Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр Саха Республикабтыгар Ийэ тыл уонна сурук — бичик күнэ бэлиэтэнэр. Саха бастакы лингвист учуонайа, сахалыы алфавиты айбыт Семён Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүн кытары ситимнээх бэлиэ күн, бырааһынньык буолар. Боотурускай улуус Болтоҥотугар 1892 с төрөөбүт С.А. Новгородов биһиги Бүтэйдээхтэр К.О. Гавриловпытыттан икки сыл балыс. Иккиэн Дьокуускайга реальнай училищеҕа бииргэ үөрэммиттэрэ. Тылга дьоҕурдаах уолаттар үөрэммит кэмнэриттэн доҕордуулар. Мэҥэ үөрэнэр ыччаттара түспүт хаартыскаларыгар Семен Новгородов түспүтэ баар. Үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр тахсыбыт «Саха саҥата» эрдэтээҥи хаһыакка уопсай сүбэнэн бэчээттэммиттэр. 22 саастаах Кузьма Гаврилов Тыа оҕото диэн суруйар аатынан сахалыы маҥнайгы кэпсээннэри суруйан бэчээттэппитэ, саха прозатын саҕалаабыта. С.А. Новгородов сахалыы норуот ырыаларын таһааттарбыта, сырдаппыта. Бу холонуулара суруйааччы, лингвист буолалларыгар улахан оруолламмыта. Кузьма Осипович Мэҥэ маҥнайгы суруйааччыта, саха прозата сайдарыгар суолу ааспыта. 1931 с тахсыбыт Улахан Сэбиэскэй энциклопедияҕа А.Е. Кулаковскайы, А.И. Софроновы, Н.Д. Неустроевы кытары Күлүмнүүрдүүн революция иннинээҕи эрдэтээҥи саха суруйааччыларыгар сурулла сылдьар. Онтон салгыы экономиканы, кооперациянан дьарыктанан бэйэтин кэмин бөдөҥ экономиһынан, кооперация аҕатынан ааттанар. 1918 сыллаахха тэрийбит «Холбоһо» билигин да баар. Доҕоро С.А. Новгородов лингвист учуонай буолбута, сахалыы алфавиты айбыта. Ол гынан суруйааччы К.О. Гаврилов доҕоругар көмөтө олох эрдэттэн саҕаламмыта. 1917 с Новгородов алфавита ылылларыгар,1923 с бигэргэнигэр бары мөккүөрдэргэ доҕорун диэки буолбута. Улахан буукуба киириитигэр, орфография тутуһуллуутугар сүбэһит буолбута. Холбоһу салайарыгар, Москваҕа представительствоҕа үлэлииригэр Семен Андреевич Петербурга үлэлииригэр харчынан көмөнү оҥорбута. Холбоско саха алфавитынан үлэлиир бэчээттиир массыынаны оҥотторбута. 1922 — 1924 сс суруйсубут наһаа истиҥ суруктара архивка бааллар. Кууһумалыыр биэбэкэм, Сэмэн доҕорум диэнтэн саҕаланар суруктар доҕоттор хардарыта көмөлөрүн, биир санаалаахтарын кэпсииллэр. Иккиэн туруорсаннар ССРС АН иһинэн үлэлиир Саха сирин норуоттарын үөрэтэр комиссияны тэрийтэрбиттэрэ. Комиссия быыстапкалары, экспедициялары тэрийэн барбыта. К.О. Гаврилов Москваттан Петербурга тиийэн доҕоро Мария Павловна Фелицинаны кэргэн ыларыгар шафердаабыта . Эһиилигэр Москваҕа буолбут Саха сирин быыстапкатыгар көрсөн хаартыскаҕа түспүттэрэ баар. Семен Андреевич Ити 1924 с олунньуга өлбүтүгэр Смоленскай кылабыыһаҕа доҕорун көмүс уҥуоҕун көтөхсүбүтэ. Кыракый кыыстара Еленаҕа сүрэхтээбит аҕата буолар, хара өлүөр диэри көмөлөспүтэ. Суруйааччы доҕор да быһыытынан Новгородов алфавитын, үлэлэрин 1920 с тэрийсибит, салайсыбыт «Саха аймах» культурнай- сырдатар обществоҕа сырдаппыта, сайыннарбыта. Бэйэтин кэпсээннэрэ, хоһоонноро доҕорун «Ааҕар кинигэтигэр» киирэн оскуолаҕа үөрэтиллибиттэрэ Саха суругун сэбиэтигэр, комиссияттыгар үлэлииригэр С.А. Новгородов алфавитын салгыы сайыннарбыта. Ойуунускай бэрэссэдээтэллээх Саха алфавитын киин комиссияттыгар киирэн Күндэлиин, Алтан Сарынныын Новгородов алфавитын харыстыыр, сайыннарар сокуону 1929 с ылларбыттара. Аҕатын амарах сыһыанын салҕаан кыыһа М.К. Гаврилова Ленинградка аспирантураҕа үөрэнэригэр С.А. Новгородов кэргэнин уонна кыыһын кытары билсэн доҕордоспута. Елена Семеновна филологический наука кандидата буоларыгар төһүү күүс буолбута. Саха икки саарына доҕордууларын К.О. Гаврилов туһунан тахсыбыт кинигэлэргэ киирбит ахтыыларыттан ааҕан билэҕин, киэн туттаҕын.
Сэндиэлэ түмсүү лекторийа