Мэҥэ нэһилиэгиттэн төрүттээх гвардия старшай лейтенана, «За отличия в службе» Георгий Жуков аатынан уордьаннаах Данил Скрябин 2022 сыл алтынньы ый 10 күнүгэр бэбиэскэ тутан Ийэ дойдутун көмүскүү барбыта. Анал байыаннай дьайыыга 4 сыл 3 ый Ийэ дойдутун туһугар бэриниилээхтик сулууспалаан бу дьыл тохсунньу 14 күнүгэр бойобуой дьаһалы толоро сылдьан суорума суолланан кэлбитэ. Кини ХИФУ тыл факультетыгар магистрана, экэнэмиис идэлээх этэ.
Бүгүн Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр киин уулуссаҕа хорсун буойун аатын ааттатар өйдөбүнньүк баннер туруорулунна. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччыта Василий Валерьевич Филиппов иилээн-саҕалаан туруортарда.





