Ыччаттарга өрөспүүбүлүкэҕэ култуура уонна успуорт сүлүөтүгэр ‒ иккис

Атырдьах ыйын 17-19 күннэригэр Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр М.К.Аммосов Куубагар ыччаттарга өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура уонна успуорт сүлүөтэ ыытылынна.

Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Амма, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи улуустарыттан тоҕус хамаанда кэлэн уопсайа 150-тэн тахса киһи кыттыыны ыллылар. Биһиги улуустан 23 ыччат дэлэгээссийэ буолан хамаанданы билиһиннэрии, патриотическай ырыа, успуорт күрэхтэһиилэригэр, сэминээрдэргэ, доҕордоһуу киэһэтигэр ситиһиилээх кыттыыны ыланнар түмүгэр бочуоттаах иккис миэстэҕэ таҕыстылар. Хамаанданы социальнай бэлиитикэ салалтатын салайааччыта Октябрина Кулешова салайан илдьэ сырытта. Бастакы миэстэ Нам улууһун Хамаҕатта, иккис Мэҥэ Хаҥалас улууһун, үһүс Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин хамаандалара тахсан бары өртүнэн кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Бу курдук эдэр ыччат чөл олоҕу тутуһан, өй-санаа, эт-хаан өртүнэн сайдан төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолалларыгар ананар сүлүөт өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста.

 

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата