Үтүө аата-суола, үйэтитэр суруйуулара умнуллубат

Тохсунньу 13 күнүгэр, Арассыыйа Бэчээтин күнүгэр, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна, кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Иннокентьевич Неустроев төрөөбүтэ 75 сылын туолар. Бу бэлиэ күнүнэн истиҥник саныыр, ытыктыыр биир идэлээхпит туһунан аймахтарын, биир идэлээхтэрин ахтыыларыттан билиһиннэрэбит.

Саргылана ИВАНОВА, балта: Убайым Кеша кылгас да буоллар олорон ааспыт олоҕун туһунан төһөнү баҕарар суруйуохха сөп. Людмила Иннокентьевналыын үс оҕону төрөтөн, үлэһит дьон оҥортоон, кэргэн, оҕо, сиэн тапталын билэн Орто дойдуттан барбыта. Мин оҕо эрдэхпиттэн олус элбэҕи суруйарын көрөрүм. Элбэх кинигэни, сурунаалы мунньара, хаһыат кэлэрин олус күүтэрэ, наадалааҕын кырыйан ылан паапка оҥорон килиэйдээн иһэрэ. Ханнык хаһыаттан ылбытын бэлиэтээн иһэрэ. Өссө биир умсугуйбут дьарыга коллекция этэ. Интэриэһинэй дьарыктаах дьону түмэн түмсүүнү салайбыта.

Убайым олус үчүгэй куоластаах ырыаһыт этэ.  Дьиэ кэрг эн бырааһынньыктарыгар, сиэннэр сыбаайбаларын ырыаларынан киэргэтэрэ, попуррины  ыллыыра. Убайбытын “Убаай Киэсэ“ диирбит, сиэннэрбит бары “Абаҕаа Киэсэ“ диэн сөбүлээн ааттыыллар.
Убайым Иннокентий Иннокентьевич кинигэни хомуйан таһаартарарын сөбүлүүрэ. 13 кинигэни Күн сирин көрдөрбүтэ. “Суруллубут — суоруллубат“ диэн этэллэр, билигин кини аата ааттанар, умнуллубат. Тас дойдуга олохсуйбут сахалары ирдэһэн туран суруйсан, билсэн, кинилэр олохторун, баһылаабыт идэлэрин күүскэ сырдаппыта дириҥ, интэриэһинэй ис хоһоонноох.
Убайым сымнаҕас майгыта, сырдык мөссүөнэ, үөрүнньэҥ бэйэтэ мэлдьи биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар сырдыгынан сыдьаайа сылдьыаҕа, үчүгэй өйдөбүлү умнуохпут суоҕа.

Мария НЕУСТРОЕВА, кийииттэрэ: Мин 1972 с. от ыйыгар Бэдьимэҕэ Неустроевтар дьиэ кэргэн үһүс уолларыгар Валерийга кэргэн тахсан кэлбитим. Бастакы кийиит киирбитим. Ити иннинэ Киэсэни билэрим. Кини Дьоруой Попов аатынан сопхуоска суоппардыыра. Отделениеларынан сылдьара,  сүүрэрэ, агитбиригээдэлэргэ сылдьарбыт. Бэрт элэккэй, сайаҕас, кэлбит-барбыт, кэпсээннээх, кыра да буоллар сылбырҕа, кыайыгас этэ. Элбэх хаһыаты, сурунаалы суруйтарара,  ааҕара-билэрэ, киэҥ билиилээҕэ. Суруйарын сөбүлүүрэ, ол да иһин суруналыыска тиийэ үүннэҕэ.

Олус  оҕомсох  этэ. Сааһыран  баран  ыал буолбута. Хас биирдии оҕону тус-туспа ааттаан таптыыра. Оҕолор, сиэннэр бары бары “абаҕаа“ диэн таптыыллара, кини кэллэҕинэ үөрү ү буолара.

Дьиэ таһыгар маһы кып-кыра гына хайытан саһаанныыра. Айаҥҥа сатыы  турда да барара, кими да кэтэспэтэ, ону ордороро. Сунтаар Бордоҥор үлэлии баран кэргэн ылан кэлбитэ, улахан үөрүү буолбута. Баар буоллар өссө элбэҕи суруйуох, айыах этэ. Билигин сиэн бөҕөлөөх, кини аатын ааттатыахтара диэн эрэнэбит.

Семен ЭВЕРСТОВ: 1976 с. Майаҕа көһөн кэлэн баран итинник суруйууларынан дьарыктанар  киһи Бэдьимэҕэ олорорун, Герой Попов аатынан сопхуоска суоппардыырын билбитим. онтон Иннокентий Неустроев Дьокуускайга сопхуос, холкуос  каадырдарын бэлэмниир техникумугар үөрэммитин, Сунтаарга баран үлэлээн эрэрин истибитим. Салгыы Сунтаар оройуонун хаһыатыгар үлэлии сылдьан сайыҥҥы уоппускатыгар дойдутугар  кэлбитин көрсөн  билсибиппит. Кэлин биһиги хаһыаппыт эрэдээксийэтигэр үлэлии киирбитигэр икки сыл курдук бииргэ үлэлээбиппит. Кини олоххо киэҥ интэриэстээҕэ, барыны бары кэрэхсиирэ, сонургуура. Ол иһин ордук сайынын өрөспүүбүлүкэ устун айанныыра. Кини сэдэх идэлээх уонна дьарыктаах дьону дьаныһан туран көрсөн кэпсэтэр идэлээҕэ. Өрөспүүбүлүкэ тас өртүгэр үлэлиир уонна олорор биһиэхэ соччо биллибэтэх сэдэх идэлээхтэри кытта суругунан сибээстэһэрэ. оннук син балачча элбэх дьону  кытта  билсэн суруйталаабыта уонна кинилэр  тустарынан кинигэлэри бэлэмнээн бэчээттэппитэ.  Бэл миигиттэн  эмиэ ыйыталаспыт түгэннэрдээҕэ.

Иннокентий Иннокентьевич өрөспүүбүлүкэ улуустарын уонна нэһилиэктэрин туста-рынан кэлин тахсыбыт анал таһаарыылары, кинигэлэри ирдэһэн булара. Син элбэх ки-нигэни муспута. Итиэннэ кини бэртээхэй коллекционер этэ.

Виктор ПОПОВ: Иннокентий Неустроев өссө оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар хаһыакка суруйар буолан барбыта. 1966 с. «Эдэр коммунист» хаһыакка «Бэйэлэрэ тэрийэллэр» диэн бастакы кыра заметката бэ-чээттэммитэ. Маҥнай суруйа үөрэниитигэр саха тылын учуутала Марфа Филатова көҕүлээбитин уонна улахан көмөтүн билиҥҥэ диэри истиҥник саныыр.

Иннокентий Неустроев «Ленинскэй знамя» хаһыакка 1986 сылтан, бэйэтэ этэринии, суруйан-бичийэн барбыта. Хаһыаппыт 1993 сылтан, «Эркээйи» диэн ааттаныаҕыттан, тыа хаһаайыстыбатын отделын эрэдээктэринэн, кылаабынай эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлии сылдьан 2006 сылтан «Кыым» хаһыат кэрэспэдьиэнинэн, 2008 сылтан «Саха сирэ» хаһыакка Илин эҥэр улуустарга анал кэрэспэ-дьиэнинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Бэчээт эйгэтигэр өр сылла-ах айымньылаах үлэтэ Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһун бырабылыанньатын, СӨ Бэчээккэ, араадьыйанан уонна тэлэбиидэнньэнэн биэриилэргэ департамент, улуус дьаһалтатын, Майа сэлиэнньэтин, «Саха сирэ», «Кыым», «Эркээйи» эрэдээксийэлэрин Бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ. 2002 с. «СӨ бэчээккэ туйгуна» ааты сүкпүтэ. 2012 с. «Мэҥэ Хаҥалас оройу-онун бэчээтин сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэ туттарыллыбыта.

«Сахаттан сэдэх идэлээхтэр», «Сахаттан сэдэх дьылҕалаахтар», «Сахалар — омук сирдэригэр» диэн муспут матырыйааллара биһиги көрдөхпүтүнэ бэйэлэрэ бэлэм кэриэтэ, «буруолуу» сылдьар, кэрэхсэбили тардыах кини-гэлэр эбээт! Онуоха, «чыркымай дулҕаҕа самаҕыттан иҥнибитигэр дылы» дииллэринии, сөптөөх успуонсар, үп-харчы көстүбэтэ атахтыыр. Кыахтаах, ырааҕы өтө көрөр дьон эбэтэр «Бичик» о.д.а. кинигэ таһаарар тэрилтэлэр бэчээтти-иллэрэ буоллар, бастакы ороскуоттарын түргэнник сабыныах этилэр дии саныыбын.

Сынньалаҥҥа, көрүдьүөстээх түгэннэргэ «Бээрэ, килэбэчийэ түһүөххэ», «Киэп-хаап буолан түһэн», «баалабайынан ыллахха», «охсуһуу саҕаланар буолла, урутаан сирдэ ыла туруохха», «оо, барахсаны» диэн эҕэлээх, эмиэ да көрдөөх тыллары кыбыталаан көрү-нары, көхтөөх күлсүүнү тардар буолара. Кэлэктиибинэн Саҥа дьылы, Бэчээт күнүн, Ньукуолуну көрсүһүү бырааһынньыктарыгар, үбүлүөйдэргэ түөһүн өтөтө, сөҥ куолаһынан ыллаан доллоһутан биир идэлээхтэрин, доҕотторун-атастарын сөхтөрөрө. олоҕун тиһэх күннэригэр диэри хаһыат, сурунаал, кинигэ хааламмыт суумкатын ноторуускаланан, сиэбиттэн кэмпиэт эҥин хостуу-хостуу: «Что нового?» ‒ диэбитинэн нэдиэлэ ахсын кэриэтэ сэһэргэһэн, күлэрин-үөрэрин ахтабыт-саныыбыт, суохтуубут даҕаны.