Аллараа Бэстээххэ урбаанньыт байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар УАЗ массыынаны биэрдэ

Алтынньы 4 күнүгэр Аллараа Бэстээх олохтооҕо, урбаанньыт Мирзохид Аширович Кудайназаров байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан массыына күлүүһүн оройуон баһылыгар Дмитрий Тихоновка туттарда.

Оройуон дьаһалтата, улуус дьокутааттарын Сэбиэтэ, уопсастыбаннас маннык суолталаах бэлэххэ махталларын тиэртилэр. Сомоҕолоһуулаах, түмсүүлээх буоларбыт дойдубутун көмүскүүр дьоруойдарбытыгар, биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүл буолар.

Оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата