Алтынньы 1 күнүгэр «Парус» успуорт уораҕайыгар «Саҥа сезон арыллыыта» диэн волейболга бастакы улахан күрэхтэһии буолан ааста.
Бу үөрэх сылыттан улууспут волейболга старшай тириэньэрэ, өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар оонньооччута Айаал Гаврильевич Аргунов оҕолору, улахан дьону дьарыктаан үлэтин саҕалаабыта тута биллэн эрэр диэххэ сөп. Эдэр, талааннаах исписэлиис былааннаах хамсааһыны таһааран эрэрин кэрэхсиэх эрэ тустаахпыт.
Ол курдук, саҥа сезону арыйар турнирга дьахталларга, эр дьоҥҥо 12-лии, барыта 24 хамаанда кэлэн күөн көрүстүлэр, норуот саамай таптыыр оонньуутун – волейбол улахан бырааһынньыгын бэлэхтээтилэр. Күүтүллүбүтүн курдук, элбэх ахсааннаах хамаанда кэлэн, үс сааланан хатыйсыылаах киирсиилэр буоллулар. Улахан дьону кытта тэҥҥэ 2009-2010 сыллаах төрүөх оскуола оҕолоро сотору кэминэн Лоомтукаҕа буолуохтаах өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэ таарыйа оонньоон уопут ылыннылар.
Финал түөрт гыммыт бииригэр кыргыттарга Аллараа Бэстээх (капитан Анастасия Баишева), Майа-3 (Лена Кугунурова), Бэдьимэ (Сардаана Баянакова), Чыамайыкы (Нарыйа Илларионова), Майа-1 (Дария Владимирова), Транспортнай техникум (Сардаана Прокопьева), Мэҥэ-45 (Айна Попова), Матта (Вилюяна Ильина) суруллубут бэрээдэгинэн сирэй көрүстүлэр. Онтон финалга үс тыҥааһыннаах партия түмүгүнэн кыайыылааҕынан Бэдьимэ, иккис миэстэ Матта, үһүс миэстэ Майа-1 буоллулар. Улуус сүүмэрдэммит хамаандатын кыргыттара араас хамаандаларга оонньооннор, уопсай күрэхтэһии күүрээнин тэҥнээн биэрдилэр. Манна махтана ааттыахха наада билигин да бэрт үчүгэй таһымнаахтык оонньуу сылдьар, тус бэйэлэринэн холобур буолар улууспутун араас сылларга үрдүктүк ааттаппыт оонньооччуларбытын: Чыамайыкыттан Оксана Куприянованы, «Майа-3» хамаандаттан Лена Васильеваны, «Мэҥэ-45» хамаандаттан Айна Попованы, Алена Федорованы, Татьяна Сентизованы, Александра Яковлеваны, Анастасия Аргунованы, Лена Игнатьеваны уонна Марина Степанованы.
Уолаттарга «плэй-оффка» Хара (капитан Юрий Афанасьев), Нуораҕана (Семен Аммосов), Бэдьимэ (Артем Готовцев), Төҥүлү (Леонид Баишев), «Фаворит-Строй» (Алексей Тастыгин), Матта (Петр Кычкин), Транспортнай техникум (Игорь Сидоров), Чыамайыкы (Ньургун Анисимов) тахсыбыттарыттан бэрт кыралыынан сыыйыллан биир-биир туораан испиттэрэ. Ол түмүгэр Мэҥэттэн төрүттээх ыччаттар «Фаворит-Строй» кулууптара бастакы, Хара уолаттара иккис, Бэдьимэ үһүс үктэллэргэ таҕыстылар.
Алтынньы ый ортотуттан улуус устуоруйатыгар аан маҥнайгытын хас биирдии нэһилиэк оҕолорун, ыччаттарын, энтузиастарын көтөр мээчик тула түмэр сыаллаах тиһигин быспат лига саҕаланар. Хас биирдии нэһилиэк баһылыга, успуорка инструктордар, ыччат лиидэрдэрэ, оскуола салалтата күрэхтэһии суолтатын өйдөөн, туора турбакка, бэйэлэрин хамаандаларын туруоран, успорт сааланан, транспорынан, экипировканан хааччыллыы өттүгэр өйүөх тустаахтар.
Бары биир санаанан, өйбүтүн-сүрэхпитин түмэн, волейболбутун сайыннарыаҕыҥ диэн ынырабыт!
Татьяна Иванова,
улуус сүүмэрдэммит хамаандатын тириэньэрэ.