Биллэр оҕуруотчут Мичийэ Аргунова: «Тыа сирин ыаллара хаһаайыстыбаларын хаҥатан, үүнээйилэри үүннэрэн эбии дохуот киллэринэр кыахтаналлар»

Майа олохтооҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биллэр оҕуруотчут, Хара нэһилиэгин оскуолатын педагог-психолога, түөрт оҕолоох Мичийэ Аргунова хайдах социальнай көмөнөн туһанан, дьиэтин хаһаайыстыбатыгар сиэниллэр үүннээйилэри үүннэриини сайыннарбытын туһунан атырдьах ыйын 9 күнүгэр уһаайбатыгар кэпсээтэ.

‒ Бу билигин олорор уһаайбабытын ылан бараммыт, чааһынай хаһаайыстыба тэринэн киирэн барбыппыт. Аан бастаан, тыа сирин дьоно буоларбыт быһыытынан, оҕуруоттан саҕалаабыппыт. Мин оҕуруотунан дьарыктаммытым уонча сыл буолла. Эһиилгитигэр сүөһүлэри ылбыппыт. 2019 сыллаахха социальнай хантараак диэн көмө баарын истэммит, үүнээйини үүннэриигэ бырайыак суруйан куонкуруһугар кыттыбыппыт. Бырайыакпыт ис хоһооно сылы эргиччи үлэлэтиллэр тэпэлииссэ этэ, ону көмүскээн, ол субсидиятынан сылытыллар тэпэлииссэ туттубуппут.

12 да 7 миэтэрэ усталаах-туоралаах тэпэлииссэлэрэ үһүс сайынын үлэлии турар эбит. Саас эрдэттэн арассаадалаан күһүн хойукка диэри оҕуруот аһын үүннэрэллэр. Үксүн помудуору, биэрэһи, оҕурсуну. Саҥа дьылга диэри сибиэһэй оҕуруот аһын сииллэр. Бэйэ оҕуруотун аһа тыа сирин ыалыгар иҥэмтэлээх, битэмииннээх, микроэлимиэннэрдээх, сибиэһэй, сиртэн ылыллыбыт аһынан күннэтэ хааччынарыгар, остуолун аһын-үөлүн хаҥатынарыгар олус наадалааҕын Мичийэ Николаевна бэлиэтиир.

Тэпэлиииссэттэн саҕалаан, тирэхтэнэн, билигин Аргуновтар улахан уһаайба иэнэ иэннээх бааһыналарыгар араас үүнээйиини хортуоппуйтан саҕалаан үүннэрэллэр. Ити курдук, социальнай хантараак харчытынан баар буолбут тэпэлииссэлэрэ үүнээйи хайысхатын кэҥэтинэллэригэр тирэх буолбут.

‒ Өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык үбүнэн көмө бэлиитикэтэ баара олус үчүгэй, ‒ диир идэтийбит оҕуруотчут. ‒ Тыа сири ыаллара бэйэлэрин чааһынай хаһаайыстыбаларын хаҥатан, үүнээйилэри үүннэрэн, онтукаларыттан атыылаан эбии дохуот киллэринэр кыахтаналлар. Саамай кылаабынайа ‒ оруннаахтык былааннаан куонкуруска кыттыахха. Судаарыстыба эмиэ туһааннаах ыаллар сөптөөхтүк дьаһанан эрэллэр эбит диэтэҕинэ, көмө үбүн утары уунар. Онон, улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетыгар, өрөспүүбүлүкэбит Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтигэр, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, улууһум уонна сэлиэнньэм дьаһалталарыгар улахан махталбын этэбин. Бу бэлиитикэ салҕанан бара турдар диэн баҕарабын. Тыа сирин элбэх ыалыгар хаһаайыстыбаларын хаҥатынан, салгыы чааһынай тэрилтэ да тэринэллэригэр төһүү күүс буолар көмө.

Түргэнник ситэр салааҕа баар көмөнү махтана бэлиэтиир. Кинилэр тэпэлииссэлэрин бастакы кыһыныгар арассаадалары таһынан, кустары, чоппуускалары, инкубатордарын кыстаппыттар. Куһу, кууруссаны иитэ сылдьыбыт кэмнэрдээхтэр. Субсидия харчытынынан каркааһын туруоран баран, иккис сылыгар бетоннаабыттар. Күһүөрү гараастан ититэр систиэмэ киллэрэннэр, тэпэлииссэлэрин иһэ батарыайаларынан дьиэ курдук сылытыллар.

‒  Биһиги ыал сүрүннээн оҕуруотунан дьарыктанабыт, ‒ диэн кэпсиир Мичийэ Николаевна. ‒ Аҕабыт Михаил Романович Чүүйэттэн төрүттээх. Бастаан икки кыра тэпэлииссэлээх этибит. Саамай сөбүлээн сиир оҕуруоппут астара ‒ помудуор уонна оҕурсу.  Араас соустары, кетчуптары оҥоробут, тууһуубут, аһытабыт. Сибиэһэй ас буоллаҕа. Билигин кэллиэксийэбэр 315 суорт помудуордаахпын. Оҕурсулартан гибридтэр үчүгэйдик үүнэллэр. Холобур, «Стелла», «Изумруднай поток». Сиэмэҕэ, хайаан да «Зозулябын», «Апрельскайбын» тута сылдьабын. Биир үчүгэй суортарбыт ‒ «Водопад». «Водолей». Итилэр корнишоннууҥулар. Аһаҕас халлаан анныгар үүнэллэр. Быйыл олору бааһынаҕа олордон көрдүм да, оҕурсу буоруттан олус тутулуктаах. Улахан бааһынабыт буора ситэ тупса илик. Онон, үүнүүм корнишоннарга арыычча аҕыйах. Огурдыня түөрт көрүҥүн үүннэрэбит. Саамай сөбүлүүрбүт «Нектарин». Быйыл Абхазияттан атын суорт огурдыняны ыыттылар. Олус сөбүлээн тыкваны, кабачогу олордобут. Кабачок уон араас суолун. Тыква биэс-алта суордун сылын аайы. Кабачоктартан «Зимнэй» суорт уратыта ‒ уһун уктаах. Үс-түөрт, элбээбитэ биэс эрэ астанар гынан баран, аһа улахан. Сылаас дойдуларга 20-чэ киилэҕэ тиийэ улаатыннараллар. Биһиэхэ бастакы улахаттарбыт 12-18 киилэлээхтэр. Кэнникилэрэ кыракый соҕус, 7-лии, 5-тии киилэлээх буолаллар. Ити суорт үчүгэйдик хараллар, ыам ыйыгар диэри аа-дьуо сытар.

Сибэкки арааһын ыһар. Ордук, петунияларын сөбүлүүрүн этэр. Череногунан ууһуур петуньялары кэнники кэрэхсиир буолбут. Биир сыллаах култууралары олордор. Бархатцы 15 суордун. Душистай табаах, титония диэн сибэкки, кэлин элбэх сыллаахтарга көһөн эрэр. Дельфиниуму сөбүлүүр (бэйэтэ хаһыс да сылын чөкө туран үүнэр), лилиялары, лихнис диэни иллэрээ сылтан үүннэрэр. Дьиэтин таһынааҕы оҕуруотугар үүнээйилэр араастара булкуһа үүнэн тураллар. Улахан бааһынатыгар хортуоппуйун, помудуорун үксэ баар. 2011 сыллаахха Иван Арбита уулуссатыгар дьиэ туттан киирбиттэр. Түөрт оҕолоохторуттан кыра кыыстара алын кылаастар оскуолаларын бүтэрбит, кыра уол төрдүс кылааска тахсыбыт. Улахан кыыстара быйыл оскуоланы бүтэрбит, улахан уол эһиил бүтэрэр.

Гибридтэри барытын атыылаһар, помудуордара бэйэлэрин сиэмэлэрэ. Кабачоктар үгүстэрэ эмиэ. Сылын ахсын саҥаттан саҥа суортары була сатыыр. Арассаада да, сиэмэ да атыылыыр. Нэһилиэнньэҕэ тарҕата сатыыр. Ыраахтан кэлэр үүнээйилэрэ бастакы сылыгар үүммэттэрин бэлиэтиир. Иккис-үһүс сылларыттан саҕалаан үүнэн, ас биэрэн бараллар. Адаптацияны ааспатахтары сыыйар. Сылаас тэпэлииссэҕэ сорох үүнээйилэр ахсынньыттан саҕалаан ыһыллаллар. Ахсынньы саҥатыгар тэпэлииссэтин эһэн, олорчу санациялыыр. Ый курдук сынньатар. Ол бириэмэҕэ арассаадаларын олордор. Эустомалар, дихондралар эҥин ахсынньыттан саҕалаан үүнэллэр. Клубникаларын сиэмэлэрин булан наардыыр. Моонньоҕонноох. Вишнялары үһүс сылын кыстаппыт. Сибэккилээх ыарҕалаах. Акациялар «дьыссааттара» баар. Дьэдьэннэрдээх.

Оскуолаҕа былырыыҥҥыттан үүнээйи үүннэрии куруһуогун аспыт. Хоско үүннэриллэртэн саҕалаабыттар. Сыыйа учаастак табыллара дуу, табыллыбыта дуу диир. Үксэ кыргыттар дьарыктаналлар, оҕуруокка арыый сыстаҕас соҕус икки уоллаах.

Бааһынатыгар сайыҥҥы уу ситимиттэн ууну бырахтарар. Сис көммөт үлэтэ эбит. Сыыс оту кытта охсуһан тахсаллар. Араас өҥнөөх сибэккилэрдээх тысячелистник баар. Ситэри ыраастаан моонньоҕон олордор былааннаах. Хара помудуор атын суордун көрдөрдө, хаппырыыһа суоҕунан үчүгэй эрээри, «анарааҥы помудуорга (дьиэ таһынааҕы) амтана тиийбэт» диир. Эмиэрикэ селекцията эбит. Төрдүс сылыгар биирдэ өлгөм үүнүүнү биэрбит. «Мятежнай-звезднай истребитель» диэн эмиэрикэлэр эмиэрикэлэр курдук «милитаристскай» ааттаах суортара баар эбит. Аһаҕас халлаан анныгар олох үүммэт үүнээйини иннин ылан бааһынаҕа үүнэрин ситиспит саха оҕуруотчута. Чипсэ оҥорор хаппыысталаах. Топинамбурун хомуйбут. Үүнээйилэрэ хаһыҥҥа хаарыллан бараннар, көрүү күүһүнэн өрүттүбүттэр. Тыһыынчаттан тахса устуука помудуору олордубут. Кэллиэксийэлэнэр аһыы биэрэстэр үүнэн тураллар.

Аргуновтар сүөһү да иитэллэр. Кыһын үс ыанар ынаҕы кыстаталлар, уоннааҕылара субаннар, борооскулар. Тэлгэһэлэригэр биир уһун уонна кылгас кэбиһиилээх оттор тураллар. Хаһаайын Михаил Аргунов от үлэтин үмүрү тутарын ааһан, оҕуруот үлэтигэр кэргэнигэр төһүү күүс. Тиэхиньикэттэн иҥнибэт киһи, бэйэтэ мэхээньик, сыбааркаһыт. Онон, Мичийэ төбөтө сирин оҥорууга, бэлэмнээһиҥҥэ төбөтө ыалдьыбат. Ити курдук, Иван Арбита аатынан уулусса бүгүрү ыала үүнээйини да үүннэриини, саха ыалын сиэринэн сүөһүнү да иитиини тэҥҥэ тутан сылы эргиччи түбүгүрэ үлэлиир-хамсыыр. Оҕолорун иҥэмтэлээх сибиэһэй аһынан күннэтэ аһаталлар. Туох баар үүттэрин бэйэлэрэ астааннар, сырга, иэдьэгэйгэ тиийэ оҥороллор.

Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ.