Үүнэ-сайда, чэчирии тур, Сахабыт сирэ барахсан!

Бүгүн Ходоро нэһилиэгин Эбэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторо, ыалдьыттара дьоһуннук бэлиэтээтилэр. Дьоро күҥҥэ илгэлээх ардах да ибиирдэр, тыһыынчанан киһи нэһилиэктэртэн түмүллэн кэлэн алаас иһэ массыынанан туолла. Бу күн сарсыардаттан олгуйдарга байтаһын ынах сыалаах этэ бидилийэ буста.

Биир үйэ анараа өттүгэр сахабыт чулуу уолаттара Алексей Кулаковскай, Василий Никифоров, Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Платон Ойуунускай, о.д.а.  кинилэр соратниктара Сахабыт сирэ киэҥ боломуочуйалаах буолуутун туруулаһан автономияны төрүттэспиттэрэ. 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР 22-с Ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация ылыллыбыта. Бу устуоруйаҕа киирбит докумуон өрөспүүбүлүкэбит социальнай, экэнэмиичэскэй өттүнэн бигэ туруктаах буоларыгар саха норуотугар төһүү күүс буолбута. 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт 12-с Ыҥырыылаах Мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията ылыллыбыта.

Дьоһун күнүнэн “Мэҥэ Хаҥалас улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга Дмитрий Тихонов бар дьонун эҕэрдэлээтэ:

-Күндү дьонум-сэргэм! Барыгытын Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүнэн ис сүрэхтэн долгуйан туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Биһиги улуус дьоно-сэргэтэ өрөспүүбүлүкэбит туругурарыгар, сайдарыгар кылааппыт кырата суох. Аҕа табаарыстарбыт, үлэ дьоруойдара, өрөспүүбүлүкэбитин салайсыбыт бастыҥ үлэһит дьоммут Семен Захарович Борисов, Николай Васильевич Бубякин, Матвей Васильевич Мучин, Роберт Андреевич Бурнашов, Семен Николаевич Назаров, Филипп Гаврильевич Охлопков, Владимир Петрович Ларионов ааттарынан киэн туттабыт. Кинилэр өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһа бөҕөргүүрүгэр бэйэлэрин харыстаммакка туран үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара, олохторун анаабыттара. Өрөспүүбүлүкэбит сарсыҥҥытын оҥорсорго кинилэр холобурдарыгар ыччаппытын иитэбит. Судаарыстыбаннаспыт бөҕөргүүрүгэр хас биирдиибит салгыы үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ диэн ыҥырабын. Мин судаарыстыбаннас бөҕөргүүрүгэр тугу оҥордум диэн хас биирдии бэйэбит бэйэбитигэр ыйытык туруорунуохтаахпыт. Биһиги оҕолорбут, өскөтүн, үчүгэйдик үөрэнэр, туйгун сыананы ылар буоллахтарына, бу кинилэр судаарыстыбаннас бөҕөргүүрүгэр тус кылааттарын киллэрэллэр. Учуутал, тырахтарыыс, быраас, онтон да атын эйгэ үлэһиттэрэ бэйэлэрин үлэлэрин эҥкилэ суох толорор буоллахтарына, Сахабыт сирин сайдыытыгар, судаарыстыбаннаһын бөҕөргөтүүтүгэр – бу кинилэр киллэрэр кылааттара буолар.

Күндү дьонум, хас биирдиигитигэр баҕарабын этэҥҥэ буолууну, ситиһиини, эйэлээх халлааны. Куруутун үүнэ-сайда, чэчирии турдун, тапталлаах Сахабыт сирэ!

Өрөгөйдөөх күнүнэн бэйэтин эҕэрдэтин улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов тиэртэ:

-Күндү биир дойдулаахтарбын Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын күнүнэн дьокутааттар сэбиэттэрин, тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу күн биһиги судаарыстыбаннай декларация ылынаммыт, саха дьоно бэйэбит бас билэр сиртэн хостонор баайбытын, култуурабытын барытын норуоппутугар аһаҕастык этинэр күммүт этэ. Ол саҕаттан ыла элбэх салайааччы кэлэн үлэлээтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бу  Уһук Илин федеральнай уокурукка биир бастыҥ эрэгийиэнинэн биллэр. Ол курдук, үгүс  үлэлэр  ыытыллаллар, элбэх үүнэр-сайдар  ыччаттарбыт тахсан иһэллэр. Бу курдук иннибит диэки биир сомоҕо буоламмыт, чиҥник үктэнэн баран иһиэҕиҥ!

Үөрүүлээх күнүнэн улууспут талба талааннаах ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ улахан кэнсиэри көрдөрдүлэр.  Саргылана Павлова салайааччылаах Нина Васильева аатынан Майатааҕы норуодунай хор Иван Гоголев тылларыгар, Грант Григорян матыыбыгар “Сахам сирэ барахсан” ырыанан арыйда. “Добун дорҕоон” эр дьон түмсүүтэ Анемподист Софронов-Алампа “Саха ырыата” хоһоонун аахтылар, Мария Иванова хомус дьүрүһүйэр дорҕооннорун кутта. Светлана Никитина, Мария Иванова, Линда Захарова, Екатерина Ефремова, “Сардаана”, “Айыллаан аартыктара” ырыа ансаамбыллара, Алексей Слепцов-Атасхаан, Николай Новгородов ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр. Үүнэр көлүөнэ ыччаппыт В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Арылхан Касьянов “Дьоллоохпун” ырыанан, “Кыталык” норуодунай үҥкүү ансаамбыла “Өрөгөй” үҥкүүнэн, о.д.а. кэнсиэр силигин ситэрдилэр.

Биир дойдулаахпыт, эстрада тыйаатырын артыыһа Кеша Лебедев-Амикан Лэкиэс “Мэҥэ ыччата” ырыатын бэлэх уунна. Дьоро күн култуурунай тэрээһинин Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин исписэлиистэрэ Айта Моякунова, Станислав Иванов иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Судаарыстыбаннас күнүн иккис аҥарыгар улуус баһылыга Дмитрий Тихонов кэлэр «Манчаары оонньуулара» ыспартакыйааданы номоххо киирбит норуот дьоруойа Манчаары Баһылай төрөөбүт-үөскээбит сиригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытылларыгар туһуланар флешмобка дьонун-сэргэтин ыҥырда. Мустубут дьон нэһилиэктэринэн туран күргүөмнээх  флешмобка кыттан, “Манчаары 2029” диэн сурук суруйдулар. Маны квадракоптердар уһулан үйэтиттилэр.

Өрөгөйдөөх күн кыттыылаахтара итии мииннээх, соркуойдаах аһылыгынан хатаҕаланан күүс-уох эбиннилэр, ирэ-хоро сэһэргэстилэр.

Нуораҕанаттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуокай этээччитэ Денис Оконешников, Лоомтукаттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан этээччитэ, олоҥхоһут Виталий Никифоров, Ороссолуодаттан хомус ууһа, алгысчыт Роман Иванов, Тиэлигиттэн идэтийэн эрэр этээччи Дьулус Михайлов Манчаары аатыгар Добун Оһуокай улахан түһүлгэтин тэрийэннэр норуоту сомоҕолоотулар.

Бу курдук үрдүк таһымнаахтык тэрийэн, Сахабыт сиригэр дириҥ суолталаах умнуллубат дьоро күнү  бэлэхтээбит улуус дьаһалтатыгар дьон-сэргэ махтанан тарҕаста.

 

Марелла Баишева.