«Боотур» хамаанда ордук бэлэмнээҕин көрдөрдө

Олунньу 22 күнүгэр А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар патриотическай иитии ыйын чэрчитинэн уонна Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах хамаанданан күрэх ыытылынна. Күрэх оҕону успуорка сыһыарыыга, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгаргар иитиигэ, тулуурдаах, хорсун, этин-сиинин сайыннара улаатарыгар туһуланна.

Хамаандалар аптамааты ыһыыга-хомуйууга, гранатаны быраҕыыга, ытыыга, эт-хаан өттүнэн төһө кыахтаахтарын, мындыр өйдөрүн тургутан көрүүгэ, анал таҥаһы, противогаһы кэтэн баран сыыллыыга, суһал көмөнү оҥорууга күрэхтэстилэр.

Түмүккэ Айсен Карамзин хамандыырдаах “Боотур” хамаанда бастаата. Иккис миэстэни “Дьулуур” хамаанда (хамандыыр Данил Баишев), үсүһү “Сулустар” хамаанда (хамандыыр Арсений Баишев) ыллылар.

Олус тыҥааһыннаах, көхтөөх күрэхтэһии буолла. Күрэхтэһээччилэр да, көрөөччүлэр да үөрэн, астынан тарҕастылар. Күрэҕи тэрийбит, иилээн-саҕалаан ыыппыт физическэй култуура учууталларыгар Лия Петровна Плотниковаҕа, Марк Иванович Ивановка улахан махталбытын тиэрдэбит.

 

Арылхан Сокольников,

А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.

“Үктэл” юнкорпост.