Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Павловскай орто оскуолатыгар эти-сиини чэбдигирдэр, физкултууранан дьарыктаныыга сыһыарар, чөл олоҕу көҕүлүүр сыаллаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Нациялар куруостара» Сүүрүү күнэ ыытылынна.
Куруоска алын кылаас үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, учууталларга тиийэ кыттыыны ыллылар. Итини тэҥэ, үгэс буолбут эстэпиэтэ ыытылынна. Оскуола үөрэнээччилэрэ саастарынан биэс бөлөххө арахсан, 4 кыыс, 4 уол буолан хамаанда туруоран күрэхтэстилэр. Эстэпиэтэ түмүгүнэн 1-2 кылаастарга I миэстэ 2Б, II миэстэ 2А, III миэстэ 1Б, 3-4 кылаастарга I миэстэ 4Б, II миэстэ 4А, III миэстэ 3А, 5-6 кылаастарга I миэстэ 6Б, II миэстэ 5Б, III миэстэ 5А, 7-8 кылаастарга I миэстэ 8Б, II миэстэ 8А, 7А, 9 кылаастарга I миэстэ 9А, II миэстэ 9А кылаас буолан үөрэн-көтөн күрэхтэhиини түмүктээтилэр.
Сүүрүүгэ кыттыбыт оҕолору үөрэнээччилэри, учууталлары бэйэ доруобуйатыгар кыайыыларынан, успуорка ситиhиилэринэн эҕэрдэлиибит, сүүрүү аргыстаах сылдьалларыгар баҕарабыт. Сүүрүү туһатын туһунан бүгүҥҥү ыстатыйабыт түмүгэр санатабыт.
Учуонайдар быһаарбыттарынан, сүүрэр дьон сүрэхтэрин, тыҥаларын үлэтэ сайдар. Ону таһынан, киһи былчыҥын дьарыктыыр. Сүүрэр киһи тулуурдаах буолар, онон сүүрбэт киһитээҕэр олох очурдарын чэпчэкитик аһарыан сөп эбит. Сүүрүү өссө биир үчүгэйэ диэн, успуорт көрүҥнэриттэн саамай табыгастаах. Кроссовкаҕын кэттиҥ да, бэйэҥ киэнэ, хайа диэки көрбүккүнэн сүүрэ тураҕын.
Оллонова Нарыяна, Сивцева Николина, В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ