Сэтинньи 18 күнүгэр 1-кы Наахара нэһилиэгэр биир ураты бэлиэ күн буолла. Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Степанида Борисова аатын сүгэр норуот айымньытын дьиэтигэр нэһилиэк Бочуоттаах гражданина, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар бэйэтэ астыыр балыгын ырысыабынан күүс-көмө буолар уопсастыбанньык, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кэллиэксийэ сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, кэллиэксийэтинэн Иркутскай куораттан анал бэлиэлээх, “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска биллэр кэллиэксийэньиэр Людмила Викторовна Петрова 45 сыллаах “Ааспыт кэми сэгэтэн” быыстапкатын арыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Бу күн улууспут нэһилиэктэриттэн бу эйгэҕэ биллэр-көстөр умсулҕаннаах дьарыктаах дьон муһуннулар. Майаттан улуус кэллиэксийэньиэрдэрин түмсүүтүн салайааччы Анатолий Иванович Егоров, Нина Иннокентьевна Никанорова, Төҥүлүттэн Екатерина Васильевна Михайлова салайааччылаах Надежда Васильевна Стручкова, Любовь Ионовна Стручкова, Валентина Егоровна Захарова, Матрена Елисеевна Новгородова, Ульяна Никитична Баишева, Нуораҕанаттан Клавдия Ивановна Ефимова, Тумултан Анна Ильинична Корякина салайааччылаах Анастасия Иннокентьевна Попова, Ксения Егоровна Птицына биир дьарыктаахтарын эҕэрдэлии кэллилэр. Быыстапка кыһыл лиэнтэтин кырыйар чиэс Людмила Петрованы сэргэ Анатолий Егоровка уонна Екатерина Михайловаҕа бэрилиннэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ 1-кы Наахара нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Кретович Исаков эҕэрдэлээтэ:
— Бүгүн биһиги нэһилиэкпитигэр олус кэрэхсэбиллээх тэрээһин буола турар. Нэһилиэкпит бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, биир тарбахха баттанар айар дьоҕурдаах киһибит Людмила Викторовна мунньуунан дьарыктаммыта 45 сыла. Бэйэтэ этэринэн 50 сыла да буолбут. Кини 5 сыл кыра-кыратык хомуйан саҕалыырым дуу, саҕалаабатым дуу диэн саарбахтыы сылдьан саҕалаан 45 сыл утумнаахтык дьарыктаммыт. 45 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Оччолорго кыра сылдьан киһи барыта кыралаан мунньан саҕалаан көрбүт буолуохтаах. Ол курдук, биһиги эмиэ кыралаан Брюс Ли, Шварценегер, о.д.а. биллиилээх дьон хаартыскаларын, значоктары, почта маркаларын хомуйар этибит. Ол гынан баран ону биһиги сайыннарбакка быраҕан кэбиспит буоллахпытына, кини сайыннаран, бу сыллар устата илдьэ кэлэн бу биһиэхэ олус үчүгэй тэрээһини оҥордо. Бары көрдүгүт, мин харчыны ордук интэриэһиргээн көрдүм. Биһиги оҕо сылдьан туттубут 1, 5 солкуобай харчылары уонна бытархай манньыаттары көрөн үөрдүбүт аҕай. Кэллиэксийэтигэр бэйэм кылааппын киллэриэм. Ыалдьыттар бэлэхтээх кэллэххитинэ хомуйар дьарыктаах киһи мунньуо уонна кэлин мусуой да баар буолуо. Людмила Викторовнаҕа маннык үчүгэй айар киэһэҕин оҥорбуккар олохтоохтор ааттарыттан махтанабыт. Бэйэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт, — диэтэ итиэннэ дьаһалта уонна инбэлииттэр уопсастыбаларын ааттарыттан эҕэрдэ суруктары кытта сэмэй бэлэхтэри туттарда.
Улуустааҕы кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрин салайааччы Анатолий Егоров эҕэрдэ тылыгар:
— Бүгүн кэллиэксийэни көрөн олус сөхтүм. Бу толкуйдаан көрдөххө, сыалай сэбиэскэй эпоха. Манна баар маллар барыта киһи өйдүү-саныы сылдьар бэйэбит устуоруйабыт буолар. Бу малы-салы нэһилиэккэ мусуой оҥорон хаалларар наада. Билигин суол-иис тупсуо, кэлии-барыы үксүө, туризм сайдан эрэр, бу информация үйэтигэр маны көрдөрөр мусуойгут экспонааттара бэлэм. Людмила Викторовнаҕа кытаанах доруобуйаны, кэллиэксийэтэ сайда турарыгар уонна мусуой оҥоһулларыгар баҕарабын, — диэн туран кэллиэксийэньиэрдэр ааттарыттан “Абылаҥ” түмсүү анал итиэннэ Саха сирин 100 сылынан бэлиэлэри туттарда.
“Алгыс” бэтэрээн сэбиэтин аатыттан Марианна Ивановна Осипова эҕэрдэлээтэ. Кини:
— Күндү Людмила Викторовнаны 45 сыл устата мунньубут кэлиэксийэҥ быыстапката туруоруллан дьон-сэргэ киэҥ көрүүтүгэр тахсыбытынан нэһилиэк бэтэрээннэрин ааттарыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Кэлиэксийэҥ өссө да хаҥыы турдун, айар талааныҥ арыллан истин, хомоҕой хоһоонноруҥ, кэрэ кэпсээннэриҥ элбии турдуннар. Доруобуйаҥ тубустун, дьоллоох-соргулаах буол, — диэн алҕаан туран сэмэй бэлэҕин туттарда.
Олохтоох култуура киинин дириэктэрэ Давид Трофимов эҕэрдэлээтэ:
— Бүгүҥҥү, олоххор биир улахан суолталаах күҥҥүнэн Людмила Викторовнаны биһиги кэлэктииппит аатыттан эҕэрдэлиибит. Кини кэлиэксийэнэн эрэ муҥурдаммат, дьарыга элбэх. Ол курдук, киинэҕэ эмиэ сыһыаннаах. Мин бу кулуупка бастаан үлэлии кэллэҕим утаа бииргэ киинэ устан турабыт. Итинник биһиги үлэбитигэр өрүү көхтөөхтүк көмөлөһөргөр махтанан тураммыт сэмэй бэлэхпитин кытта эҕэрдэ сурукпутун туттарабын.
Бу курдук “Айхал” түөлбэ салайааччыта Екатерина Степановна Петрова, Табаҕаттан сылдьар чугас аймаҕа Виктория Викторовна Тарасова итиэннэ нэһилиэктэртэн кэлбит умсулҕаннаах дьарыктаах биир идэлээхтэрэ бары илии тутуурдаах кэлэн эҕэрдэ истиҥ тылларын анаатылар.
Бу күн дьоруойа буолбут Людмила Викторовна киэҥ хабааннаах быыстапката сааланы тилэри тардыллыбыт остуолларга, стеллажтарга тэлгэнэ туруоруллубут, истиэнэҕэ ыйаммыт. Манна туох суоҕуй? Сүүһүнэн сэбиэскэй кэм аккырыыккалара, кэмпиэт суулара, омук сирин харчылара, германскай остолобуой набора, “Настольный календарь”, “ФИС” (Физкультура и спорт), “Работница”, “Крестьянка” сурунааллар, биллиилээх дьон, киинэ артыыстар хаартыскалара, харыйа оонньуурдара, значоктар, тимэхтэринэн тигиллибит нота күлүүһэ, бөтүүк, патефон, пластинкалар, “Зингер” иистэнэр массыына, бастакы тэлэбиисэр, радиола, бөрүөттэн саҕалаан уруучука арааһа, чэрэниилэлээх иһит, лотуо, кэҕэлээҕэр тиийэ истиэнэ чаһылара, сиэннэрэ муспут “Барби” куукулалар, араас мааркалаах массыыналар, “Киндер” оонньуурдар, сылабаар, иһит-хомуос арааһа, о.д.а. мал-сал эгэлгэтэ бааллар, итиэннэ биир кэрэхсэбиллээҕэ – бары үлэлииллэр.
1972 сыллаах трельяж сиэркилэтин кулуупка бэлэхтээбит, онно урууга ыҥырыылар кыбытыллыбыттар. Имиллибит убаһа тириилэрин муостаҕа, олоппос үрдүгэр тэлгэтэн быыстапкатын дьоһун суолтатын бэлиэтээбит.
Быыстапка хаһаайката барытын кэрийэ сылдьан ыалдьыттарга урукку кэм малларын хантан, хайдах булбут устуоруйаларын сиһилии сырдатта. Кини: “Туоххаһыйбыт кэммэр киинэ артыыстарын, урукку малларбыттан тугу эмэ ылан ырытан көрдөхпүнэ тута сэргэхсийэбин, сырдыы түһэбин, сэниэлэнэбин. Оннук дьикти-дьиибэ иэйиилээх, олоххун салгыыр алыптаах дьарык буолар бу”, — диир.
Улуустааҕы кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ 1992 с. тэриллибит. Киинэ мэхээнньик идэлээх улуустааҕы кэлиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрин салайааччы Анатолий Иванович эһэтин сылабаарын кытта кыра сылабаардары аҕалбыт. Кини билиитэ чэйдэри, Арассыыйа харчыларын, араас ньуоскалары, о.д.а. мунньубут. Оҕолоро эмиэ мунньуунан дьарыктаналларын сырдатта.
Майа сэлиэнньэтин кэллиэксийэньиэрдэрин түмсүүтүн салайааччы Нина Иннокентьевна кыракый оҕо сааһыттан ону-маны наһаа харыстыыр, кичэйэн уурунар идэлээх эбит. Кини 60-с сыллартан саҕалаан муспут кэллиэксийэтэ элбэх, ону барытын кыайан аҕалбата биллэр, кэлин мусуой оҥорор былааннаах. Испиискэ этикиэткэтин, кэмпиэт сууларын, почта мааркаларын, значоктары, ийэтин, хотунун килиэп уурар бороболуоханан оҥоһуллубут вазаларын, о.д.а. ууруна сылдьарын кэпсээтэ. Кини 800-чэкэ киинэ артыыстарын хаартыскаларын ууруна сылдьыбыта кэлин киинэ ситимин мэтэдьииһэ буолбутугар улаханнык туһалаабыт. Аккырыыкканан оҥоһуллубут 60-с сылтан уурулла сылдьар шкатулката наһаа үчүгэйдик хараллан сылдьар. Бибилэтиэкэр идэлээх Төҥүлүттэн Валентина Егоровна кэллиэксийэ устуоруйа буолар диэн дьоно тугу да бырахпаттарын кэпсээтэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олоруоҕуттан дьоно муспут малларыттан саҕалаан кэллиэксийэ оҥорон дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр буолбут. Мини-кинигэлэри, кинигэлээх статуэткалары мунньан кинигэ бырааһынньыгын курдук туруорар. Москваҕа 1980 с. ыытыллыбыт олимпиадаҕа аҕата Егор Александрович Захаров бара сылдьан олимпиада эмблемэлээх араас сувенирдары, значоктары, былааттары, о.д.а. арааһы аҕалбытын мунньан уура сылдьарын оҕолорго, ыччакка көрдөрөн, кэпсээн устуоруйаны билиһиннэрэр. Дьиэ кэргэнинэн бары маннык дьарыктаахтарын эттэ. Екатерина Васильевна Төҥүлү кэллиэксийэньиэрдэрин түмсүүтүн салайбыта 27 сыл буолла. Оскуола оҕотунуун 30-ча чилиэннээх. 5-тии сыл буола-буола өрөспүүбүлүкэ таһымнаах дьоро күннэри тэрийэн дастабырыанньалаах анал бэлиэлэри олохтоон дьонун наҕараадалыыр үтүө үгэстээх. Бүгүҥҥү тэрээһин дьоруойун кытта билсибиттэрэ 10-ча сыл буолбут. Екатерина Михайлова дьиэ кэргэниниин бары мунньуунан дьарыгыраллар. Оҕолоро, сиэннэрэ кыра эрдэхтэриттэн мунньаллар. Билигин биһиги ортобутугар суох Яковлев Михаил Спиридонович, Попов Дмитрий Петрович курдук улахан кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүгэ сылдьыбыттарынан киэн туттар. Киниэхэ 100-тэн тахса ат, 700-чэкэ 50-60-с сыллардаах броштар, о.д.а. элбэх мал-сал арааһа баар. Ааспыт 25 үбүлүөйдээх сылга түмсүүлэригэр Матрена Новгородова, Валентина Захарова, Ульяна Баишева, Михаил Баишев, о.д.а. эбиллибиттэр. Өрөспүүбүлүкэ сийиэһин көтүппэккэ, атын улуустарынан сылдьан билсиитэ кэҥээн-хаҥаан иһэр. Ханна быыстапка буолар да тиийэн кэрсүһэн, атастаһан, атыылаһан кэллиэксийэлэрин хаҥаталлар. Төҥүлү кэллиэксийэньиэрдэрэ уһуйааннарынан, оскуолаларынан, тыа хаһаайыстыбатын техникумунан, нэһилиэнньэҕэ сылдьан ыччаты харыстабыллаах буоларга, мунньуунан дьарыктаналларыгар, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйаллар. Кини түмсүүтэ хаҥаан иһэригэр баҕалаах. 30-тан тахса сыл “Олимпионик” уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээбит Ульяна Баишева “Былыргы мал” диэн куонкуруска кыттаары 18-с үйэ бэспиэһинньигин уонна чороонун аҕалбыт. Кини оҕо эрдэҕиттэн сэбиэскэй артыыстары, Өктөөп, 1 Маай, Саҥа Дьыл, 8 Марта аккырыыккаларын мунньубут, эргэ үөрэх кинигэлэрин уура сылдьар эбит. Киинэ устар камера, “Зенит”, “ФЭД” фотоаппарааттар, о.д.а. мунньар. Доллу нэһилиэгин кэллиэксийэньиэрдэрин салайааччы Анна Корякина кыра эрдэҕиттэн мунньуунан дьарыктаммыт. 1936 с. тахсыбыт “Бэлэм буол” хаһыат 1-кы нүөмэрэ бүүс-бүтүн сылдьар. Былыр хомсомуолларга бэриллэр “Похвальный лист”, 1960 с. аккырыыккалар, түһэрээнньэ, о.д.а. кэрэхсэбиллээх маллары утумнаахтык мунньан кэллэ. Ийэтин батыһан кыыһа, Доллу нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Татьяна Баишева, сиэнэ мунньан саҕалаабыттар. Тумул мунньааччылара быйыл 5 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээбиттэрэ. Онно Анна Ильинична Арассыыйа эргиэнин балаататын Бэрэсидьиэнэ М.А.Богословскаяттан, өрөспүүбүлүкэттэн «За заслуги в предпринимательстве” үрдүк наҕараада ылбытын киэн тутта үллэһиннэ.
Изо, черчение учуутала идэлээх педагогическай үлэ бэтэрээнэ Любовь Стручкова былыр төрөппүттэрэ мунньан саҕалаабыт значоктарын салгыы мунньан иһэн Арассыыйа киэнэ наһаа элбэҕин иһин аҥардас Саха сирин туһунан мунньар буолбут. Бастакы сиэнэ төрүөҕүттэн аанньал сувенирдары (ангелочектары) мунньан 150-ҥа тириэрпит. Кини бу дьарык дьону кытта алтыһарга үчүгэйин бэлиэтиир.
Дьабыыл нэһилиэгин кэллиэксийэньиэрдэрин түмсүүтүн салайааччы Клавдия Ефимова 2010 с. мунньуу абылаҥар ылларбыт. Киниэхэ 100-тэн тахса сүүтүк, 100-тэн тахса былаат, ыраахтааҕы Екатерина II кэмиттэн саҕалаан 100-тэн тахса кумааҕы харчы, 300-тэн тахса манньыат арааһа, 1945 сыллаах тэтэрээт, уруучука, о.д.а. элбэх мал-сал баар, тиэмэлэринэн мунньар. Бу эйгэҕэ кинини Төҥүлү кэллиэксийэньиэрдэрин түмсүүтүн салайааччы Екатерина Васильевна Михайлова уһуйбут. Кинилэр Саха сирин араас муннуктарыгар, ханна быыстапка буолар да барытыгар көтүппэккэ сылдьан кэллилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 160 мунньуунан умсугуйан дьарыктанар киһи учуокка баарыттан кэллиэксийэньиэрдэр эригийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр үтүөлэрин иһин 10 киһи үрүҥ көмүс бэлиэнэн наҕараадаламмыттар. Ол дьон иһигэр биһиги улуустан Клавдия Ефимова уонна Екатерина Михайлова бааллар. Клавдия Ивановна: «Бу дьарык киһини санаатын сааһылыыр, туругун чэбдигирдэр. Хас биирдии малгын имэрийэ-томоруйа сылдьаҕын. Манна оҕолору сыһыаран, малга харыстабыллаах буоларга үөрэтиэххэ наада», — диэтэ.
А.А.Пахомов аатынан оскуола медиа киинин 10-с кылааһын оҕолоро быыстапканы кэлэн устан, Людмила Викторовнаттан интервью ылан бэйэлэрэ матырыйаал оҥоро сылдьаллар. Интервью ылааччы Диана Николаева, устааччы Розанна Сергеева салайааччыларын биология, химия учууталынан үлэлиир Туйаара Егоровна Устинова буолан үлэлээбиттэрэ үһүс сыла буолбут. Ааспыт сылтан үөрэҕирии эйгэтигэр дириэктэргэ иитии үлэтин сүбэһитэ диэн дуоһунас киирэн алын кылаас учуутала Светлана Михайловна Иванова ананан үлэлиир. Манна биир хайысха быһыытынан медиа киин киирэн ааспыт үөрэх дьылыттан күүскэ ылсан үлэлииллэр. «Кэскил” бэчээт кыһатын кытта дуогабар түһэрсэн, кинилэр биэрбит тиэмэлэринэн ый ахсын роликтары, оскуола сонуннарын, нэһилиэк тэрээһиннэрин устан ыыталлар. “Ютуб”, “ВКонтакте”, “Телеграм” ситимнэргэ ханааллардаахтар. Олохтоох бибилэтиэкэр Сардаана Николаевна Сергеевалыын “Умсулҕан” диэн бырайыак оҥорон нэһилиэк түмсүүлэрин, биирдиилээн дьонун кытта көрсүспүттэр. Ол чэрчитинэн бүгүҥҥү тэрээһини көрөн-истэн, камераҕа устан бардылар.
Людмила Викторовна ыалдьыттарыгар анаан «Саамай былыргы мал”, “Саамай кыра уруучука”, “Саамай элбэх экспонат”, “Саамай үчүгэй ырыанан эҕэрдэ” куонкуруһун ыытта. Манна кыайыылаахтар хаһаайкаттан бириистэри туттулар. Итини сэргэ, сүүйтэриитэ суох лоторея оонньотон ыалдьыттарын чыычаах отоно барыанньа, сибиэһэй сүүрдүллүбүтүнэн сүөгэй, өйдөбүнньүк бириистэринэн илии тутуурдаан үөртэ.
Үбүлүөйдээх тэрээһини нэһилиэк “Үргэл” эр дьонун ансаамбылын кантри бөлөҕө, Сайыына Гаврильева, Сардаана Пахомова дуэттара, “Далбар” үҥкүү бөлөҕө, Иннокентий Кириллин, Дьулус Михайлов, Сардаана Пахомова сололара, “Дьиибэ-дьээбэ Хомпулар” көрдөөх бөлөх “Колобок” аныгылыы сценкалара, о.д.а. эҕэрдэ нүөмэрдэринэн кыттан киэргэттилэр. Тэрээһини култуура киинин исписэлииһэ Валентина Трофимова иилээн-саҕалаан ыытта.
Айылҕаҕа сүгүрүйэр, олоххо күүстээх тардыһыылаах, элэккэй-сайаҕас майгылаах үтүө-мааны киһиэхэ – тиэлигилэр кийииттэрэ Людмила Викторовна Петроваҕа дьоро күн ыалдьыттара махтанан, астынан, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.
Салгыы Петровтар тустарынан бэрт кылгастык сырдатыаҕы баҕарыллар.
Людмила Викторовна, Гаврил Викторович ыал буолан олорбуттара 45 сыла буолбут. Улахан дьиэ кэргэн аҕата табах тарпат, арыгы испэт чөл олохтоох киһи буолар. Кини сааһын тухары тырахтарыыстаабыт, өрүү тиэхиньикэтин хасыһан оҥосто сылдьар туруу, барыга сыстаҕас үлэһит. Людмила кэргэнигэр туохха барытыгар бииргэ өйөһөн-өйдөһөн сылдьалларыгар махтала улахан. Кэтэх хаһаайыстыбаларыгар ынах сүөһүнү, сылгыны сэргэ кус, хаас, сибиинньэ иитэллэр. Кэргэниниин айылҕа биэрэр быйаҥыттан толору сомсоллор. Саас хонуу луугуттан саҕалаан күһүн отон хомуйуутугар диэри барыттан хомуйан оҕолорунуун үллэстэллэр. Ыал ийэтэ иистэнэр, оҕуруо анньар, аймахтарыгар барыларыгар көмөлөһөн сүүрэр-көтөр, ыллыырын сөбүлүүр. Ааспыт сылга Санкт-Петербурга 2 сиэнин илдьэ баран норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кыттан лауреат үрдүк аатын сүгэн кэлбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска, нэһилиэгэр ыытыллар куонкурустарга, тэрээһиннэргэ мэлдьи ситиһиилээхтик кыттар. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин холобурдарынан, үлэнэн иитэннэр, күн бүгүн оҕолор бэйэлэрэ туспа хаһаайыстыбалаахтарын үрдүнэн төрөппүттэригэр кэлэн саба түһэн муус ылыытын, от-мас үлэтин үмүрүтэн бараллар.
Олунньу ыйга Майатааҕы “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук салайааччыта Мария Дмитриевна Лукина социальнай ситиминэн тарҕаммыт балык хатаран миин оҥорор видеоны көрөн Людмила Викторовнаҕа ырысыабын ыытарыгар көрдөһөн сибээскэ тахсыбыта. Онуоха кини тута утары баран оҥорор ырысыабын технологиятын сиһилии хас биирдии хардыынан көрдөрөн үөрэппитэ. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар кини ырысыабынан Майатааҕы оҕо уһуйааннара собо балыгы хатаран, мээккэлээн көмөлөстүлэр. Улуус дьаһалтата ааспыт сырыыларыгар тиэрдитэлээбит собо миинин байыастар сөбүлээн иһэннэр салгыы сакаастыы тураллар. Бу ырысыабынан сааскыттан саҕалаан барыта 2000 «Собо миинэ” диэн суруктаах бакыат ыытылынна. Түмэннэр Людмила Викторовна бэйэтэ астыыр балыгын ырысыабынан күүс-көмө буолбутугар махталлара муҥура суох. Кини балыктан тугун да хаалларбакка астыырын билэннэр, салгыы саҥа ырысыаптарын үллэстэрин күүтэллэр.
Марелла Баишева.