Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама Бүтүн аан дойдутааҕы баан (Всемирный банк) бырагырааматынан буолар. Манна дьүөрэлээх бырагыраамалар аан дойду 60-тан тахса дойдутугар уонна Арассыыйа араас эрэгийиэнигэр олоххо киирэллэр, ол иһигэр Саха сиригэр 2017 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Бу бырагыраама аан дойдуга биллибитэ отуттан тахса сыл буолла. Арассыыйаҕа бу бырагырааманы РФ Үбүн министиэристибэтин өйөбүлүнэн, Аан дойдутааҕы баан сүбэтинэн, көмөтүнэн 63 эрэгийиэн олоххо киллэрбитэ. Бырагыраама көмөтүнэн олохтоохтор бэйэлэрэ саамай наадалаах бырайыактары талаллар – суолу өрөмүөннээһини, успуорт, оҕо былаһааккаларын тутууларын, пааматынньыктары, эбийиэктэри чөлүгэр түһэриилэри о.д.а олох хаачыстабытаны тупсарыыга туһуланар үлэни-хамнаһы.
Бүгүҥҥү күҥҥэ олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагырааманан, Саха сирэ мөккүөрэ суох дойду үрдүнэн биир бастыҥ эрэгийиэнигэр истэригэр киирэрэ бэлиэтэнэр.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр, ол иһигэр биһиги улууспутугар олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама сэттэ сыл устата нэһилиэнньэ социальнай суолталаах тыын боппуруостарын быһаарар биир сүрүн бырагырааматынан буолар. Бу күннэргэ улууспут бары нэһилиэктэригэр үүнэр 2025 сылга федеральнай бырагараама чэрчитинэн олохтоох кэҕүлээһини өйүүр бырайыактарын талыы саҕаланна.
2018 сылтан бырагыраама нөҥүө биһиги улууспутугар уопсайа 435,6 мөлүйүөн солк. суумалаах 223 бырайыак үлэҕэ киллэрилиннэ. Олор истэригэр 4 успуорт уонна 7 оҕо оонньуур былаһааккалара, 19 маассабай тэрээһини ыытар сир тутулунна, 44 искибиэр уонна эбийиэктэр тупсарылыннылар, 8 үөрэхтээһин эбийиэгэ, 4 култуура киинэ, 4 успуорт саалата, 37 уунан хааччыйыыга, 11 уот, ититиигэ, гааһынан хааччыыга эбийиэктэр оҥоһулуннулар, 9 сырдатыыга туһуланар бырайыактар олохтоннулар, 23 суол өрөмүөннэннэ, 26 анал тиэхиньикэ атыылаһылынна о.д.а былааннаммыт үлэлэр толору ыытылыннылар.
Инникитин да олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан улууспут олохтоохторо бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэриигэ олорор сирдэринэн уопсай дьыала туһугар бүттүүн кыттыһыахтара диэн эрэнэбит уонна хас биирдиигитин кэлэр сыллааҕы бырайыактары өйүүргэ, нэһилиэктэрбит тупсаҕай көстүүлээх, табыгастаах буолалларыгар социальнай ситиминэн ыытыллар куоластааһыннарга уонна ыытыллар мунньахтарга көхтөөхүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Алена ДОКТОРОВА.