Алтынньы ый маҥнайгы аҥарыгар киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр Аҕам саастаахтар аан дойдутааҕы күннэрин чэрчитинэн Нөөрүктээйи нэһилиэгэр дэкээдэ ыытылынна.
Дэкээдэ устата нэһилиэкпит ытык саастаах бэтэрээннэригэр оскуола, дьаһалта өртүттэн болҕомто уурулунна. В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэрэ дьиэ-уот кэккэ боппуруостарыгар күүс-көмө буолан субуотунньуктар ыытылыннылар. Маны таһынан сылын ахсын кырдьаҕастары олохтоох оҕуруот аһынан хааччыйыы, дьиэлэринэн эҕэрдэлэр тиэрдилиннилэр. Нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтэ кыбаартал үбүлээрдэрин эҕэрдэлээтэ, бэтэрээн педагогтар кыттыылаах кылаас чаастар, тематическай тэрээһиннэр буолан аастылар.
“Сулустаах эстэпиэтэ” оройуоннааҕы бэтэрээннэр бэстибээллэригэр “Туналы” трио, “Күбэйэ” үҥкүү ансаамбыла, Михаил Назаров лауреаттарынан, оттон хомусчуттар бөлөхтөрө, Евдокия, Владимир Черкашиннар сыаҥкалара, “Ленин сопхуос туһунан” Николай Карамзин хоһоонун толорбут уус-уран ааҕыы бөлөҕө дипломаннарынан буоллулар. Лауреаттар Майаҕа ыытыллыбыт бэстибээл гала-кэнсиэригэр кыттыыны ыллылар.
“Олоҕум кэрэ күһүнэ” диэн дэкээдэни түмүктүүр бырааһынньыктааҕы биэчэр алтынньы 12 күнүгэр “Айылгы” норуот айымньытын киинигэр буолан ааста. Тэрээһин кыттыылаахтарыгар нэһилиэк баһылыга Николай Федоров, олохтоох дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Прокопий Макаров, бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Сивцева эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Кэлбит ыалдьыттар биэчэр күрэстэригэр таһымнаахтык тэринэн кэлбиттэр. Ол курдук, “Сиэдэрэй сэлээппэ” күрэскэ 12 кыттааччы ох курдук оҥостон, кэрэ көстүүлээх сэлээппэлэри сыаналаатыбыт. Бастыҥ сэлээппэлээхтэринэн Надежда Атласова, Парасковья Никифорова, Александра Авелева буоллулар. Маны таһынан урукку кэмнээҕи маллар, киэргэллэр быыстапкаларыгар араас сылларга муода буола сылдьыбыт суумкалары, атах таҥастарын, киэргэллэри туруордулар. Ордук элбэх малы Светлана Исакова туруоран, ыалдьыттарга эдэр саас кэрэ кэмнэрин санатта. Маны таһынан урукку кэми эргитэн ”ретро”, “винтаж” муода дефилетын кэрэ аҥардарбыт кыайа туттулар: саас, күһүн кэтиллэр, болтуо, плащ, сайыҥҥы таҥас муодатын көрдөрдүлэр.
Ити курдук ытыктыыр аҕам саастаах дьоммутугар болҕомтобут мэлдьи баар буоллун.