бүддьүөт үбүгэр 12 аныгы мастарыскыай арылынна.

«Профессионалитет» федеральнай бырайыак куонкуруһунан сүүмэрдээһин түмүгүнэн Нерюнгри куоракка «Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи технологическай колледжын» баазатыгар хайа бырамыысыланнаһын эйгэтигэр сөптөөх каадырдары бэлэмнииргэ үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин (кластер) тэрилиннэ. Кластерга 2100 үөрэнээччини хабан өрөспүүбүлүкэ 12 анал үөрэх тэрилтэтэ киирдэ.

«Профессионаллар» чөмпүйэнээт сүүмэрдиир түһүмэҕин түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандата 1 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс уонна 2 боруонса мэтээли ылла.

Саха сирэ Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр ортолоругар Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын уонна култуура эйгэтигэр көҕүлээһиҥҥэ Бэрэсидьиэн пуондатын куонкурустарыгар киллэриллибит уонна өйөммүт бырайыактарын ахсаанынан бастыҥ буолла. 2023 сылга гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга Саха сирин Ил Дарханын граннарын куонкуруһугар 414 сайаапка киирдэ, онтон ыччат бэлиитикэтин, гражданнары патриотизм тыыныгар иитии, баҕа өттүнэн волонтердар үлэлэрин сайыннарыы, киһи духуобунай сайдыытын эйгэтигэр 117 мөл. солкуобай суумалаах 71 бырайыак өйөбүлү ылла. Барыта 25 мөл. солкуобай суумаҕа Сирдээҕи-уоттааҕы уопсастыбаннай бэйэни салайыныылар 96 бырайыактара өйөбүлү ылла.

Култуура эйгэтигэр ыытыллар тэрээһиннэр эгэлгэлэрэ үксээн, 2023 сылга култуура тэрээһиннэригэр сылдьыы ахсаана 2022 сылга өрөспүүбүлүкэбит РФ эрэгийиэннэрин рейтинигэр бастакы миэстэлээх көрдөрүүтүн 10-тан тахса бырыһыанынан куоһаран, 21,6 мөлүйүөҥҥэ тиийдэ. Култуура 6 эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ. “Култуура” национальнай бырайыак сүнньүнэн 2 кулууп тутулунна, култуура 12 тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, 6 модельнай бибилэтиэкэ уонна 17 киинэ саалата тэрилиннэ, оҕо искусствотын 9 оскуолата уонна 6 түмэл инструменнарынан хааччылыннылар, Өлүөхүмэ куоратыгар виртуальнай кэнсиэртиир саала аһылынна.

“Төрөөбүт сир култуурата” федеральнай баартыйа бырайыагын чэрчитинэн 15 култуура  дьиэтин матырыйаалынай-техническэй баазата бөҕөргөтүлүннэ, туһааннаах өрөмүөҥҥэ уонна тэрилинэн хос хааччыйыыга барыта 20,8 мөл. солкуобай көрүлүннэ.

“Россияҕа толкуйдаммыт” (“Придумано в России”) федеральнай бырагыраама чэрчитинэн Дьокуускайдааҕы художественнай училище, Култуура уонна искусство колледжын баазаларыгар креативнай индустрия бастакы оскуолалара тэрилиннилэр.

69 тыһыынчаттан тахса “Пушкин каартата” бэрилиннэ. Бу бырайыакка 170 кэриҥэ култуура тэрилтэтэ кытынна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын Академията кыттыһан оҥорбут бырайыактара – «Энциклопедия Якутии» портал үлэҕэ киирдэ. Национальнай бибилэтиэкэ баазатыгар искусственнай интеллеги туһанан саҥа өҥөлөр олоххо киирэллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын өйөбүлүнэн национальнай киинэни оҥорон таһаарыыны далааһыннаахтык сайыннарыы хааччыллар. Россия Култууратын министиэристибэтэ Саха сирин 2023 сылга Россияҕа киинэ индустриятын сайыннарыыга бастыҥ эрэгийиэнинэн билиннэ.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар «Экстра Синема» технологиянан 17 киинэ саалата аһылынна. Бу бырайыагы Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин «Россияҕа креативнай экэниэмикэни сайыннарыы» диэн быыстапкаҕа биһирээбитэ. Ол түмүгэр Саха сирин киинэлэрин прокатыгар хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп – 100 мөл. солкуобай киирбитэ.

2023 сыл ураты бэлиэтинэн Россия Федерациятыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй култуура хамсааһынын 100 сыла буолла. Уопсайа 555 физическэй култуура уонна успуорт тэрээһинэ ыытылынна, ол иһигэр Амма улууһугар «Дьулуур» успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин XIV Спартакиадата, «Спортивные Якутяне» Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрин Спартакиадата, Р.М. Дмитриев кэриэһигэр эдэр кыргыттар уонна уолаттар ортолоругар көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр, көҥүл тустууга, хайыһарга, боксаҕа, дуобакка, саахымакка, спортивнай уонна бойобуой самбоҕа, булкаастаах күөн көрсүһүүгэ Бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

Д.П. Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар хапсаҕайга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр, матчевай көрсүһүүлэр, норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференциялар ыытылыннылар, кинигэлэр таҕыстылар, Д.П. Коркин олоҕун уонна үлэтин туһунан «Коркин. Андаҕар» испэктээкил туруорулунна.

Успуорт дьиҥ таһымнаах тэрээһиннэригэр 2023 сылга Саха сирин спортсменнара барыта 226 мэтээли, ол иһигэр 102 кыһыл көмүс, 61 үрүҥ көмүс, 63 боруонса мэтээли ыллылар.

Мас тардыһыытын олимпийскай оонньуулар бырагыраамаларыгар киллэрэр туһугар аан дойду таһымыгар таһаарар инниттэн Мас тардыһыытын аан дойдутааҕы киинэ, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы VIII успуорт оонньууларын бэлэмнээн ыытыы Дирекцията уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр успуорт ытыыга көрүҥүн сайыннарар инниттэн «Сулус» ытарга үөрэтэр киин тэрилиннилэр.

“Успуорт – олох ирдэбилэ” федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 2023 сылга олимпийскай эрэллэр спортивнай оскуолаларыгар анаан 8,4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах успуорт тэрилэ, мала атыылаһылынна. Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Таатта улуустара, Дьокуускай куорат уонна Жатай бөһүөлэгэ ГТО дьоҕус спортивнай балаһааккаларын тэрийэргэ спортивнай-технологическай тэрил кэмпилиэктэринэн хааччылыннылар. Физкултуура уонна успуорт тэрээһиннэрин ыытарга анаан бары 36 муниципальнай тэриллиигэ уонна куораттааҕы уокурукка 12,9 мөл. солкуобай суумалаах мал түҥэтилиннэ.

Удачнай куоракка “Л.А. Попугаева аатынан 19 №-дээх орто үөрэх оскуолата” муниципальнай автономнай үөрэх тэрилтэтин спортивнай стадиона, Уус Алдан оройуонун Бороҕон сэлиэнньэтигэр элбэх хайысхалаах чэбдигирдэр успуорт комплекса, Хатас сэлиэнньэтигэр успуорт комплекса, Дьокуускай куоракка байыаннай-патриотическай иитии үөрэтэр-эрчийэр полигона, тиирдээх успуорт саалата, Дьокуускай куорат 10 уонна 20 нүөмэрдээх орто үөрэх оскуолаларыгар, Алдан куоракка Алданнааҕы гимназияҕа успуорт саалалара үлэҕэ киирдилэр, Дьокуускайга “Самородок” бассейн уларытан тутулунна.

2023 сылга 432 км массыына суола, ол иһигэр 47 км федеральнай суолталаах, 270 км эрэгийиэннээҕи суолталаах уонна 115 км олохтоох суолталаах суол үлэҕэ киирдэ.

«Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Суол ситимэ» эрэгийиэннээҕи бырайыагынан 299 км уһуннаах суол бүрүөһүнүн ууруу хааччылынна. Суол бүрүөһүнүн уурууга Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ 1 миэстэ уонна дойду бары эрэгийиэннэригэр 18 миэстэ буолла.

Массыына суолларын туруктарын тупсарыыга үбүлээһин уопсай кээмэйэ 10,2 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 4,6 млрд (45 бырыһыан) тардылынна.

“Нам” эрэгийиэннээҕи айан суолун Дьокуускай куорат Можайскай уулуссатыттан саҕалаан Мархаттан тахсар суолга диэри уонна «Умнас» эрэгийиэннээҕи суол Хатас сэлиэнньэтигэр салайыыттан Владимировка бөһүөлэгэр диэри 4 балаһалаах суолу оҥорон уларыта тутуу үлэтэ салҕанар.

Ленин аатынан проспект – Дьокуускай куорат киин суолун уонна Поярков уулуссатын хапытаалынай өрөмүөннэрэ түмүктэннэ. Оҕо сэллик санаторийыгар уонна хаан кутар станцияҕа барар суол оҥоһулунна.

2023 сылга 549,7 пог. м уопсай уһуннаах: Томпо улууһугар Мөҥкүлэ уонна Томпорук өрүстэри туоруур, Ленскэй оройуонугар «Мухтуйа» суолга Ньүүйэ өрүһү туоруур үс муоста киириитэ хааччылынна.

Балаҕан ыйыгар Уһук Илиҥҥи куораттары сайыннарыы боппуруостарынан мунньахха дойду Бэрэсидьиэнэ Өлүөнэ муостатын 2028 сылга диэри бүтэрэри сорудахтаабыта. 2024 сылтан үлэ саҕаланара былааннанар.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн авиа тиэйиини субсидиялааһын уопсай кээмэйэ 1028,1 мөл солкуобайга тэҥнэстэ, ол 2023 сылга 60,5 тыһ. пассажир (2022 сылга – 60,7 тыһ. пассажир) чэпчэтиилээх билиэт ыларыгар кыах биэрдэ. Чэпчэтиилээх авиа тиэйиинэн туһаммыт өрөспүүбүлүкэ арктическай оройуоннарын олохтоохторун ахсаана 34,8 тыһ. киһиэхэ тэҥнэстэ.

Өрөспүүбүлүкэ аэропуортарын саҥалыы уларыта тутуу үлэтэ салҕанар. 10 эбийиэк үлэтэ: Дьокуускай к. аэропуордун көтөр аала түһэр-көтөн тахсар балаһата, Чиэрскэй, Эдьигээн, Хаандыга, Белай Гора, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү Депутатскай, Сангаар уонна Нерюнгри аэропуортарыгар түмүктэннэ. Өрөспүүбүлүкэ 4 аэропуордун тутуута: Уус Ньараҕа, Полярнайга, Миирнэйгэ, Өлүөхүмэҕэ салҕанар.

“Полярные авиалинии” авиахампаанньа Ан-26 баазатыгар тэриллибит зондировщик-самолет үлэтин саҕалаата. Бу сөҥүүнү аҕалар дойду тэрилинэн оҥоһуллубут Россияҕа гражданскай авиация бастакы көтөр аала буолар.

“Якутия» аахсыйалаах хампаанньа” аахсыйалаах уопсастыба уонна “Аэрофлот” аахсыйалаах хампаанньа авиахампаанньалар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү суһаллык тиэйиини хааччыйдылар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун өрөспүүбүлүкэ таһыгар чэбдигирдэр кииннэргэ тиэйии хааччыллыбыта.

Тимир суол тырааныспарынан сыл ахсын пассажирдары тиэйии кээмэйэ улаатан иһэр. 2023 сылга 390 тыһ. пассажир тиэйилиннэ, ол 2022 сылга тэҥнээтэххэ 1,4 төгүл элбэх (286 тыһ. пассажир).

2023 сыл муус устарга “Аллараа Бэстээх – Чурапчы – Аллараа Бэстээх” салайыллар тарыыптаах муниципалитеттар икки ардыларынааҕы саҥа маршрут арыллыбыта, биир айан билиэтин сыаната 4 мөһөөх 12 солкуобайга тэҥ. Дьокуускай-Бэрдьигэстээх, Дьокуускай-Мохсоҕоллоох уонна Дьокуускай-Нам-Хатырык хайысхаларынан айанныыр маршруттар үлэлэрин салҕыыллар.

Тутулла турар Жатайдааҕы судоверфи уонна Жатай бөһүөлэгин уотунан бигэтик хааччыйыахтаах 2х10 МВА кыамталаах “Судофервь” 110 кВ хос ыстаансыйа тутуута түмүктэммитэ электроэнергетикэ эйгэтигэр бэлиэ түгэнинэн буолла.

“Росатом” судаарыстыбаннай корпорацияны кытта түһэрсиллибит сөбүлэһии сүнньүнэн Усуйаана оройуонун Уус Куйгаа бөһүөлэгэр “Реакторнай установкалаах кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу” бырайыагынан үлэ салҕанар.

Ленскэй оройуонугар 550 МВт кыамталаах Новоленскэй ТЭС тутуута уонна Нерюнгри оройуонугар 330 МВт кыамталаах “Чульман” ТЭС гаас уот ыстаансыйатын тутуу саҕаланна. Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан Нерюнгри ГРЭС энергоблоктарын гааска көһөрүү былаан-кыраапыгын оҥоруу саҕаланна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна “Русгидро” публичнай аахсыйалаах уопсастыбатын икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэҥ чэрчитинэн 2027 сылга диэри энергия саҥардыллар источниктарынан туһанар дизель генерациятын 66 эбийиэгэ – автоматизированнай гибрид энергокомплекса саҥардыллыаҕа.

Саха сирэ олорор дьиэни-уоту тутан үлэҕэ киллэрии көрдөрүүтүнэн Уһук Илин эрэгийиэнигэр Приморскай кыраай кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар. 2023 сылга олорор дьиэни үлэҕэ киллэрии 705,13 тыһ. кв.м (былаантан 108,5 бырыһыан) тэҥнэстэ, ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр – 315,47 тыһ. кв.м. (былаантан 100 бырыһыан), тус олорор дьиэлэр – 389,66 тыһ. кв.м. (былаантан 116 бырыһыан).

Саахалланар туруктаах олорор дьиэ пуондатыттан көһөрүү бырагырааматынан (2019-2023 сс) 615 тыһ. кв.м-тэн (107 бырыһыан) 32,57 тыһ. гражданин (111 бырыһыан) саахалланар туруктаах пуондаттан көһөрүлүннэ. Элбэх кыбартыыралаах 60 дьиэ үлэҕэ киирдэ.

Сири-уоту кэлим сайыннарыы сүрүн бырайыагынан Дьокуускай куоракка “Спортивнай” микрооройуон буолар. Саахалланар уонна хаарбах туруктаах олорор дьиэ пуондатын миэстэтигэр 13,5 тыһ. киһи олороругар анаан элбэх кыбартыыралаах 46 дьиэ тутуллара былааннанар.

Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин сорудаҕынан Россия Федерациятын Бырабыыталыстыбата “Сири-уоту сайыннарар пуонда” публичнай-быраап хампаанньатын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын кытта 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр саахалланар туруктааҕынан билиниллибит олорор дьиэ пуондатыттан көһөрүү былаан-кыраапыга бигэргэтиллиэҕэ. Бу 415,02 тыһ. кв. м уопсай иэннээх элбэх кыбартыыралаах 927 дьиэ.

2023 сылга 245 эмсэҕэлээбит гражданин – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кыһалҕалаах эбийиэктэр биир кэлим реестрдарыгар киирбит  өлүүлэһэн тутуу кыттыылааҕын бырааба толору чөлүгэр түһэрилиннэ, 2 кыһалҕалаах эбийиэк үлэҕэ киирдэ.

Чэпчэтиилээх категориялаах 1 105 гражданин (дьиэ кэргэн) олорор усулуобуйатын тупсарыыны үбүлээһиҥҥэ 2,5 млрд солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 405,9 мөл. солкуобай көрүлүннэ.

Куорат табыгастаах эйгэтин торумнааһын” уонна “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэни” федеральнай бырайыактары олоххо киллэрии көмөтүнэн тыа сирин уонна куорат поселениеларыгар 2023 сылга 19 уопсастыбаннай уонна 64 тиэргэн сирэ-уота тупсарылынна.

2023 сылга куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии Бүтүн Россиятааҕы куонкурус кыайыылаахтарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин 10 муниципальнай тэриллиитэ, Нерюнгри, Миирнэй, Ленскэй, Бүлүү, Орто Халыма куораттар, Үөһээ Бүлүү, Бэрдьигэстээх, Бороҕон, Майа бөһүөлэктэрэ буолла.

Дьокуускай к. уонна Нерюнгри к. маастар-былааннара бигэргэннилэр. Намнааҕы агломерация, Бүлүү улууһун (оройуонун) Бүлүү к., Сунтаар улууһун (оройуонун) Сунтаар с., Ньурба улууһун (оройуонун) Ньурба к., Булуҥ оройуонун Уус Куйга б. маастар-былааннара ырытылыннылар.

2023 сылга Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Сунтаар, Чурапчы, Уус Алдан, Өймөкөөн, Таатта, Бүлүү оройуоннарыгар 40,5 МВт уопсай кыамталаах 11 хочуолунай үлэҕэ киирдэ.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата” судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ 8 хочуолунайы, 15,8 км уһуннаах ититии ситимин саҥардыы уонна тутуу үлэтин ыытар. Бу эбийиэктэритутулуннахтарына чааһынай сектор 347 дьиэтэ, элбэх кыбартыыралаах 2 дьиэ уонна 6 социальнай эбийиэк киин ититиигэ холбонор кыахтаныахтара.

Киин ититиигэ 2 056 тус олорор дьиэ, онтон саамай элбэх Уус Алдан оройуонугар – 311, Амма оройуонугар – 246, Таатта оройуонугар – 225 дьиэ холбонно.

Өрөспүүбүлүкэ 7 оройуонугар (Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Таатта, Томпо, Хаҥалас оройуоннарыгар) 8,6 км уһуннаах ититии тиһигин хапытаалынай өрөмүөнэ ыытылынна.

“Ыраас уу” федеральнай бырайыак чэрчитинэн “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыагынан уунан хааччыйыы 6 эбийиэгэ: Өлүөхүмэ куоратыгар ууну ыраастыыр ыстаансыйа 2-с түһүмэҕэ, Горнай оройуонун Бэрдьигэстээх, Амма оройуонун Алтан сэлиэнньэлэригэр, Верхоянскай оройуонун Баатаҕай бөһүөлэгэр, Ньурба оройуонун Ньурба куоратыгар ууну ыраастыыр ыстаансыйалар, Хаҥалас оройуонун Бэстээх сэлиэнньэтигэр уунан хааччыйыы ситимэ тутуллаллар.

2023 сылга Амма улууһун Амма сэлиэнньэтигэр сууккаҕа 1500 куб. м оҥорумтуолаах уунан хааччыйар кэлим тиһик уонна Сунтаар улууһун (оройуонун) Сунтаар с. 1100 м3/сууккаҕа оҥорумтуолаах уунан хааччыйар тиһик —  2 эбийиэк үлэҕэ киирдэ.

Дьокуускай куоракка 5 №-дээх уу узела үлэҕэ киирбитэ, Дьокуускай куорат соҕуруу өттүгэр үлэҕэ киирбит уонна тутуллуохтаах эбийиэктэрин инженернэй инфраструктуранан хааччыйарга 2024 сыл от ыйыгар туттуллубут ууну сүүрдэр 3 №-дээх коллектор тутуллан бүтэрэ былааннанар.

Дьокуускай к. Бүлүүлүүр суол 27 км. сыллааҕы бырайыактыыр күүһэ 132 тыһ. туоннаҕа тэҥнэһэр кытаанах коммунальнай тобохтор полигоннарын тутуу түмүктэннэ. Дьокуускай к. бөҕү мунньар-тиэйэр ыстаансыйатын тутуу салҕанар, эбийиэк 2024 сылга үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин кытаанах коммунальнай тобохтору мунньар сирдээҕи-уоттааҕы схематыгар сөп түбэһиннэрэн арктическай зонаҕа оройуоннааҕы кииннэри тобохтору сылааһынан буортута суох оҥорор установкалары туруоруу салҕанар. Аллайыаха, Усуйаана уонна Анаабыр улуустарыгар 3 установка туруоруллан үлэлии турар, өссө 3 установка Муома, Эдьигээн уонна Өлөөн улуустарыгар туруоруллуохтаах, Орто Халыма уонна Абый улуустарыгар 2 установканы үлэлэтэр тэрилтэни быһаарар үлэ ыытыллар.

240 элбэх кыбартыыралаах дьиэ уопсай үбүн-баайын хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллыбыта, ол иһигэр Дьокуускай куоракка 109 дьиэ. 31,9 тыһ. киһи олорор усулуобуйата тупсарылынна.

2023 сылга 14 480 дьиэ кэргэн олорор дьиэни уонна коммунальнай өҥөнү төлүүргэ 564,8 мөл солкуобай суумаҕа аадырыстаммыт субсидия ыллылар, субсидия орто ыйдааҕы кээмэйэ 3 250 солкуобайга тэҥнэстэ.

2023 сылга 2 907 дьиэ гааска холбонно, 3 530 дьиэҕэ гаас турбата тардылынна. Бырагыраама Саха сирин гаастаах 12 муниципальнай тэриллиитигэр барытыгар: Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Миирнэйгэ, Намҥа, Хаҥаласка, Чурапчыга, Дьокуускай куоракка уонна Жатайга үлэлиир.

Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар гаас ситимин тутуу бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы уонна бөһүөлэктэргэ гаас турбаларын тардыы салҕанар. Ол түмүгэр Чурапчы улууһугар 364, Мэҥэ Хаҥаласка 178 дьиэҕэ гаас киирэр кыахтаныаҕа. Бүлүү оройуонугар Хампа-Эбэ бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы гаас ситимин 34 км. тутуу түмүктэннэ. Горнай оройуонун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэр кыбаарталлара гааска холбонно, онон 25 дьиэҕэ гааһы киллэрэр кыах үөскээтэ.

От ыйын 27 күнэ – Ленскэй оройуонун гаас ситимигэр бэлиэ күн – бу күн Муруйа гаас тарҕатар ыстаансыйаттан Бэчинчэ сэлиэнньэтигэр диэри бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы гаас ситимин бастакы ыпсыыта иһэрдиллибитэ. Бу ураты түгэн 2021-2025 сылларга өрөспүүбүлүкэ гааһынан хааччыйыыны уонна гааһы киллэриини сайыннарыы бырагырааматынан “Газпром” публичнай аахсыйалаах уопсастыбаны кытта сөбүлэһиигэ илии баттаммытын түмүгэр үөскээтэ.

“Майа-Төҥүлү-Бороҕон (3-с түһүмэх)” эбийиэги бырайыактыыр үлэ түмүктэннэ, бу тутуу Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах, Матта уонна Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ сэлиэнньэлэригэр гааһы киллэрэр кыаҕы биэриэҕэ.

2021-2025 сыллардааҕы кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин гааһынан хааччыйыыны уонна гааһы киллэриини сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн “Газпром газификация” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбаны кытта үбүлээһин дуогабардара түһэрсилиннэ, онон Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннарын “Сила Сибири” гаас турбатын кыйа сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 8 000-тан тахса дьиэҕэ гааһы киллэрэр кыах баар буолуоҕа.

Чурапчы улууһун Чурапчы, Харбала-1, Үрүҥ Күөл, Дириҥ сэлиэнньэлэригэр, Горнай улууһун Бэридьигэстээх сэлиэнньэтигэр, Бүлүү улууһун Бүлүү куоратыгар уонна Эбэ сэлиэнньэтигэр, Ленскэй оройуонун Ленскэй куоратыгар 374 дьиэ киин ититииттэн гааска көһөрүлүннэ. Бу сыалга судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 53,3 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ, хас биирдии ыалга субсидия кээмэйэ 150 тыһ. солкуобайга тэҥнэстэ.

Саха сирин гааһын хаһаайыстыбата эрэллээх буоларын хааччыйар, гааһы киллэрии социальнай бырагырааматын олоххо киллэрэр, саҥа нэһилиэктэргэ гаас кэлэр кыаҕын тэрийэр инниттэн “Кыһыл Сыыр – 84 км” магистральнай гаас турбатын тутуу салҕанар, барыта 83,6 км ууруллуохтааҕыттан билиҥҥи кэмҥэ 73 км уурулунна.

«Мин докумуоннарым» киин 430 тыһыынчаттан тахса суругу регистрациялаабыта уонна бэрэбиэркэлээбитэ, төлөбүрэ суох юридическай көмө 5,5 тыһ. гражданиҥҥа оҥоһуллубута.

«Мин докумуоннарым» кииҥҥэ кэлбиттэргэ өҥөнү оҥоруу үрдүк хаачыстыбата оннунан хаалар (сайабылыанньалаах 99,3 %). Уочаракка күүтүү орто кээмэйэ 9 мүнүүтэ 18 сөкүүндэ, норматив – 15 мүнүүтэ.

Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэригэр өрүһү туоратар 10 паром үлэтин туһунан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр инниттэн «Саха сирин паромнара» мобильнай сыһыарыы үлэлиир. Дьокуускай – Аллараа Бэстээх маршрукка онлайн-видеотрансляция 16 камералара таҥыллан туруорулунна, сибилигин туох буола турарын, 36 паром ханна сылдьарын, салгын сыттыктаах уу 8 аала, «М. Рукавишников» теплоход айанын быһаччы кэтээн көрөр кыах үөскээтэ.

«One Click Yakutia» сыыппара платформатын көмөтүнэн гражданнартан олох-дьаһах араас кыһалҕалаах боппуруостарынан 1290 туруорсуу киирбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын граныгар уонна муниципальнай тэриллиилэр уонна тэрилтэлэр бырайыактарынан куонкурустар ыытыллыбыттара.

Эбийиэктэри тутууга (уларыта тутууга) бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр ыытар үлэлэрин тиһигин быспакка кэтээн көрөр, ол иһигэр кэтээн көрүүнү салгыы ыытар кыаҕы биэрэр өрөспүүбүлүкэ тутуутун салаатын платформата киллэриллэр.

2023 сылга «Саханефтегазбыт» аахсыйалаах уопсастыба уонна «Якутоптторг» тэрилтэ кыттыылаах «Хоту дойдуга таһаҕаһы тириэрдии» информационнай-ырытар тиһиги тургутуу үлэтэ толоруллубута. Бу үлэ түмүгүнэн хотугу оройуоннары харыыта суох кэмигэр хааччыйыыны сүрүннээһин буолуохтаах.

Бүгүн ВОЛС (сибээс волоконнай-оптическай утаҕа) өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 92,7% олорор 383 нэһилиэнньэлээх пууна холбонно, 2012-2023 сылларга 14 тыһ. км тахса уһуннаах ВОЛС утаҕа тардылынна. 13 оройуон «сыыппараҕа» толору көстө. 3G/4G стандартаах сибээс нэһилиэнньэ 91,3% олорор 326 нэһилиэнньэлээх пууну хапта.

«Синергия Арктики» киэҥ далааһыннаах бырайыагы олоххо киллэрии саҕаланна. Эдьигээн, Бэстээх, Баахынай — 3 нэһилиэнньэлээх пууну холбуур сыалга Эдьигээн оройуонун сиригэр-уотугар 359 км уһуннаах ВОЛС утаҕын тутуу ыытыллар.

Сыл түмүгүнэн ВОЛС утаҕар 2785 киһилээх 5 нэһилиэнньэлээх пуун холбоммута, 400 км кэриҥэ уһуннаах ВОЛС тутулунна. Үрүҥ Хайа, Ээйик, Кыллаайы сэлиэнньэлэригэр диэри ВОЛС тардар үлэ толоруллубутун түмүгэр икки арктическай оройуон (Өлөөн уонна Анаабыр) уонна Уус Алдан оройуонун бары нэһилиэнньэлээх пууннара холбоннулар.

Сыыппараҕа көһүү өттүнэн тэҥэ суох буолууну туоратыы бырайыагын 2.0 (УЦН) сүнньүнэн 2023 сыл устатыгар 4G стандартаах суотабай сибээс 27 баазабай станцията үлэтин саҕалаата, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аан бастаан 11 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа спутник сибээһин ханаалларын туһанан 4G технологията киллэриллибитэ.

Бэлиитикэ эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын быыбара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэнин дьокутааттарын быыбара 2023 сыл бэлиэ түгэнинэн буоллулар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэнин дьокутааттарын быыбарыгар куоластааһын түмүгүнэн «Биир ньыгыл Россия» баартыйа 55 мандааты, «Саҥа дьон» – 6 мандааты, «КПРФ» – 4 мандааты, «СРЗП» – 3 мандааты, «ЛДПР» – 1 мандааты, бэйэни туруорунуу бэрээдэгинэн бэлиэтэммит хандьыдаат 1 мандааты ылла.

Быыбардар нэһилиэнньэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаевка уонна «Биир ньыгыл Россия» баартыйа ыытар бэлиитикэтигэр итэҕэлэ үрдүк таһымнааҕын көрдөрдүлэр. Быыбардарга куоластааһын туттулла сылдьар сокуоннары тутуһан, аһаҕастык уонна дьэҥкэтик ааста. Бэлиитикэҕэ үрдүк таһымнаах күрэстэһии уонна уопсастыба хонтуруола быыбар сокуон чэрчитинэн ыытылларын хааччыйда.

Анал байыаннай дьайыы ыытыллыыта Россия уопсастыбатын бүтүннүүтүн сомоҕолоото. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ, Херсона уонна Запорожье уобаластара – саҥа эрэгийиэннэр инфраструктураларын чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ дойду бары эрэгийиэннэрэ кытыннылар.

Биир кэлим сүрүннүүр киин уонна Суһал ыстаап анал байыаннай дьайыыга кыттар байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр бары өттүнэн көмөлөһөргө өрөспүүбүлүкэ былааһын уорганнарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүннүүр үлэни салгыы ыыталлар.

Баҕа өттүнэн барбыт Саха сирин олохтоохторо кыргыһыы хонуутугар сатабыл уонна хорсун быһыы үрдүк таһымын, анал байыаннай дьайыы зонатыгар халбаҥнаабат эр санааланыы быһыытын уонна хорсун буолууну көрдөрдүлэр уонна эр санааланыы, дьоруойдуу быһыы иһин судаарыстыба үрдүк наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр. Ол туоһутунан РФ Оборуонатын министиэристибэтин бирикээһинэн “Барс-2” баҕа өттүнэн барбыттар этэрээттэригэр “Боотур” диэн сахалыы ааты иҥэрии буолар.

Анал байыаннай дьайыы бастакы күннэриттэн «Саха сирэ эйигинниин!» (“Якутия с тобой!”) баҕа өттүнэн кыттааччылар уопсастыбаннай хамсааһыннара тэриллэн салгыы үлэлиир. Бу манна нэһилиэнньэттэн уонна тэрилтэлэртэн гуманитарнай көмө хомуллан тирэх пууннарга ыытыллар.

Россия Оборуонатын министиэристибэтэ хааччыйарыгар эбии “Донбасска көмө уонна өйөбүл Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатын” көмөтүнэн байыаннай сулууспалаахтарга анаан тэрил уонна экипировка атыылаһылынна. Ону таһынан пуонда счетугар киирбит үп Саха сирэ шефтэһэр Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Кировскай куоратын экэниэмикэтин чөлүгэр түһэриини баайынан-дуолунан уонна үбүнэн өйүүргэ ыытыллар.

Өрөспүүбүлүкэ көмөтүнэн 2023 сылга Кировскай куоракка социальнай инфраструктура 32 эбийиэгэ чөлүгэр түһэрилиннэ, үөрэх 9 тэрилтэтигэр пищеблоктары уотунан хааччыйыы ситимин өрөмүөннүүр үлэ ыытылынна.

Бэлиитикэ эйгэтигэр 2024 сыл бэлиэ түгэнинэн Россия Бэрэсидьиэнин быыбара буолуоҕа, бу быыбар дойдубут сайдар хайысхатын быһаарыаҕа.

2024 сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан, оттон өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ. Оҕо аймаҕы өйүүргэ уонна дьиэ кэргэн үгэстэрин бөҕөргөтөргө туһаайыллыбыт саҥа көҕүлээһиннэр олоххо киириэхтэрэ.

2024 сылга өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн бигэ сайдыытын хааччыйар, норуоту харыстыыр, тулалыыр эйгэни чөл хаалларар уонна киһи хапытаалын элбэтэр үлэ салгыы ыытыллыаҕа.

Инвестиция тутаах бырайыактарын: Элгээтээҕи таас чохтоох сир 2 байытар фабрикатын үлэҕэ киллэрии, Өлүөнэ муостатын сүрүн түһүмэҕин тутууну саҕалааһын, Чайыҥдатааҕы ньиэп, гаас конденсаттаах сири бырайыактаммыт кыаҕар киллэрии экэниэмикэни үүннэриигэ улахан сабыдыаллаах буолуохтара.

2024 сылга 76 социальнай эбийиэги үлэҕэ киллэрэр соруктаахпыт. Гааһы киллэрии социальнай бырагырааматын чэрчитинэн 1 800 дьиэҕэ гаас киллэриллэрэ былааннанар.

2024 сыл сайыныгар Дьокуускайга «Азия оҕолоро» VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара ыытыллыаҕа. Бу дойду үрдүнэн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах тэрээһин буолуоҕа.