Мэҥэ Боҕуруоскай таҥара дьиэтэ тутуллубута быйыл 200 сыла. Таҥара дьиэтин үбүлүөйүгэр аналлаах епархия сулууспата буолара чугаһаата.
Бүтэйдээх дьонун сиэртибэлэринэн Москва куоракка оҥоһуллубут куолакаллар аадырыстарыгар кэллилэр. От ыйын 29 күнүгэр биэс саҥа куолакалы таҥара дьиэтин ыстаарастата Валерий Егорович Дмитрьев бэйэтин массыынатынан тиэйэн аҕалла. «Сэндиэлэ» кыраайы үөрэтээччилэр түмсүүлэрин чилиэннэрэ куолакаллары көрсөн, сүөкээн, анал миэстэтин буллардылар. Салгыы хайдах ыйыыры итиэннэ үлэ былаанын сүбэлэстилэр.
Таҥарабыт дьиэтин урукку куолакаллара 6 этилэр. Илин 31 буутттаах ийэ куолакал, хоту, арҕаа иккилии кыра куолакал, соҕуруу 25 бууттаах улахан куолакал бааллара. Субуотаҕа, таҥара күннэригэр тыаһаталлара. 8-10 биэрэстэлээх Сатаҕайга, Өлөчөйгө иһиллэрин туһунан кэпсэнэр. Сэбиэскэй кэмҥэ холкуостар дьону ыҥырар тыаска туттубуттар. Таҥара дьиэтэ сабыллыбытын кэннэ, 1930 сыллаахха устубуттар. 1933 сыллаахха нэһилиэк күүстээҕэ Сэмэн Чооруоһап тэлгэһэҕэ турбут 25 бууттаах куолакалы тобугар диэри тардыбыта номох буолбут.
Куолакаллары сэриигэ туһаммыттара буолуо диэн сабаҕалааһын баар.
1930 сыллаахха уһуллубут куолакаллар оннуларыгар кэлбит саҥа куолакаллар аналлаах миэстэлэрин булан, сотору кырдьаҕас сэлиэнньэҕэ лыҥкыныы тыаһыахтара.
Константин Родионов,
«Сэндиэлэ» түмсүү.