#Всейсемьей
Өрөбүлгэ уолбунуун Афанасийдыын дьоллоох Дьокуускайга наадаларбытынан киирбиппит.
Айаннаан кэлээт улахан сиэним Александр төрөөбүт күнүгэр түбэһэн дьиэлэригэр ыалдьыттаатыбыт. Хос сиэммин көтөхтүм, сыллаатым, ахтылҕаммын таһаардым. Оҕолорум остуоллара тобус-толору, сиэн кийиитим Оленька түргэн-тарҕан туттуулаах, наһаа үөрүнньэҥ, кэрэ хаһаайка, бииртэн биир аһы буһаран таһааран иһэр. Минньигэс астаах остуолга тото-хана аһаан баран аны куорат биир уһугар олорор сиэммэр Марина-Янаҕа тиийэн кэһии биэрэн таҕыстыбыт. Үс өттүттэн үөрүүбүт үрдэ суох.
Бу ааһан эрэр сыл биһиги аймахха элбэх үөрүүнү аҕалла, миэхэ хос сиэни бэлэхтээтэ.
Оҕолорбор саҥа үүнэр 2024 сылга чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, баҕа санаалара олоххо киирэригэр, үлэҕэ-хамнаска ситиһиини баҕарабын.
Марелла Баишева.