Бэйэ уонна дьон олоҕун харыстыыры хас биирдии суоппар өйдүөх тустаах

Муус устар 15 күнүттэн Өлүөнэ өрүһүнэн Аллараа Бэстээх-Дьокуускай, оттон муус устар 18 күнүттэн Хатас-Павловскай хайысхаларынан кыһыҥҥы суол сабыллыбыта.

Ол кэмтэн ыла Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын административнай хамыыһыйатын, дьоҕус суудуналар судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин, суолга куттал суох буолуутун улуустааҕы иниспиэксийэтин үлэһиттэрэ анал рейдэҕэ тахсаннар бэрэбиэркэлиир, хонтуоруоллуур үлэни күннэтэ ыыталлар. Маныха балаһыанньаны күннэтэ улуус прокуратурата тус хонтуролугар ылан үлэни күүһүрдэллэр.

Аллараа Бэстээх биэрэгэр Өлүөнэ эбэни туорааһыҥҥа мууһунан сырыы бобуллубут бириэмэтигэр салгын олбохтоох суудунулар тахсаннар үлэлэрин саҕалаабыттара. Суол хайысхаларыгар суол бэлиэлэрэ, биллэриилэрэ туруорулланнар, суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар инспекция үлэһиттэрэ, административнай хамыыһыйа уонна ЫБМ сулууспатын үлэһиттэрэ өрүһү туорааһыҥҥа күннэтэ дуһуурустуба олохтууллар, анал рейдэлэри ыыталлар.

Өлүөнэ эбэҕэ бүгүҥҥү күн туругунан “ирбистэри”, “хивустары” тэҥинэн улахан уйуктаах уонна ордук “уазик” массыыналар туохтан да иҥнибэккэ күннэтэ барыылара-кэлиилэрэ быыстала суох тохтообот. Маныаха массыынанан дьону таһар өҥөнү оҥорор суоппардар, таһаҕас тиэммит улахан уйуктаах массыыналар эппиэккэ тардылланнар, ыстырааптаныахтарын сөп. Мэҥэ Хаҥалас улууһун прокуратурата баар балаһыанньаны тус хонтуруолугар ылан, айаны-сырыыны бэрэбиэркэлиир, хонтуоруоллуур үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата.

Күн ахсын халлаан сылыйан, өрүс мууһа ууллан, муус чарааһыыр кэмигэр, өрүс нөҥүө өттүгэр массыынанан туорууртан туттунууну итиэннэ бэйэ уонна атын дьон олоҕун харыстыыры хас биирдии суоппар өйдүөх тустаах.

 

Зоя Герасимова.