Норуот күүһэ – итэҕэлигэр. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору кытары үлэҕэ социальнай-реабилитациялыыр киин иһинэн «Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа» диэн оҕолорго олус сэргэх тэрээһин ыытылынна.
Сахалар былыр-былыргыттан сэтинньи ыйы олус убаастыыр, ытыктыыр кэмнэрэ буолар. Бу ый кыстыкка киирии, муус бэлэмнээһинэ, идэһэ астааһына, муус аннынан балыктааһын уонна булчуттар саамай кэтэһиилээх кэмнэрэ – хара тыаҕа бултуу тахсар кэмнэрэ буолар. Ол эбэтэр уһун унньуктаах тымныы кыһыны туоруур астарын-таҥастарын хаһаанар, бэлэмниир кэмнэрэ кэлэр. Биһиги, саха норуота, бу үгүс үйэлэргэ илдьэ кэлбит үтүө үгэспитин, хара тыабыт суруллубатах тыйыс сокуоннарын, кыылларын, булчут сиэрин-туомун уонна үлэ-хамнас көрүҥнэрин иитиллээччилэрбитигэр үөрэтэр-билиһиннэрэр сыаллаах кииммит иитээччитэ Калиса Дмитриевна Окоёмова презентация нөҥүө оҕолорго киэҥ ис хоһонноох иһитиннэрии оҥордо. Ордук оҕолор болҕомтолорун билигин буола турар муус аннынан балыктааһын муҥха сиэрэ-туома, үлэтин хаамыыта уонна тэрилэ ылла.
Маны тэҥэ иитиллээччибит Айысхан Ефимов Бүтэйдээх нэһилиэгин кыраайы уонна устуоруйаны үөрэтэр түмэлигэр экскурсияҕа сылдьан булчут үүтээнигэр тугу көрбүтүн оҕолорго сиһилии кэпсээтэ. Оҕолор бары кэпсэтиигэ көхтөөх кыттыыны ыллылар, санаа үллэһиннилэр.
Бу кэннэ улахан саастаах оҕолорго билиилэрин тургутар сыаллаах «Толкуйдаа, оонньоо, кыай» өй күрэҕэ ыытылынна. Онтон кыра саастаах иитиллээччилэр «Тыа кыылларын төһө билэҕин?» хартыынанан үлэҕэ төгүрүк остуол тула муһуннулар. Бу күн оҕолор санаа эрэ үллэстиитинэн, өй күрэҕинэн муҥурдаммакка, бэйэлэрин булчут уобараһыгар эмиэ холонон көрдүлэр. Ол курдук, биэс түһүмэхтэн турар «Булчут күрэҕэр» хамаанданан арахсан илин-кэлин түһэн күөн көрүстүлэр. Түмүккэ саамай кыраҕы харахтаах охчуттар, бастыҥ балыксыттар ааттара ааттаннылар, итиниэхэ, кыра булчуттары Баай Байанай илии тутуурдаан, өттүк харалаан бары да үөрүүлэрэ үксээтэ, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.