Балаҕан ыйын 6‒7 күннэригэр улууска үөрэх үлэһиттэрин Балаҕан ыйынааҕы сүбэ муннахтара ыытылынна.
Мунньах чэрчитинэн И.Г.Игнатьев аатынан Хара орто оскуолатыгар «Единое образовательное пространство: новые возможности для обучения и воспитания» тиэмэҕэ анал былаһааккаларынан киэҥ кэпсэтии, «Төгүрүк остуол» тэрилиннэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһа Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинигэр ыытылынна. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов, С.Н.Донской II аатынан СӨ үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт салайааччытын бастакы солбуйааччы Галина Алексеева, оройуон баһылыга Дмитрий Тихонов, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Толстяков о.д.а. кыттыыны ыллылар.
Гаврил Николаевич үлэ-хамнас торумнарын билиһиннэрэр дакылаатыгар манныктары бэлиэтээтэ:
‒ Быйылгы үөрэх дьыла Арассыыйаҕа биллэриллибит Уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит сылыгар саҕаланарынан уратылаах. Сыл устата араас хабааннаах уонна ис хоһоонноох дьаһаллар Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, улуус, үөрэҕирии тэрилтэлэрин таһымнарыгар бара тураллар уонна салгыы ыытыллаллара былааннанар. 2024 сылга биһиги улууспутугар маҥнайгы оскуола тэриллибитин, онтон сиэттэрэн үөрэҕирии 150 сылын бэлиэтиэхпит. 1874 сыллаахха Ороссолуодаҕа Илин Хаҥалас улууһун киинигэр биир кылаастаах училище аһыллыбыта. Кыым саҕыллан күн бүгүн улууска 36 оскуолаҕа, 20 уһуйааҥҥа, 3 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр оҕолорбут үөрэнэллэр, үүнэллэр-сайдаллар.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥардыллыбыт федеральнай судаарыстыбаннай үөрэҕирии стандартарыгар уонна федеральнай үөрэҕирии бырагыраамаларыгар көһөбүт, бэлэмнэнии барбыта балачча буолла. Салайааччылар уонна педагогтар куурустарынан хабыллан үөрэннилэр. Ааспыт үөрэх дьылыгар улууспутугар 1192 учуутал, 327 иитээччи проблемнай, 139 учуутал, 115 иитээччи фундаментальнай куурустарынан хабылыннылар. Биридимиэттэр ис хоһоонноро биир халыыпка киирэринэн педагогтар үлэлиир бырагырамааларын хонтуруоллааһын күүскэ барыахтаах.
Арассыыйа үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов этэринэн история учебниктарын ис хоһоонун история учуутала эрэ билиэхтээх буолбатах, атын биридимиэт учууталлара бары бу учебнигы кытта билсэллэрэ ирдэнэр. Учебникка ордук ураты болҕомто аныгы историяҕа уурулунна,. Ол иһин хас биирдии педагог ону сөпкө сыаналыырын ситиһиэхтээхпит. Саҥардыллыбыт ФГҮөС быйылгы үөрэх дьылыгар хас биирдии оскуолаҕа тыйаатыр, мусуой уонна успуорт кулууба баар буолалларын ирдиир. Биһиги улууспутугар күн бүгүн паспордаммыт 4 оскуолатааҕы мусуой баар. Үгүс оскуолаларга баар мусуойлар, анал хостор, муннуктар Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола мусуойдарын реестрдэригр киириэхтээхтэр.
Ааспыт үөрэх дьылын түмүгүнэн 398 выпускник биир кэлим эксээмэни туттарбытыттан географияҕа, английскай тылга уонна саха тылыгар эрэ 100 бырыһыан түмүгү ситистибит. Нуучча тылыгар, литератураҕа, базовай математикаҕа 90 бырыһыан тахсыбыт буоллахпытына атын биридимиэттэр көрдөрүүлэрэ 60‒80 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Саҥа үөрэх дьылыгар бу көрдөрүүлэрбитин тупсарар сорук турар”, ‒ диэтэ.
Бу күн үлэ бастыҥнара бэлиэтэннилэр, наҕараадалары туттулар. “Российскай Федерация үөрэҕин эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ» аат Хаатылыматтан Валентина Дмитриеваҕа, Мэлдьэхситтэн Ольга Дьяконова, В.П.Ларионов аатынан Майа оскуолатыттан Елена Ильинаҕа, Хаптаҕайтан Светлана Кокореваҕа, Аллараа Бэстээхтэн Татьяна Кулаковская‒Петроваҕа, үөрэх управлениетын сүрүн исписэлииһигэр Мария Ларионоваҕа, Ф.Г.Охлопков аатынан оскуолаттан Лаврентий Романовка, Дьабыылтан Раиса Романоваҕа, Бэдьимэттэн Луиза Харитоноваҕа, “Российскай Федерация оҕону уонна ыччаты иитии эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ» бочуоттаах аат үөрэтэр-производственнай киин дириэктэри үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Мария Борисоваҕа, Төҥүлүттэн Василий Эверстовка, «СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ” аат Майаттан Розалия Васильеваҕа, “СӨ үөрэҕириитин туйгуна” аата Сардана Аввакумоваҕа, Лина Марковаҕа, Алтан Ия Негнюроваҕа, “Учууталлар учууталлара” Павловскайтан Надежда Бурнашеваҕа, Наахараттан Рая Кычкинаҕа, Бэдьимэттэн Екатерина Поповаҕа, Быраматтан Николай Соловьевка, Балыктаахтан Галина Сотниковаҕа иҥэрилиннэ.