2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн уонна от ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр улуустааҕы киин үлэһиттэрэ үйэ аҥара уонна онтон уһун кэм устата өйдөһөн-өйөһөн, эйэ дэмнээхтик олох суолун устун бииргэ олорон кэлбит Майа сэлиэнньэтин ытык-мааны ыалларыгар ыалдьыттаатылар.
Сэлиэнньэ Бочуоттаах олохтоохторо Ольга Иннокентьевна уонна Василий Васильевич Захаровтар быйыл бииргэ олорбуттара 55, Джапаридзе Иннокентьевна, Юрий Серафимович Неустроевтар – 50 сыллара буолла. Ытык ыалларбыт ийэ-аҕа аатын чиэстээхтик сүгэн, оҕолорун үлэһит оҥортоон, атахтарыгар туруортаан, амарах эбээ-эһээ дэтэн, тус олохторунан дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолар, үлэлэринэн-хамнастарынан ытыктанар-чиэстэнэр дьоммут буолаллар.
Кинилэри кытта сэһэргэһиини бу сигэлэринэн киирэн сиһилии билсиҥ:
Ольга Иннокентьевна, Василий Васильевич Захаровтар –
https://www.youtube.com/watch?v=l9dlbIugBrk&pp=ygUb0LPQsNC30LXRgtCwINGN0YDQutGN0Y3QudC4
Джапаридзе Иннокентьевна, Юрий Серафимович Неустроевтар –
https://www.youtube.com/watch?v=HDXowNGMYcw&pp=ygUb0LPQsNC30LXRgtCwINGN0YDQutGN0Y3QudC4