Биһиги өбүгэлэрбит кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ остуоруйа остуоруйалаан, олоҥхо истэн, остуол тула олорон оонньоон күннэрин атаараллара. Остуол оонньуута илииҥ имигэс буоларыгар туһаайыллыбыт, өй санаа, туттуу-хаптыы эмиэ сыыдымсыйар.
Хабылык, хаамыска былыр XVI үйэҕэ сахалар алаастарынан, түөлбэнэн олороллорун саҕана үөдүйбүтэ.
Алтынньы 13 күнүгэр В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр хабылыкка уонна хаамыскаҕа күрэхтэһиитэ буолан ааста. Күрэхтэһиигэ кылаастан 2-лии оҕо кытынна.
Күрэхтэһии түмүгүнэн:
5-8 кыл. кыргыттарга:
1 м Сергучева Алена 8а
2 м Иванова Аделаида 5в
3 м Герасимова Белла 6в
5-8 кыл уолаттара:
1 м Гоголев Артем 8а
2 м Лепчиков Костя 6в
3 м Новгородов Захар 8б
9-11 кыл кыргыттара:
1 м Сергучева Луиза 11 б
2 м Васильева Саша 10а
3 м Ефимова Маша 9б
9-11 кл уолаттара
1 м Романов Кеша 9б
2 м Лукин Женя 10а
Скрябина Сандаара түһэриитэ;
Скрябина Сандаара, Аринкин Артем видеорепортааһа;
Скрябина Сайаара монтааһа.
«Мэҥэбил» пресс-киин