Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан улууспутугар «Сылаас суорҕан» аахсыйа саҕаланна.
Майатааҕы Мария Лукина бэрэссэдээтэллээх “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук Федора Наумова салайааччылаах ииһин сыаҕа аахсыйаҕа кыттарга бэлэмнэнэн үтүө санаалаах улууспут олохтоохторун ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөргө ыҥырар. Суорҕан тигиитигэр халыҥ флис, бамбук, холлофайбер матырыйааллар ирдэниллэллэр. Бу суорҕан кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ дойдуларын көмүскүү сылдьар дьоммутугар олус наадалаах. Бэлэм хотуобай суорҕанынан, харчынан көмөлөр эмиэ хомуллаллар.
Бүгүн, тохсунньу 12 күнүгэр Вера Спиридоновна Терякова 2 бамбук, Анна Гаврильевна Дьяконова 1 уонна Клавдия Владимировна Тихонова салайааччылаах “Алаас ыала” түмсүү 3 флис, Семен Иванович Афанасьев сирийиилээх түү суорҕаннары аҕалан туттаран бастакы көмөлөрү оҥордулар.
Көмө тохсунньу 25 күнүгэр диэри “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ 10.00 — 17.00 чааска диэри “Түмэн” иис сыаҕар хомуллар.
Билсэр нүөмэрдэргит:
89141085951 (Людмила Гаврильевна),
89142313978 (Федора Ивановна).
Амарах санаалаах улууспут олохтоохторо, бары көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Марелла Баишева.