Үтүө саҕалааһын, үтүө дьыала, үтүө үөрүйэх

Көмүс күһүн кэлбит бэлиэтэ — хас биирдии саха ыала кыстыкка бэлэмнэнэн, уһун кыһыҥҥа хаһаанан, аһын-үөлүн бэлэмнэнэр, үүннэрбит оҕуруотун быйаҥын астыыр, мунньунар, хаһаанар кэмэ.

В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 8 «в» кылаас үөрэнээччилэрэ (сал. Илларионова Нарыйаана Гаврильевна) бэйэлэрэ сайын устата сир астаабыт сугун, моонньоҕон барыанньаларын, уулаах отону оскуолабыт бэтэрээн учууталларыгар Степанова Людмила Иннокентьевнаҕа уонна Федорова Тамара Федоровнаҕа бэлэх ууннулар. Ис сүрэхтэн оҥуһуллубут үтүө дьыалаттан бэтэрээннэр олус үөрдүлэр, маннык истиҥ ис хоһоонноох махтал тылларын ыыталлар: «Кэһии бөҕө аҕалан үөртүлэр, күһүҥҥү быйаҥтан амсайар дьон буолан махталбыт улахан. Кылаас оҕолоругар, учууталларыгар ситиһиилээх үөрэх дьыла буоллун, үтүө санааҕыт бэйэҕитигэр уон оччонон эргиллэн кэллин, дьоллоох-соргулаах, инникигэ эрэллээх буолуҥ».