МООРУККА ЭСПЭДИИССИЙЭ ҮЛЭТИН САҔАЛААТА

Кыраайы үөрэтии

Атырдьах ыйын бастакы күннэриттэн саҕалаан Моорук нэһилиэгин Холлубут алааһыгар археологическай эспэдииссийэ үлэлиир.

Дьокуускайтан кэлбит Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институтун научнай үлэһитэ Александра Прокопьева уонна «Заречный» этэрээт буолан алааска хаһар үлэни саҕалаатылар. Сэттэ киһиттэн турар институт, Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ уонна волонтердар бааллар. Алааска чинчийии сириттэн чугас сиргэр балааккаларга хоно сытан үлэлииллэр. Икки сыл анараа өттүгэр алааска чинчийии үлэ түмүгэр керамика оҥоһуктара о.д.а. көстүбүттэрэ. Онтон сиэттэрэн манна Кулун Атах үйэтин саҕанааҕы өтөх баара буолуо диэн сабаҕалыыллар. Эспэдииссийэ бастакы күннэригэр сир кырсын анныттан туой буортан оҥоһуллубут иһит үлтүркэйэ, керамика, уҥуох көстүбүт. Салгыы чинчиийи үлэтин түмүгүнэн көстүбүт матырыйааллары хомуйан ханнык үйэтээҕи өтөх буоларын быһаарыахтара.

Иван Лукин.