Догдоҥо нэһилиэгэр үс түөлбэнэн арахсан олоробут. Биир улахан түөлбэнэн «Дьулуур» ‒ аллараа бөһүөлэк түөлбэтэ буолар.
Быйыл ыам ыйыгар өр кэмнэргэ түөлбэбитин салайбыт Александра Баишева үлэтин отчуоттаан, саҥа талыллар түөлбэ салайааччытыгар үлэтин туттарбыта. Уопсай мунньаҕынан элбэх куолаһы ылан Иван Егоров талыллыбыта. Бастакытын түөлбэ салайааччытынан эр киһи талылынна, Александра Николаевна настаабынньык, сүбэһит буолан сылдьар.
Түөлбэ ыраас буолуута, тас көстүүтэ бу олорор дьонтон улахан тутулуктаах. Түөлбэбитигэр нэһилиэкпит социальнай эбийиэктэрэ оскуола, оҕо саада, олохтоох дьаһалта, ОДьКХ, ФАП, ветпуун, үүт пууна, тутулла турар кулууппут, маҕаһыын, ону таһынан Кыайыыга анаммыт монумент, Ийэ искибиэрэ, оҕо былаһаакката бааллар. Сайынын түөлбэнэн Кыайыы монуменыгар, Ийэ искибиэригэр кэрэ көстүүлээх буоллун диэн сибэкки олордон, хас биирдии ыалынан уу кутан, күһүн буолуор диэри көрөбүт истэбит. Балаҕан ыйа кыстыкка бэлэмнэнии, хомунуу, көҕүрдүү субботник кэмэ. Бары күргүөмүнэн тахсан палисадник олбуорун кырааскалаан, абырахтаан, күөх үүнээйи олордорго бэлэмниибит, бөһүөлэкпит көстүүтэ тупсарыгар кыһаллабыт. Түөлбэни кытта үлэҕэ олохтоох дьаһалта баһылыкпыт Петр Сивцев болҕомто ууран көмөлөһөр, өйүүр. Түөлбэбит салайааччытыгар Иван Егоровка уопсастыбаннай үлэтигэр ситиһиини баҕарабыт, түөлбэнэн бары бииргэ түмсүөҕүҥ!
Тамара Зыкова