Балыктаах култууратын дьиэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Мэҥэ нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, 1950‒1970-с сылларга Максим Горькай аатынан сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбыт, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, коммунистическай үлэ удаарынньыга, социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа, ыччат настаабынньыга, персональнай пенсионер, күн күбэй ийэ-эбээ Ксения Гаврильевна Черкашинаҕа анаммыт култуура уонна ускуустуба коллеһын үһүс кууруһун устудьуона, Ксения Гаврильевна сиэнэ Светлана Баишева дипломнай үлэтин чэрчитинэн «Үлэттэн дьолу булбута» диэн театрализованнай дьүһүйүү туруорулунна. Тэрээһини Ксения Гаврильевна сиэн уола Дмитрий Баишев иилээн-саҕалаан ыытта.
Ксения Гаврильевна эдэр сааһыттан хотон сыралаах үлэтигэр үлэлээбитин, олорон ааспыт олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, аймах-билэ дьоно уонна Төҥүлүтээҕи култуура киинин иһинэн үлэлиир уус-уран самодеятельность кэлэктиибэ, Балыктаах култуура дьиэтин үлэһиттэрэ холбоһуктаах «Үлэттэн дьолу булбута» театрализованнай дьүһүйүүнү ылбаҕай ырыаларынан, нарын үҥкүүлэринэн итэҕэтиилээхтик арыйдылар. Ксения Гаврильевна олорон-үлэлээн ааспыт Балыктааҕын дьоно-сэргэтэ сүрэхтэринэн чугастык ылынан, уйадыйа-долгуйа олорон көрдүлэр, олус истиҥник ылыннылар.
Дьүһүйүүнү Ксения Гаврильевна кыыһа Евдокия Васильевна уус-уран ааҕыытынан саҕалаата. Ксения Гаврильевна оруолун толорор сиэн кыыс Светлана «Ньирэйдэрбин үүрэммин» ырыанан, салгыы Вера Фадеева Ый Кыыһын репертуарыттан «Кэрэ куо» ырыанан киэргэттилэр. Эдэркээн Ксения Баһылайынаан ыал буолар түгэннэрин олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрэ Ольга Иванова «Доҕорум, эн кэлиий» ырыанан сырдаттылар. Кыыһа Евдокия кэргэниниин Ильялыын А.Шестаков тылларыгар «Доҕорбор» дуэтынан ырыаны толорон ийэлээх аҕалара нэһилиэк ытыктанар, дьоһун ыала буолбуттарын бигэргэттилэр. Рима Фадеева Милена Борисова репертуарыттан «Ийэбэр» ырыаны толорбутун истээччилэр сөбүлээбиттэрин ытыс тыаһынан биллэрдилэр. Бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэр толоруллан Ксения Гаврильевна үлэлээн ааспыт олоҕун сиһилии арыйдылар. Рима Фадеева С.Данилов «Кимий диибин», Антонина, Иван Прибылыхтар В.Кузьмин «Ньургуһуннар» ырыатын, Дмитрий Васильев Лэкиэс репертуарыттан «Сайылык»ырыатын, «Кылыыҥкай» үҥкүү бөлөҕө «Ферма кыргыттара» үҥкүүнү, Вера Фадеева «Сайылык»ырыаны толордулар.
Театральнай дьүһүйүү түмүктүүр чааһыгар Антонина, Иван Прибылыхтар, Ксения Гаврильевна оҕолоро «Ийэбэр» уус-уран ааҕыы,кыыһа Евдокия Васильевна «Оҕолорум» хоһоону, үгүс араас таһымнаах аан дойдутааҕы күрэхтэһиилэр кыттыылаахтара, лауреата Ксения Гаврильевна сиэнэ Валера Фадеев «Любовь уставших лебедей» жестовай ырыанан, сиэн уол Дмитрий уус-уран ааҕыынан, сиэнэ Светлана «Эбээбэр» хоһоонунан, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэнэ Саян «Эбээбэр» ырыанан киэргэтэн музыкальнай дьүһүйүүнү толору арыйан көрөөччүгэ тиийэр гына көрдөрдүлэр.
Бу дьоро киэһээҕэ театральнай дьүһүйүү кыттыылаахтарыгар, саалаҕа толору мустубут көрөөччүлэргэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Александр Куприянов, олохтоох култуура дьиэтин дириэктэрэ Любовь Кычкина, Евдокия Васильевна оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Түмүккэ Ксения Гаврильевна кыыһа «Үлэттэн дьолу булбута» театральнай дьүһүйүүгэ кыттыбыт дьонугар, кэлэн кыттыыны ылбыт бар дьонугар махталын биллэрдэ. Ксения Гаврильевна Черкашина Мэҥэ нэһилиэгин киэн туттуута, үлэни өрө тутан, үрүҥ илгэни үрүлүтэн, ыанньыксыт, настаабынньык, ытыктыыр киһибит туһунан сонун, сэргэх тэрээһини тэрийэн ийэлэрин сырдык аатын үйэтитэн, кинини ахтан ааһар түгэни анаан-минээн оҥорбуттарыгар, Ксения Гаврильевна оҕолорун-сиэннэрин талааннарын сөҕөн, астынан төрөппүттэрин олорон ааспыт түөлбэлэрин аатын үрдүктүк тутан, сибээстэрин быспакка сылдьалларын көрбүт дьон ис сүрэхтэриттэн махтанан тарҕастылар.
Мария Захарова