Үһүс көлүөнэ оскуолатын айар быыстапката көрөөччүнү дуоһутта

Иис-уус – олохпут тутулун туллар тутааҕа. Былыр-былыргыттан дьахтар аймах иннэни, кыптыыйы баһылаан, иистэнэн, икки атаҕы таҥыннаран-үллүйэн кэллэҕэ. Тыйыс айылҕалаах Саха сирин олохтоохторугар иистэнньэҥ саамай үрдүк кэрдиискэ турар диэтэхпинэ сыыстарбат буолуохтаахпын.

Ыам ыйын 20 күнүгэр улуустааҕы Р.Г.Васильев аатынан түмэлгэ Майатааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолатын иистэнньэҥнэрин айар быыстапката үөрүүлээхтик аһылынна.

Уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Людмила Заровняева-Стручкова:

— Майатааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолата быйыл 11-с сылбытын сылга 9 ый устата нэдиэлэ 6 күнүгэр күннэтэ үлэлээн кэллибит.

Волонтер учууталларбыт баҕалаахтары кылынан, сиэлинэн, туоһунан, оҕуруонан, түүлээхтэн, баайыы уонна сахалыы таҥас араас эгэлгэтин тигэргэ үөрэтэн кэллилэр. Биһиги аҥардас бэйэбитигэр эрэ иистэнэр буолбатахпыт. Бу сыллар усталарыгар сахалыы таҥаһынан киэҥ эйгэҕэ тахсаммыт дьон биһирэбилин ыллыбыт. Улуустааҕы култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр көтүппэккэ кыттабыт. Араас таһымнаах элбэх куонкурустарга ситиһиилээхтик кытынныбыт. 2014 с. бастакы быыстапкабыт бу мусуойга туруоруллубута.

Биһиги иистэнньэҥнэрбит Москва, Санкт-Петербург, Сочи, Дьокуускай куораттарга уонна бэйэбит оройуоммутугар Аллараа Бэстээххэ, Ньурба улууһугар ситиһиилээхтик кыттан лауреат, дипломант үрдүк ааттарын ылбыттара. Оскуолабыт 5 уонна 10 сылларынан туруорбут быыстапкаларбыт киэҥник сэҥээриллибиттэрэ. Үлэлээбиппит устатын тухары 7 волонтер учууталларбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун маастардара буола үүннүлэр. Светлана Луковцева СӨ норуотун маастарын аатын ылбыта. Биһиги онтон олус үөрэбит, астынабыт, киэн туттабыт. Кэлэктиибинэн үлэлэр олус элбэх бириэмэни уонна сыраны ылаллар. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа барыта саҥа үлэлэр туруорулуннулар, — диэтэ.

Быыстапка кыһыл лиэнтэтин Үһүс көлүөнэ оскуолатын салайааччыта Людмила Заровняева-Стручкова, куруһуоктар салайааччылара Екатерина Шарина, Римма Варламова, Федора Наумова кырыйдылар.

Р.Г.Васильев аатынан мусуой дириэктэрин солбуйааччы Михаил Трифонов быыстапка арыллыбытынан эҕэрдэлээн туран кыттыылаахтарга Туоһу суруктары туттарда.

Манна Римма Варламова салайааччылаах “Симэх” куруһуок кыттыылаахтара күндү түүлээхтэн оҥоһуллубут оҕуруолаах саҕалардаах халадаай ырбаахылары, Федора Наумова салайааччылаах “Ай-Талаан” бөлөҕө дьахтар сайын, күһүн мааныга кэтэр оноолоох, жаккард матырыйаалтан тигиллибит “Сахалыы таҥаһым иэйиилээх ырыабар” кэллиэксийэтин иис куруһуогун кыттыылаахтара кэтэн хаамтылар. Дьоро күҥҥэ мустубуттары Любовь Антонова ырыанан эҕэрдэлээтэ.

Олохтоохтор уонна ыалдьыттар СӨ норуотун маастара Светлана Луковцева 3 убаһа уонна 2 бөрө тириититтэн тикпит 13-14-с үйэтинээҕи эр киһи саҕынньаҕын, испиискэнэн оҥоһуллубут чочуобуналары, маҥнайгы Сото оскуолатын макыатын, туоһунан, кылынан, оҕуруоларынан о.д.а. матырыйаалтан оҥоһуллубут, тигиллибит сахалыы таҥас арааһын, кыбытыылаах паннолары, синньэлээн  тигиилэри, уруһуйдары, о.д.а. сэргии, дуоһуйа көрдүлэр.

Кыыдаана Прокопьева дьахтар күһүн-саас кэтэр дьабака бэргэһэлээх оноолоох сукуна соно, Мария Федорова синньэлээн тикпит үтүлүгэ, чампыга, Анна Романова салайааччылаах “Ажур” бөлөх баайыылара, Римма Варламова салайааччылаах “Симэх” куруһуок, Екатерина Шарина салайааччылаах “Кыбытыылаах тигии”, Валентина Аманатова “Саһарҕа” куруһуок, норуот талба талааннаахтара Мария Никифорова, Мария Сергучева, Анна Устинова, Дария Федорова, Анна Осипова, Агафья Николаева, Наталья Ильина, Февралина Луковцева, Вера Терякова, о.д.а. сиэдэрэй үлэлэрэ хараҕы сымнаттылар.

Быыстапкаҕа туруоруллубут хас биирдии оҥоһук бэйэтэ көрөөччүлээх, сэҥээрээччилээх, сүгүрүйээччилээх буолла.

Быыстапка ыам ыйын 20-25 күннэригэр туруоҕа. Кэлиҥ, көрүҥ, сэргээҥ, элбэҕи билиэххит.

 

Марелла Баишева.