Көмүс күһүн биир сиппэрэҥ күнэ олус туһалаахтык ааста

Майаҕа “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ сайыҥҥы кэмҥэ олохтоох дьаһалта элэктроуокка, сылаас киириитигэр өрөмүөн ыыппыта. Бу кэмҥэ дойдуга буола турар анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар сэттэ хайысханан көмөлөһө олорбут «түмэннэр» маллара икки сиринэн таһыллан, Айыы балаҕаныгар тиийэ тахсыбыта. Ону оннун булларарга күүстээх илиилэр наада буолбуттара.

Бүгүн, алтынньы 2 күнүгэр, “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук сүбэтин көҕүлээһининэн уораҕай өһүөтүн, муостатын сууйууга, малы-салы сууйан-таһан миэстэтин булларарга субуотунньук буолла. Манна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ Тит Кривогорницын, Иван Ларионов, Айсен Местников, Айтал Григорьев үрдүк кирилиэстээх кэлэннэр дьоһун көмөлөрүн оҥордулар. Тит Кривогорницын өһүөлэрин сууйда, Иван Ларионов, Айсен Местников улахан маллары таһан миэстэлэрин буллардылар, Айтал Григорьев уоту-күөһү көрдө, розеткалары уларытта, Степан Копырин ыскааптары абырахтаата, Зиновий Игнатьев, Дмитрий Титов сүүрэн-көтөн дьаһайсан, итиэннэ “Түмэн”  уопсастыбанньыктара сууйуутугар-тарааһыныгар саба түстүлэр.

Күн иккис аҥаарыттан Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуола Анна Васильева салайааччылаах 10-с “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай киин олбуорун иһигэр үүммүт сэтиэнэҕи хомуйдулар, кыргыттар мал-сал, иһит-хомуос сууйуутугар көмөлөстүлэр.

Элбэх киһи кыттан субуотунньук тэтимнээхтик барда. Дьиэлэрэ-уоттара сылыйан-сырдаан,  «түмэннэр» сарсыҥҥы күнтэн элбэх хайысханан тигинэччи үлэлииргэ бэлэмнэнэн үөрүүлэрэ улахан. “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук салайааччыта Мария Лукина көмүс күһүн биир сиппэрэҥ күнэ олус туһалаахтык ааспытыгар бары көмөлөспүт дьоҥҥо махталын тиэртэ.

 

Марелла Баишева.