“Ытык ыал” бэлиэ туттарылынна

Майаҕа ахсынньы 28 күнүгэр “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ биир бэлиэ күн буолла.

“Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин гражданскай турук аахталарын суруйууга исписэлииһэ Валентина Неустроева Мария Дмитриевна Лукинаны быйыл олоҕун аргыһын Валерий Николаевич Судикону кытта ыал буолан олорбуттара 50 сыла туолбутунан эҕэрдэлээтэ. Кинилэргэ «Ытык ыал» бэлиэ балаҕан ыйын 24 күнүгэр туттарыллыахтаах этэ. Дьылҕа-хаан ыйааҕа тыйыс. Валерий Николаевич ыарахан ыарыыттан сэтинньи 22 күнүгэр олохтон туораабыта. Онон сибээстээн бэлиэ долгутуулаахтык бу күн кини тапталлаах кэргэнигэр Мария Дмитриевнаҕа туттарылынна.

ЗАГС исписэлииһэ Ил Дархан Айсен Николаев Эҕэрдэ суругун ааҕан иһитиннэрдэ:

— Эһиги дьиэ кэргэн ыал буолан олоруу саамай сүрүн соругун эҥкилэ суох толорон кэллигит. Үйэ аҥаара дьылҕаҕытын холбоон, сылтан сыл дьолунан, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаҥҥытынан, тапталгытынан, ытыктабылгытынан олоххутугар бигэ акылааты уурдугут. Киһиэхэ тапталы, көҥүлү, суобастаах, эппиэтинэстээх буолууну иҥэрэр – бу дьиэ кэргэнэ, таптала суох ситиһиллибэт. Дьиэ кэргэҥҥэ эрэ бэйэ оҥорор дьыалатыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буолуу курдук киһи-аймах сыаннастара ууруллар. Бу сыллар тухары эһиги дьиэ кэргэн олорон кэлбит олоххут уопута үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буоларын ураты тутан бэлиэтиибин…

“Мэҥэ Хаҥалас улууһа” муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан баһылык Дмитрий Тихонов “Эһиги үүнэр көлүөнэ ыччакка тус холобургутунан, үлэҕитинэн-хамнскытынан ытыктанар дьоһун-мааны ыал буолаҕыт. Оҕолоргутун атахтарыгар туруоран, киһи-хара оҥорон ийэ, аҕа үрдүк аналын чиэстээхтик толордугут” диэн ис хоһоонноох Эҕэрдэ суруга, “Ытык ыал” дастабырыанньалаах үрүҥ көмүс бэлиэтэ туттарылынна.

“Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев “Саха киһитин олоххо күүстээх тапталын, инникигэ дьулуһуу дьүккүөрүн, үлэһит сүрэҕин эһиги хоһуун холобургутугар көрөбүт. Ону туоһулуур Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын “Бигэ ыал” анал бэлиэтинэн наҕараадалыыбыт” диэн ис хоһоонноох Эҕэрдэ суруга,  дастабырыанньалаах үрүҥ көмүс бэлиэтэ уонна 10 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээтэ туттарылыннылар.

“Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук сүбэтин чилиэннэрэ бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр хас биирдиилэрэ холбоһук салайааччытыгар Мария Лукинаҕа “Ытык ыал” бэлиэни туппут үөрүүлээх уонна долгутуулаах күнүнэн эҕэрдэлээн үтүө тылларын анаатылар, баҕа санааларын эттилэр.

Бу дьиэ кэргэн устуоруйатын кылгастык сэгэттэххэ, 1973 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр Майаҕа Мария төрөппүттэрин дьиэтин тэлгэһэтигэр оройуон култууратын дьиэтин үлэһиттэрин күүстэринэн уруу тэриллибитэ. Уус Маайа Эльдикан бөһүөлэгиттэн төрүттээх күтүөт Валерий Майа сэлиэнньэтин сөбүлээн иккис төрөөбүт дойду оҥостон үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ олорон ааста. Күҥҥэ көстүбүт күндү кыыстара Анна нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала идэтин ылан Дьокуускайга 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үлэлиир. Кини кэргэнэ Анатолий Саха Өрөспүүбүлүкэтин УФСИН отделын эппиэттээх үлэһитэ. Анна, Анатолий Филипповтар үс оҕону Күн сирин көрдөрбүттэр. Билигин бэйэлэрэ үс оҕо эбэтэ, эһэтэ буолан олороллор.

Суоппар идэлээх Валерий Николаевич испиктээкиллэргэ, кэнсиэрдэргэ мэлдьи көхтөөх кыттыыны ылара. Бэйэтин кэмигэр таһаарыылаах үлэтинэн ССРС 11-с пятилеткатын кыайыылааҕа буолбута. Уус-уран самодеятельность агит биригээдэлэрин Бүтүн Сойуустааҕы көрүүтүгэр кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыта. Кини сыралаах үлэтэ-хамнаһа үрдүктүк сыаналанан “ССРС 11-с пятилеткатын социалистическай куоталаһыытын удаарынньыга” бочуоттаах бэлиэ, СӨ үлэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, “СӨ аҕа оруолун үрдэтиигэ уонна дьиэ кэргэн  институтун бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин” мэтээллэр, СӨ Киинэтин бэтэрээнэ, “СӨ норуотун уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Улуус социальнай-экэнэмиичэскэй  сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Майа – дойдум барахсан” бэлиэлэр хаһаайыннара, о.д. а. наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ.

Мария Лукина  култуура эйгэтигэр 50 сыл үлэлээбит үлэ бэтэрээнэ. Кини үлэлээбит сылларыгар элбэх саҥаны олоххо киллэрбитэ. 70-с сылларга агит биригээдэ автокулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлээн улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа уонна Сойууска тиийэ бастакы миэстэттэн түспэтэхтэрэ. 80-с сылларга киинэ култуураттан туһунан тэрилтэ буолбута. Манна 7 сыл “Знание”  уопсастыба пропагандиһынан үлэлии сылдьан полит үөрэхтээһини кытары киинэ лекторийдары ситимнээбитэ. Култуура оройуоннааҕы дьиэтигэр дириэктэрдээн олорон 2 хапытаалынай, 1 эстетическэй  өрөмүөннэри ыыттарбыта. Оччолорго тоҥон үлэлээбэккэ турбут “Дьол түһүлгэтигэр” ититии систиэмэтин саҥардан оҥорторбута. 3 өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэри тэрийбитэ күн бүгүн ситиһиилээхтик үлэлии тураллар. “Талааҥҥытынан мин ааппын ааттатаарыҥ” диэн норуодунай кэлэктииптэргэ, “Туос мааскы” уус-уран кэлэктииптэргэ уонна “Олоҥхо дойдута угуйар” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэри, өрөспүүбүлүкэтээҕи Ходуловскай ааҕыылары тэрийбитэ. Кини 1993 сылтан төрүттээбит “Түмэн” уопсастыбаннай түмсүүтэ быйыл 30 сылын туолла. Уопсастыбанньыктар күүстэринэн Майа сэлиэнньэтигэр элбэх үлэ ыытыллан кэллэ. Ыччатыттан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ Майабыт, улууспут  туһугар диэн патриотическай тыыҥҥа иитиллэн араас өрүттээх үлэ-хамнас киэҥ хабааннаахтык барар.

М.Д. Лукина үгүс сыллаах сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ боропсойуустарын федерациятын “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, СӨ “Гражданскай килбиэн”, Софья Сидорова аатынан Судаарыстыбаннай бэлиэлэринэн, СӨ Ытык сүбэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах гражданина, о.д.а. наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ.

Мария Дмитриевна улууспут “Эркээйи” хаһыатын эрэдээксийэтин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Кини эдэр ийэлэри уопсастыбаннай үлэҕэ көҕүлээн итиэннэ аҕам саастаах дьон хаһыаты сибиэһэйдии ааҕалларыгар кыһамньытын ууран “Эркээйи” волонтердара” хамсааһыны тэрийэн үлэлэтэр. Манна элбэх оҕолоох ийэлэр Акулина Устинова, Евдокия Заровняева, Саргылана Васильева, Полина Осипова бэйэлэрин тустаах үлэлэрин таһынан быыс булан хаһыаты тахсыбыт күнүгэр аадырыстарыгар тиэрдэллэр. Бу эрэдээксийэ үлэтигэр сүҥкэн көмө буоларынан махталбытын тиэрдэбит.

Ытыктабыллаах Мария Дмитриевнаны үөһээ ааттаммыт бэлиэтинэн, наҕараадаларынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран эрэдээксийэ аатыттан чэгиэн доруобуйаны, уопсастыбаннай үлэтигэр ситиһиилэри, тус олоҕор дьолу-соргуну баҕарабыт.

Марелла Баишева.