Бэдьимэ оскуолатын бүтэрбиттэрэ 50 сылын бэлиэтиир үөрэнээччилэр ыалдьыттаан аастылар

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Н.Д.Неустроев аатынан Бэдьимэ орто оскуолатын 1973 сыллаах выпускниктара оскуоланы бүтэрбиттэрэ 50 сылларын бэлиэтээн күндү ыалдьыт буоллулар. Оскуолаларын, шефтэһэр үөрэнээччилэрин кытта көрсөн бардылар.

Көмүс выпуһу оҕолор сахалыы сиэринэн сылаас алаадьынан көрүстүлэр, 9 кылаас уолаттара күпсүүргэ оонньоон эҕэрдэлээтилэр. Выпускниктар пионердаабыт сылларын санаан, ыллаан, маршировкалаан киирдилэр. Оҕолору патриотическай тыыҥҥа иитэр дьоһуннаах кэпсэтиини тэрийдилэр. Ол курдук 7 кылааска үөрэнэ сылдьан сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут 4 ини-бии Поповтарга аналлаах пааматынньыгы хайдах туппуттарын кэпсээтилэр. Махтал тылларынан кылаастарын салайааччытын Афанасий Плотниковы, баһаатайдарын Петр Попову ахтан-санаан ыллылар. Бу үтүө дьыаланы Варвара Иванова салайааччылаах 8 кылаас оҕолоро, төрөппүттэрэ салҕаан, бырайыак суруйан, көмүскээн, тупсаран, чөлүгэр түһэрбиттэриттэн астыммыттарын, долгуйбуттарын биллэрдилэр.

Выпускниктартан биирдэстэрэ, «Саха волонтер» уопсастыбаннай хамсааһын чилиэнэ Мария Саматой байыаннай дьайыыга сылдьар ыччаттарбытыгар көмө туһунан дириҥ ис хоһоонноох тыл эттэ, пааматынньыкка тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда.

Иннокентий Винокуров дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу туһунан хоһоону ис сүрэҕиттэн ааҕан баар дьону долгутта.

Ыалдьыттар оскуоланы интэриэһиргээн көрдүлэр, оҕолор, кэлэктиип ситиһиилэрин, истиэнэҕэ уруһуйдары сэҥээрдилэр. Дьэ уонна бэйэлэрин бэлэхтэрин ыскамыайканы бэлэх уунан пааматынньык таһыгар туруордулар!

Олус туһалаах тэрээһин «Школьная тропинка» ырыанан, «Дойдубут туһугар бары бииргэ!» девиһинэн түмүктэннэ.

Екатерина Попова.

Бэдьимэ