Мин аатым Петрова Алгыстаана, бүгүн мин алтынньы 28 күнүгэр Павловскай оскуолатыгар икки сэттис кылаастар бохуоттаан кэлбиппитин кэпсиэм.
Биһиги 11 чааска бары Валентина маҕаьыын иннигэр мустубуппут, ол кэннэ сорох оҕолору көрсөн, походтуур сирбитигэр барбыппыт. Баран иһэн уолаттар ватрушкаларга үрүксээктэри, малларбытын соһон илдьибиттэрэ. Бохурттуур сирбитигэр тиийэн сээкэйдэрбитин уурталаан баран, уолаттар кутаа отторго мас хомуйа барбыттара, кутаабытын оттон баран, хаар ыраастаан аһыыр сирбитин бэлэмнээн, айылҕаны аһаппыппыт. Аһаан баран уолаттар тыаттан улахан мас булан, көтөҕөн аҕалбыттара, кутаа иннигэр чэй иһэ-иһэ олорбуппут. Оттон уолаттар сыыртан сырылаабыттара. Бука бары тыа иһигэр сассыһыылаах оонньообуппут. Ол кэннэ чэй иһэн баран «картошки», «белки и орешки» оонньообуппут. Ким үстэ хотторбут киһи ырыа ыллыыр диэн быраабылалаах этибит. Учууталбыт Алёна Робертовна сосиска аҕалбытын, палкаҕа тутан кутааҕа сырайбыппыт. Уолаттар сОлег Газманов «Вперёд Россия» диэн ырыаны ыллаабыттара.
Биһиги учууталларбытыгар Алёна Робертовнаҕа уонна Светлана Петровнаҕа биһигини айылҕаҕа, сибиэһэй салгыҥҥа таһаарбыттарыгар олус махтанабыт уонна өссө хаһан эмит бииргэ бохуоттуу барыахпыт диэн сананабыт!
Петрова Алгыстаана,
В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолата