«Ытык киһибит алгыстаах тылынан…»

Тохсунньу 2 күнүгэр Нөөрүктээйи саҥа көлүөнэ библиотекатыгар «Ытык киһибит алгыстаах тылынан…» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Саввин Петр Павлович Үлэ, тыыл, спорт* *бэтэрээнэ, Саха АССР успуордун маастара, ССРС успуордун маастарыгар хандьыдаат, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, I Тыыллыма, Нөөрүктээйи нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, «Мэҥэ Аат” бочуот кинигэтигэр киирбит, успуорт, чөл, общественнай олох актыыбынай кыттыылааҕа  Петр Павлович Саввиҥҥа анаммыт саҥа кинигэ күн сирин көрдө.

Тэоээһиҥҥэ Саввин Петр Павлович дьиэ кэргэнэ, баһылык Федоров Николай Гаврильевич, депутаттар Советтарын председателя Макаров Прокопий Егорович, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, ыал олорбут дьоно, «Төрүт» түөлбэ олохтоохторо, атастара-доҕотторо кыттыыны ыллылар. Саввин Петр Павлович … 60 сааһыгар диэри дэгэйэн  сүүрэ , 90 сааһыгар диэри мындыр өйүн-санаатын тута сылдьыбыт үтүө-мааны  киһибит буолар. Кинигэни ис хоһоонун уола Алексей Петрович Саввин истибит эрэ  киһи сэргиир,кэрэхсиир  гына ырытыыны оҥордо, Петр Павлович ураты дьылҕатын, интэриэһинэй олоҕун олус интэриэһинэйдик сырдатта. Кини  хомоҕой иэйиилээх хоһооннорун «Айылгы» НАК үлэһиттэрэ аахтылар, быраата Назаров Михаил Николаевич ырыанан киэргэттэ. Дьэ ити курдук ытык киһибит туһунан олус үчүгэй кинигэ тахсыбыта бэрт итиҥник, сылаастык сүрэхтэннэ.

Нина Колосова. Павловскай