Алтынньы 20 күнүгэр И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэйгэ улуустааҕы «Физмат дьиэ кэргэн» куонкурус буолан ааста. Куонкурус үс түһүмэхтээх ыытылынна. Бастакынан, биирдиилээн математика олимпиадата. Иккиһинэн, оҕо уонна төрөппүт иккиэн холбоон олимпиада сорудахтарын толордулар. Үсүһүнэн, физика сорудахтарынан практическай үлэлэри оҥордулар. Биһиги оскуолаттан 6 «в» кылаас үөрэнээччитэ Аринкин Артем аҕатынаан Иннокентий Иннокентьевичтыын 2🥈 миэстэ буоллулар👏👏👏Салайааччылара: Дьяконова Нюргуяна Владимировна, Жиркова Валентина Васильевна.
Светлана Ефимова