Улууспут ытыктабыллаах олохтоохторо!

Балаҕан ыйын 27 күнэ ‒ Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнэ. Бука барыгытын бу бэлиэ историческай күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Михаил Ефимович Николаев уонна Xll Үрдүкү Сэбиэт көҕүлээһиннэринэн 1990 сыллаахха Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыллыбыта, Арассыыйа быстыспат сорҕото буолан, салгыы сайдыы суолугар эрэллээхтик үктэнэрбитин түстээбиттэрэ. Үтүө үгэс быһыытынан, Автономнай өрөспүүбүлүкэни төрүттэспит, араас кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэбитин, улууспутун салайбыт, үтүө суобастаахтык үлэлээбит биир дойдулаахтарбытыгар сүгүрүйэн пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн уурабыт, махтал тылларын этэбит.
Үс таһымнаах улахан суолталаах быыбардар аастылар, онно улууспут дьоно биир санаалаахпытын, түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт.
Бүгүн, өрөгөй күнүгэр бүттүүн талбыт Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев солотугар киирэр, норуотун иннигэр андаҕар биэрэр бэлиэ күнэ.
Онон, тапталлаах Сахабыт сирэ 100 сыллаах кирбиини ааһан, саҥа сайдыы үйэтигэр үктэнэр эппиэттээх кэмнэрэ кэллилэр!
Эппиэтинэспитин үрдэтэн, дьиэ кэргэммит, түөлбэбит, нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит, модун Арассыыйабыт инники кэскилин бука бары бииргэ түстүөҕүҥ!
Истиҥ эҕэрдэни кытта норуот дьокутааттара Андрей Находкин, Захар Никитин.