Ытык кырдьаҕас Тамара Чемпосова 90 сааһын туолла

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ Тамара Николаевна Чемпосова 90 сааһын туолла.

90-с хаарын үктээбит ытык-мааны Тамара Николаевна сэрии сылларын этинэн-хаанынан билэн, Кыайыы туһа диэн улахан дьону кытта тэҥҥэ туруулаһан, онтон сэрии кэннинээҕи сылларга олоҕу чөлүгэр түһэриигэ, I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кулууп сэбиэдиссэйинэн, почта үлэһитинэн, кэлин доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр өр сылларга санитаркалаан бэриниилээхтик үлэлээн ахсыллыбат кылаатын киллэрсибитэ.

Үөрүүлээх күҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччы Василий Михайлов, Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников уонна социальнай боппуруостарга кылаабынай исписэлииһэ Виктория Федорова ытык-мааны кырдаҕаһы эҕэрдэлээтилэр.

Үтүө сылаас тыллартан, бэлэхтэртэн Тамара Николаевна долгуйда, үөрдэ уонна кэлбит ыалдьыттарыгар анаан алгыс тылын тиэртэ.