Үтүөкэннээх өҥ сайын ааста

 2023 сыл сайына, күһүнэ өҥ-быйаҥ аргыстаах буолан кыыдааннаах кыһыны көрсүһэ, бу уустук кэмнэргэ дьон-сэргэ санаатын сүрдээҕин көтөхтө. Саамай сүрүнэ –уһун кыһыны туоратар сүөһү аһылыга ‒ от балайда үүммүтэ буолла. Төһө да сэлээркэ, ГСМ атын көрүҥнэрэ ыарыы туралларын үрдүнэн дьон-сэргэ кыалларынан күөх илгэни сомсо сатаатылар.  Дьэ ону тэҥэ  сир аһын арааһа: дьэдьэн, сугун, хаптаҕас, моонньоҕон, уулаах отон, дөлүһүөн , о.д.а. адьаһын өрө анньан кэбистилэр, хото үүннүлэр. Киэҥ тайҕа маанылаах аһа- тэллэй да хаалсыбата. Манна эбии «иккис килиэби» — хортуоппуйу, онтон да атын бэйэ олордуу оҕуруот аһын   Ийэ айылҕа барахсан биир кылгас сайыммытыгар барытын өлгөмнүк утары ууммутун чугаһынан өйдөөбөт эбиппнн.  Аны биир дьиктитэ баар, киин улуустарга уу куһун арааһа, хаас кытары төрөөтө-ууһаата. Туохтан маннык үтүөкэннээх самаан сайын кэлэн ааста диэн толкуйдар киирэн тахсаллар. Онуоха маннык санааларга олоҕуран суруйабын. 

Бастакынан,  2022 сыл күһүнэ балайда  ардахтаах буолан сири-дойдуну  угуттаабыта, былыргылар этэллэринэн сири «силимнээбитэ»  Алтынньыга,  Бокуруоп балайда иннинэ кыстык хаар түспүтэ, сир-дойду тоҥо илигинэ халыҥ суорҕанынан үллүктээбитэ, от-мас, үүнээйи сиэмэтин, силиһин сылаас хоойугар кистээбитэ. Алтынньы ыйга өтөрүнэн түспэтэх халыҥ хаарынан Ийэ сирбит бүрүллүбүтэ. Сэтинньигэ дьон тэлгэһэ, тиэргэн ыраастыырыттан салгыахтарыгар диэри салгыы хаардаабыта.

Иккиһинэн, сааскы өртүгэр  сөҥүү эбии  күүскэ түһэн, ону тыалынан-кууһунан, тибиинэн чиҥэтэн, кытаатыннаран биэрбитэ. Хаар нуорманы таһынан халыҥаабыта. Ыам ыйын саҥатыгар эмискэ сылыйан, ириэрэн хаартан балачча уу кэлбитэ.

Үсүһүнэн, бэс ыйыгар, от ыйын бастакы аҥаарыгар  кэмиттэн кэмигэр ардаабыта.  Атырдьах ыйын бүтэһик күннэригэр тиийэ сайыҥҥылыы сылаас күннэр тураннар, балаҕан ыйын бастакы күнүн сайыҥҥылыы чээлэй күөх айылҕа быыһыгар көрүстүбүт. Хаарынан хаарыйар бастакы хаһыҥнар балаҕан ыйын саҥатыттан  биирдэ биллэн барбыттара. Күнү, ыйы, атын планеталар  эргиирдэрин кытта сибээстээх, онтон да атын биричиинэлэр бааллара буолуо эрээри, ону наука уонна анал үөрэх билэн эрдэҕэ. Киһи-аймах, тыынар тыыннаах харах далыгар көстүбэт араас күүстэр, дьайыылар ортолоругар олорон кэллэхпит, олордохпут.

 Сааһы, сайыны билгэлээччилэр 2023 с. сыыстарыылара обургу буолла. Кыһынын аһары тымныйан үүнээйи сиэмэтэ үлүйдэ, хаартан улахан уу кэлиэ суоҕа, сайынын алаастарга аһыҥа ыһыа, бэс ыйа умайар уот куйаас, от ыйа ардахтаан сүгүн оттотуо суоҕа диэн эҥин эгэлгэ  этиилэр билиҥҥи информация сайдыбыт кэмигэр араас ханаалларынан дохсуннук устубуттара.

 Кыстык хаар түһүөр диэри күммүт-дьылбыт хайдах буоларын кэтээн көрөбүт, кэлэр сылга эмиэ үтүөкэннээх кэми кэтэһэ хаалабыт.

Степан Андреев, Майа с.