Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Александра Ивановна Григорьева кэлэн иһэр Саҥа 2024 сылы үөрэ-көтө көрсөөрү олорор. Кини таҥас кырадаһыннарын кырыйан эҥинэ бэйэлээх кэрэ олбохтору, дьоҕус көбүөрдэри тикпит.
Ленскэйтэн төрүттээх Александра Ивановна 1938 с. олунньу 23 күнүгэр төрөөбүт. Эрдэ тулаайах хаалбыт кыыс эбэлээх эһэтигэр иитиллибит. Эбэтин үтүктэн кыра сааһыттан быысапкалыыр буолбут. 5-с кылааска үөрэнэ сылдьан кылаас иһинээҕи күрэхтэһиигэ быысапкаҕа бастаабыт. Иистэнньэҥ учууталы кытта дьукаахтаһан олорбуттар, онон киниттэн үөрэнэн 8-с кылааска үөрэнэ киирэр бастакы былааччыйатын бэйэтэ тиктэн кэппит. Дойдутугар 10-с кылааһы бүтэрэн баран холкуоска үлэлииригэр пиэрмэ дьахталларыгар барыларыгар ырбаахы тигэн кэтэрдитэлээбит. Онон кинилэр махталларын ылан, кинилэр алгыстарынан үөрэххэ барбыт. 1960 с. Дьокуускайдааҕы кооперативнай училищены бүтэрэн баран Майаҕа тахсан товароведынан үлэтин саҕалаабыт. 1981 сылтан Аграфена Ивановна Эверстовалыын ыаллыы олорон бэйэ-бэйэлэрин иискэ үөрэппиттэр. Киниттэн үөрэнэн аан бастаан истиэнэ көбүөрүн тикпит, бэйэтэ Аграфена Ивановнаны күрүчүөгүнэн, испииссэнэн баайыыга үөрэппит.
Александра Ивановна кэргэнэ Анатолий Митрофанович ПМК тэрилтэҕэ өр сылларга мэхээнньигинэн үлэлээбит. Кинилэр 3 кыыһы Күн сирин көрдөрбүттэр. Екатерина икки үрдүк үөрэхтээх, билигин тыйаатырга киинэ саалатыгар, орто кыыс Антонина поликлиникаҕа каассаҕа, кыра кыыс Виктория “Чараҥ” маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлииллэр. Кинилэр устудьуоннуур сылларыгар ийэлэрэ таҥас атыыласпакка бэйэтэ тигэн, баайан таҥыннартаабыт. Билигин бары тутуспутунан Майаҕа олороллоруттан ийэ сэмэйдик үөрэр.
Александра Григорьева таҥас кырадаһынынан тигиинэн 80-с сыллартан дьарыктанар. Барытын хлопок итиэннэ габардин матырыйаалларынан тигэр. Биир орто көбүөргэ 900 кыбадыраат кырыллан киирэр буоллаҕына күҥҥэ төһөлөөх кыбадырааты кырыйара буолуой?
Александра Григорьева Пионерскай уулуссаҕа олорор эрдэҕинэ сибэкки арааһын үүннэрэн, оҕуруот ыһан олорбут. Ыалларыныын ким тугу сатыырынан уопуттарын атастаһан биир сүбэнэн сылдьыбыттар. Бары бибилэтиэкэ бастыҥ ааҕааччылара буолан биир сыл олохтоох дьаһалтаттан грамота, бэлэх ылан олус үөрбүттэр, астыммыттар. Александра оҕолорго анаан күн эгэлгэтин барытын: ромашка сибэккилэри, истиэнэҕэ ыйанар хармааннары, уол мэкчиргэ, кыыс мэкчиргэ оонньуурдары, о.д.а. тигэн кэлбит. Кырадаһынтан тигии үлэтэ элбэх омук сирдэригэр тарҕаммыт. Аан бастаан Канадаҕа, Тайлаҥҥа, онтон Европанан быыстапкаларга туруоруллубуттар, монголлар, англичааннар Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыттарыгар кини дьоҕус көбүөрдэрин бэлэх быһыытынан бэриллибиттэр. Билигин Уус Алдаҥҥа Танда мусуойугар үлэлэрэ тураллар. Урукку өттүгэр кырадаһынтан иистэринэн элбэх куонкурустарга, көрүүлэргэ, оҕо уһуйааннарынан, оскуолаларынан араас сэминээрдэргэ кытта сылдьыбыт, уопут атастаспыт.
Григорьевтар Герой Попов уулусса 61/4 нүөмэрдээх дьиэтигэр хаарбах дьиэ бырагырааманан көһөн кэлбиттэрэ 6 сыл буолбут. Манна Пионерскай уулуссаҕа олорбут ыкса ыалларыныын эмиэ ыаллыы түбэспиттэриттэн олус үөрэр. Кэргэнэ олохтон туораабыта хас да сыл буолбут. Кинини ыараханнык ыалдьа сытар кэмигэр Александра Ивановна бэйэтэ көрөн-истэн, быраастартан сүбэлэтэн эмтээбит-томтообут. Билигин элбэх сиэн, элбэх хос сиэн тапталлаах эбэлэрэ 85 саастаах. Кини сарсыарда аайы этин-хаанын чэбдигирдэр хамсаныылары оҥорорун, массаас оҥосторун сөбүлүүр. Кыралаан тахсан хааман киирэрин билигин хамсык ыарыы баарынан быстах кэмҥэ тохтоппут.
Көрүөхтэн кэрэ олбохтору, дьоҕус көбүөрдэри оҥорор аҕам саастаах киһи бу дьарыгын ис-иһиттэн сөбүлээн дьарыктанар, онтон дуоһуйууну ылар. Александра Ивановна бу оҥорор оҥоһуктарын чугас дьонугар бэлэх уунан үөрдэриттэн, атыылаан оҕолоругар сэмэй көмөтүн оҥороруттан бэйэтэ ордук астынар. Ураты дьоҕурдаах иистэнньэҥ “Олорор, үлэлиир усулуобуйам барыта баар” диэн үөрүүтүн үллэстэн дьиэтин-уотун, бииртэн биир кэрэ иистэрин көрдөрдө. Кэрэни тарҕатар, сырдык мичээринэн сыдьаайа сандаарар үтүө-мааны киһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабын.
Марелла Баишева.