Биһиги, Хорообут орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ, Үлэ сылын чэрчитинэн, “Трудовые династии” нэдиэлэнэн, шефтээх тыыл, үлэ бэтэрээнэ Сосин Иннокентий Ефремович туһунан билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.
«Олоҕу кытта тэҥҥэ…» диэн өр сылларга суоппарынан үлэлээбит Иннокентий Ефремович Сосин кэпсээниттэн суруйдубут.
Иннокентий Ефремович Дьоруой Попов аатынан сопхуос Хорообуттааҕы отделениетыгар 1975 сыллтан «ГАЗ-53» бортовой массыынаҕа суоппарынан үлэлээбит. Оччолорго оҕолоро кыра этилэр, оскуолаҕа үөрэнэллэрэ, арай улахан уола Володя эрэ 10 кылааһы бүтэрэн сылдьар кэмэ буолан, Хорообут оскуолатыгар биир кыһын хачыгаардаабыта. Икки сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын механизациятын техникумун бүтэрэн, сопхуоска маҥнай Хорообут отделениетыгар снабженеһинэн сылдьыбыт. «ГАЗ-53», ол кэнниттэн «ЗИЛ- ММЗ-554» саҥа массыынаҕа уһуннук үлэлээбитэ.
Уолаттара эмиэ утум-ситим Төҥүлү СПТУ-гар үөрэнэн, суоппар идэтин ылбыттара. Биир бириэмэҕэ уолаттарын кытта бэһиэ буолан, биир автопааркаҕа үлэлээбиттэр. Кэлин Владимир, Прокопий «КамАЗ» массыына кэлбитигэр, онно суоппардаабыттар, билигин даҕаны сыыдам суоппарынан үлэлии сылдьаллар.
Иннокентий Ефремович Дьоруой Попов аатынан сопхуоска үлэлии сылдьан, 1977 с. үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн чөмпүйүөннээбит. Ф.К.Попов аатынан персональнай бириэмийэни ылбыт уонна сылын аайы үчүгэй көрдөрүүлээх суоппардар ахсааннарыгар сылдьар. Үс төгүл Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа буолбут. «Кыһыл Сулус» ОПХ-ҕа улэлиир кэмнэригэр, аймахтарыттан бииргэ төрөөбүт убайа Сосин Анатолий Ефремович өр сылларга тырахтарыыһынан үлэлээбит, хас да пятилетка устата куоталаһыы кыайыылааҕа буолбут.
Кэлин «Кыһыл Сулус» ОПХ буолбутун кэннэ, «ЗИЛ» массыынаҕа биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбит. Үлэтигэр өрүү үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэрин, ону элбэх грамоталар, Махтал суруктар уонна араас сыаналаах бэлэхтэр туоһулууллар. Уолаттара үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ. Владимир биэс төгүл оройуон «Чөмпүйүөн суоппара» буолбута, улуус Бочуоттаах мэхэньисээтэрэ, нэһилиэк Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ.
Иннокентий Ефремович 1990 с. биэнсийэҕэ тахсан баран, 1993 сылга дылы сопхуоска заправщигынан үлэлээбитэ.
Аҕаларын туйаҕын хатарар уолаттара Владимир 40-тан тахса сыл, Прокопий 35 сыл суоппарынан куоракка үлэлии сылдьаллар. Александр Хорообуттааҕы баһаарынай чааска үлэлээбитэ, кыра уола Иннокентий Росгвардияҕа үлэлиир.
Иннокентий Ефремович улэ бэтэрээнэ, Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, кырдьаҕастар сэбиэттэрин чилиэнэ, араас субуотунньуктарга актыыбынайдык кыттар. Онон: «Олоҕу кытта тэҥҥэ барсан иһэбин…” ‒ диэн үөрэ-көтө сэһэргээтэ биһиги шефтээх бэтэрээммит, элбэх оҕо аҕата, эһэтэ, Хорообут Бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Ефремович Сосин.
Дайаана Семенова, Катя Чугунова,
Хорообут орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ.