«Иэйии кустугун» илгийэр сылааһа барыбытын түмтэ

Сэтинньи 17 күнүгэр Догдоҥо нэһилиэгэр биир дьоро күн буолла. Олохтоох оскуола саалатыгар ааптар, «Туллукчаан» уһуйаан үлэһитэ, «Догдоҥо дорҕоонноро» айар түмсүү, «Алгыс» түөлбэ салайааччыта, улуустааҕы «Таммахтар» литературнай холбоһук чилиэнэ, «Эркээйи» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, 30-тан тахса ырыа ааптара, илбииһит Светлана Иванова-Намыына «Иэйиим кустуга» саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ нэһилиэк дьонун-сэргэтин, оскуола үөрэнээччилэрин, ыалдьыттары биир түһүлгэҕэ түмтэ.

Эдэр алгысчыт Николай Новгородов-Сиэрдээх Сэһэн сахалыы сиэри-туому тутуһан үөрүүлээх тэрэээһини алгыһынан арыйда. Бу кэрэ-бэлиэ айар киэһээни олохтоох бибилэтиэкэр Тамара Ивановна Зыкова иилээн-саҕалаан  ыытта.

Ааптар бу үһүс кинигэтэ буолар. Бастакы кинигэтэ «Туллукчаан” диэн уһуйаан саастаах оҕолорго аналлаах хоһооннорун хомуурунньуга 2013 с., “Ыра санаа” хоһоон хомуурунньуга 2017 с. тахсыбыттара. 2023 с. «Иэйиим кустуга» саҥа кинигэтэ “Дани-Алмас” кинигэ кыһатыгар 100 ахсаанынан бэчээттэммит. Кинигэ үбүлээһинигэр Догдоҥо нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, дьокутааттарын сэбиэтэ көмөлөспүттэр, эрэдээксийэтин Марфа Птицына оҥорбут. 64 балаһанан 59 хоһоон киирбит. Аан тылы “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук салайааччыта  Наталья Пахомова суруйбут, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Инна Николаева-Угинка ырытыыта, кинигэ таһыгар ааптар өбүгэтин Анабы алааһын хаартыската киирбиттэр.

Светлана Иванова-Намыына хоһоон эйгэтигэр оҕо сааһыттан ылларан оскуола эрдэхтэн суруйарын саҕалаабыт. Хоһооннорун айылҕа араас көстүүлэригэр, төрөөбүт дойдуга, ийэҕэ тапталга, кыра саастаах оҕолорго анаан суруйар-хоһуйар. Оҕо сааһыттан айылҕаны кытары ситимнэһэн төрөөбүт Бөкөтүн алаастарыгар, тыаларыгар күөлэһийэ көччүйэн кыылы-сүөлү, оту-маһы кытары тэҥҥэ алтыһан, ол сэҥээрэ көрбүт кэрэ айылҕа көстүүлэрин хоһоонунан хоһуйар буолбута. Бастакы хоһоонноругар 9-с кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут «Таптыыбын төрөөбүт төрүт тылбын» диэн хоһооно киирсэр. Чугас дьүөгэлэрин, биир түмсүүлээхтэрин кэрэ-бэлиэ күннэригэр, биллиилээх дьоҥҥо анабыл хоһооннору суруйар. Сылдьыбыт сирдэрин кэрэ көстүүлэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр үтүө дьарыктаах. Кини хаартыскаларын быыстапката улуус кыраайы үөрэтэр түмэлигэр быыстапкаҕа туруоруллан үгүс дьон сэҥээриитин ылбыта. Эргиччи бэйэтин сайыннаран элбэх куурустарга үөрэммитэ уонна үөрэнэр. Ол туһунан биир дойдулаахтара, тэрээһин кыттыылаахтара эҕэрдэлэригэр сырдаттылар.

Үөрүүлээх тэрээһини баһылык Петр Сивцев, улуус дьокутаата Иван Пивоваров, ыччат лиидэрэ Егор Терентьев, култуура үлэһитэ Николай Новгородов «Дойдум дьоно, түмсүөҕүҥ» диэн ааптар хоһоонунан арыйдылар. Бу салайааччылар дьону-сэргэни сомоҕолуур ыҥырыыларын курдук сонун көстүү буолла. Оскуола үөрэнээччилэрэ Намыына хоһооннорун өйтөн ааҕаннар киэргэттилэр. Оҕолор сахалыы таҥнан, сибэккилии симэнэн, сырдык мичээрдээх сыдьаайан тахсыбыттара көрөөччүлэри долгута үөртэ. Догдоҥо оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара кыһаллан-мүһэллэн Намыына хоһооннорун иэйиилээхтик аахпыттара истэргэ-көрөргө үчүгэйэ, кырдьык да, олохтоох ааптардарын аатын ааттатан, үүнэр ыччаты патриотическай тыыҥҥа, төрөөбүт дойдуга тапталга сыһыаран  иитии үлэтэ барарын кэрэхсээтибит. Аксинья Васильевна Морозова салайааччылаах «Туллукчаан» уһуйааҥҥа бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ эйэҕэс тылларын анаан тураннар ааптар хоһооннорун иэйиилээхтик аахтылар.

Нэһилиэк баһылыга Петр Сивцев Догдоҥо нэһилиэгин улууска эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ ааттата сылдьар тарбахха баттанар олохтоох ааптардарын Намыынаны үрдүк ситиһиилэринэн, кинигэтин сүрэхтэниитинэн эҕэрдэ тылын этэн туран Светлана Дмитриевна хоһоон айарын таһынан нэһилиэк дьонун эмтиир-илбийэр, массаастыыр идэлээх киһи буоларын, элбэх киһи киниэхэ эмтэнэн-илбийтэрэн үтүөрэн махтал тылларын күн бүгүҥҥэ диэри аныылларын бэлиэтээн эттэ. Кини Светлана Иванова эмтиир идэни ылбытынан сибээстээн массаас кэбиниэтин арынарыгар, онно наадалаах тэриллэрин ылынарыгар нэһилиэгэр быйылгы сылга социальнай хантараакка көмүскээн 500 тыһыынча солкуобайдаах граны улуус социальнай харысхал управлениетыттан ылар чиэстэммиттэрин үөрэн туран иһитиннэрдэ. «Алгыс» түөлбэ салайааччыта нэһилиэк, улуус олоҕор үгүс сылларга көхтөөхтүк кыттар киэн туттар киһилэрэ буоларын бэлиэтээн туран, дьаһалта аатыттан эҕэрдэ суругу, сэртипикээти туттарда. Улуус дьокутаата, ФАП сэбиэдиссэйэ Иван Пивоваров Намыына хоһооннорун сөбүлээн ааҕарын этэн туран нэһилиэк үгүс дьонун илбийэн эмтиирин, дьон-сэргэ эмтэнэн, массаастанан туһаммыттарын эттэ итиэннэ айар уонна илбийэр эйгэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕаран туран өйдөбүнньүк бэлэҕин туттарда. Бииргэ үлэлиир «Туллукчаан» уһуйаан салайааччыта, биир түөлбэлээҕэ Аксинья Морозова Светлана Дмитриевна бэйэтин куруук сайыннара сылдьарын, Жатайдааҕы техникуму массаас идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитин, айар дьоҕурдааҕын таһынан үгүс элбэх туһалаах дьарыктааҕын эттэ уонна эҕэрдэ суругун, сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Оскуола кэлэктиибэ Намыына оҕолорго аналлаах хоһоонноро үүнэр көлүөнэҕэ Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэр, үөрэтэр-иитэр аналлаахтарын бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оскуола бары кылаастарыттан оҕолор хоһооннору өйтөн аахпыттара көрдөрөр. Оскуола салалтатын уонна боропсойууһун ааттарыттан Семён Эверстов, олохтоох култуура дьиэтин дириэктэрэ Айталина Иванова, үөрэппит учуутала Мария Сыромятникова, ыҥырыылаах ыалдьыттар ааттарыттан  Мария Тумусова, «Сахалыы тыынынан» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар түмсүүттэн Акулина Андреева-Иэйиилиинэ, улуустааҕы  «Таммахтар» литературнай холбоһуктан салайааччы Наталья Пахомова, Марина Яковлева, Майя Ильина, көрбөттөр уопсастыбаларын аатыттан салайааччы Иван Семенов, улууспут уопсастыбаннай түмсүүлэрин аатыттан Зиновий Игнатьев, «Эркээйи» хаһыат эрэдээксийэтин  аатыттан Марелла Баишева, Майатааҕы киин бибилэтиэкэ аатыттан Марина Трифонова, Екатерина Попова эҕэрдэлэрин тиэртилэр, сэмэй бэлэхтэрин, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Үөрүүлээх тэрээһин толору астаах сандалы тула олорон итии чэйдээх остуолга ирэ-хоро кэпсэтэн, ылбаҕай ырыаны ыллаан, бэйэ-бэйэҕэ махтал тылларын анаан,  хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.

Догдоҥолор ааттарын доргуччу хомоҕой хоһооннорунан ааттата сылдьар улууспутугар биир биллэр суоллаах-иистээх ааптарбыт Светлана Иванова-Намыына саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллан биир дойдулаахтарыгар айар эйгэлиин алтыһар умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Кини тапталлаах хаһыатын нөҥүө олохтоох дьаһалтаҕа, дьокутааттар сэбиэттэригэр, биир дойдулаахтарыгар өйөбүллэрин иһин дириҥ махталын биллэрэр.

Бэйэм ааппыттан эбэн эттэхпинэ, Светлана Иванова “Эркээйи” хаһыаты бэйэтэ сыллата сурутарын таһынан биир дойдулаахтарыгар успуонсардаан кэллэ. Манан кини улууспут хаһыатыгар сурутааччы ахсаана элбииригэр кылаатын киллэрсэр сүҥкэн көмөнү оҥорор. Түгэнинэн туһанан, барҕа махталбын биллэрэбин.

Иэйиим кустугун илгийэр сылааһын,

Иһирэх санаам истиҥин аныыбын,

Ис кутум сыдьаайын иитиэхтээн,

Илиибэр уураммын бар дьоммор уунабын… – ааптар Светлана Иванова-Намыына бар дьонугар анаабыт хоһоонун тылынан Намыынаҕа айар үлэтигэр саҥаттан саҥа ситиһиилэри, үгүс элбэх кэрэ хоһооннору кэккэлэттин диэн алгыспыт маанытын аныыбыт, илбийэр-эмтиир эйгэтигэр үтүөнү оҥорбут дьонун махталлара араҥаччылыы-арчылыы сырыттыннар диэн ”таммахтарын” уонна “эркээйилэрин” ааттарыттан баҕа санаабыт бастыҥын аныыбыт.

«Иэйиим кустуга» хоһоон хомуурунньугун сүрэхтэниитин үрдүк таһымнаах тэрээһинэ дьон-сэргэ сүрэҕин үөрүүнэн толорон барыбыт сүргэбит көтөҕүлүннэ.

 

Марелла Баишева.