Араҥас нэһилиэгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талар хампаанньа бэрт тэрээһиннээхтик бара турар. Олохтоохтор дойду саамай сүрүн, улахан быыбарыгар көхтөөх кыттыыны ылаллар.
Таракка быыбардааччы уопсай испииһэгэр 167 киһи киирбититтэн бүгүн 16 чаастааҕы туругунан 131 киһи куоластаата. Бу быыбардааччы 77 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.
Быыбар хамыыһыйатын аатыттан бэрэссэдээтэл Любовь Цыпандина сокуоннай сааһын туолан олоҕор бастакытын быыбарга кыттар Айтал Кычкины эҕэрдэлээтэ.
Нэһилиэк ытык кырдьаҕастара: 87 саастаах Ленин уордьанын кавалера, улуус, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Мария Семеновна Яковлева, үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Марфа Петровна Петрова, үлэ бэтэрээнэ Клара Афанасьевна Никитина, сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран, дойдуга улахан суолталаах быыбарга, куруук буоларын курдук, хайаан да кыттабыт диэн, уордьаннарын, мэтээллэрин кэтэн, быыбар хамыыһыйатын үөрэ-көтө көрүстүлэр.
Үгүстэр бүттүүн дьиэ кэргэнинэн кэлэн куоластаатылар. Биир ыалтан икки көлүөнэ быыбардааччылар – Араҥас нэһилиэгин төрүт олохтоохторо Абрамовтар оҕолоро, сиэннэрэ дойду инникитин түстүүр тэрээһиҥҥэ кытыннылар.
Учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Любовь Васильевна Цыпандина сорох биир дойдулаахтара төһө да билигин атын сиргэ олордоллор, дойдуларыгар кэлэн куоластаан, гражданскай иэстэрин толорон барбыттарыгар махтанар уонна хаалбыт кэмҥэ куоластыы илик олохтоохтору учаастакка ыҥырар.
Февронья Охлопкова.