Ытык Тааттаҕа суруналыыстар пресс-туурдарыгар

Кулун тутар 21 күнүгэр Таатта улууһугар “Таатта” хаһыат бастакы нүөмэрэ бэчээккэ тахсыбыта 85 үбүлүөйдээх сылын көрсө, өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара уонна улуус хаһыаттара кыттыылаах пресс‒туур ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ эрэдээксийэ аатыттан үс буолан кыттыыны ылан кэллибит. Икки күн устата Таатта ытык бэлиэ сирдэрин билистибит, идэ таһымын үрдэтэр маастар-кылааска сырыттыбыт. Бэлиэ күҥҥэ Саха сирин араас муннугуттан ыраахтан-чугастан элбэх ыҥырыылаах ыалдьыт кэлбит. Биһигини Тыараһа нэһилиэгин сылгыһыттара саха атыгар олорон, Таатта-Чурапчы айан  аартыгар айхаллыы көрүстүлэр. Саха сиэринэн айах тутан, алгыс тыл маанытын анаан, кылыһахтаах тохтор тойугунан ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

Ыалдьыттары кытта бииргэ норуот олорон ааспыт олоҕун сырдатар, устуоруйа быыһын сэгэтэр Чөркөөхтөөҕү аһаҕас халлаан аннынааҕы политсыылка түмэлигэр айаннаатыбыт. Киэҥ устуоруйалаах Чөркөөх сирэ куолакал тыаһынан уруйдуу көрүстэ. Түмэл дириэктэрэ Михаил Протодьяконов, Изабелла Жерготова, Светлана Халгаева улуус устуоруйатын, Таатта чулуу дьонун сырдаттылар. Чөркөөхтөөҕү түмэлгэ маҥнайгынан XIX үйэ саҥатыгар тутуллубут Ньукуола таҥаратын дьиэтин көрдүбүт. 150 сыл анараа өттүгэр тутуллубут таҥара дьиэтин аанын аһан бастакынан киирэр чиэһи, кэлбит ыалдьыттартан норуот суруйааччытыгар Семен Андреевич Поповка-Сэмэн Тумакка биэрдилэр. Ньукуола таҥаратын дьиэтин көрөн, сөҕөн-махтайан, кэпсээннэрин истэн баран, көмүлүөк оһохтоох саха балаҕаныгар тиийдибит. Бу Таатта улууһугар сырдыгы тарҕаппыт, үүнэр ыччаты киэҥ билиигэ сирдээбит, үөрэххэ уһуйбут, Саха уобалаһыгар аатырбыт-сураҕырбыт Всеволод Михайлович Ионов балаҕана эбит. Манна соһуйуохпут иһин барыбытын харахпытын баанарга сорудахтаатылар. Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ Лидия Аргунова туруоруутунан Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүүлээх Өлөксөй “Сайын кэлиитэ» айымньытынан тифло испэктээги көрдөрдүлэр. Киһи хараҕын симэн турдаҕына, өйгөр ойуулаан оҥорон көрөр дьоҕуруҥ күүһүрэр эбит. Онно эбии ууну тыаһатан, кырыымпалаан, бэл эбии түптэ сытын таһааран, олох да хараҥа балаҕаҥҥа турар буолбакка, күп-күөх сайыҥҥы алааска тиийэ сырыттыбыт.

Салгыы дэлэгээссийэнэн саха омук киэн туттар суруйааччыта, норуот туһугар олоҕун анаабыт  Былатыан Ойуунускай төрөөбүт-үөскээбит Муҥха Дэлбэрийбит алааска ыалдьыттаатыбыт. Ойуунускай үөрэммит оскуолатын көрдүбүт. Дьокутаат Виктор Лебедев Былатыан Ойуунускай 130 сылыгар анаан туттарбыт Таатта үрэҕи туоруур тимир муостатыгар өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт. Бүтүн норуот киэн тутта ааттыыр саха чулуу уолугар Платон Алексеевич Ойуунускай пааматынньыгар ытыктабылы биллэрэн сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.

Күн иккис аҥарыгар айар үлэлээх суруналыыстарга аналлаах “Тыл сытыйбат, сыттаммат, сурук сууйуллубат, суодайбат” диэн ааттаах сэминээр ыытылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин библиограба Анисия Иевлева “Мэтириэтинэн уочарка» билиҥҥи ирдэбиллэрин сырдатта. Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатынан оскуола саха тылын учуутала, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Галина Им “Публицистическай эссе” сүрүн кистэлэҥин билиһиннэрдэ. «Таатта» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Маргарита Егорова «Аналитическай уочарка» араастарын, хаһыакка суруллар жанр ураты көрүҥүн ырытта. Литература кириитигэ, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Ольга Макарова “Аналитическай ыстатыйа» туһунан сырдатта.

Тэрээһин иккис күнэ “Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Айаал Бурцевы кытары пресс кэмпириэнсийэттэн саҕаланна. Баһылык араас тиэмэҕэ боппуруостарга эппиэттээтэ. Улуус  олоҕун-дьаһаҕын, ыытыллыахтаах “Манчаары оонньууларын» тэрээһинин, ийэ тылынан саҥарарга уонна саха тылын хайдах харыстаан кэлэр көлүөнэҕэ хаалларарга санаалар этиллиннилэр. “Сахабэчээт” автономнай тэрилтэ уонна Таатта улууһа (баһылык Айаал Бурцев) бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэһии докумуонун түһэристилэр.

Тэрээһин түмүк чааһа Томтор нэһилиэгэр буолла. Баайаҕаҕа икки автобуһунан айаннаан тиийэн Борис Федорович Неустроевы-Мандар Ууһу кытта көрүстүбүт. Мандар Уус ойууһут буоларын быһыытынан саҥа уруһуйдарын көрдөрдө, кэпсээтэ. Былырыыҥҥыттан саҕалаан уонтан тахса ойууну уруһуйдаабыт. Уруһуйдара хас биирдиитэ бэйэтин олоҕуттан туспа кэпсээннээхтэр. Көрсүһүү кэннэ Мандар Уус түмэлин кэрэхсии көрдүбүт, туос ураһатыгар таһыттан хаартыскаҕа хатанныбыт.

Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаахтар, улуу олоҥхоһуттар, норуот киэн туттар саха чулуулара уутуйан үөскээбит сирдэригэр, Ийэ тыл биһигэр айар үлэлээх суруналыыстарга аналлаах тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста. Хаһыат үлэтэ ‒ умсугутар идэ буоларын өссө төгүл итэҕэйдим.

Елизавета Неустроева.