Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр улууспутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн оскуолаларга үөрүүлээх линейкалар буоллулар.

Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар үөрэнээччилэри кытта бэлиэ тэрээһиҥҥэ улуус салалтатыттан оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, улуус үөрэҕин управлениетыттан Андрей Захаров, Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Март Андреев ыалдьыттаатылар. Судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Филипп Гаврильевич Охлопков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.